Ханнык оскуола үөрэнээччилэрэ биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарбыттара билиннэ

Share

Ыам ыйын 26 күнүгэр география, химия, литэрэтиирэ биир кэлим эксээмэнин туттарбыттартан 11 оҕо 100 баалы ылла. Ханнык оскуола үөрэнээччилэрэй?

СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин Саха сиринээҕи үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин дириэктэрин солбуйааччы Таисия Иванова иһитиннэрбитинэн, бу 4 улуус уонна Дьокуускай куорат уокуругун үөрэнээччилэрэ буолаллар. «Литэрэтиирэ эксээмэнигэр Юлия Тюрюмина (Алдан лиссиэйэ), Анна Невская (Уус Маайа оскуолата), София Евстратова (Мииринэйдээҕи 12-с нүөмэрдээх оскуола), Елизавета Граф (Мииринэйдээҕи 23-с нүөмэрдээх оскуола), Мария Савкина (Нерюнгри 1-кы нүөмэрдээх гимназията), Дарина Тимофеева (В.П.Ларионов аатынан физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй), Полина Евсеенко (Дьокуускай куораттааҕы лиссиэй), Анна Будищева (Д.Х.Скрябин аатынан Жатай 2-с нүөмэрдээх оскуолата), химияҕа Илья Манохин (Нерюнгри 2-с нүөмэрдээх гимназията), Екатерина Цивилева (Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия), Владислав Алексеев (Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт) муҥутуур үрдүк баалы ыллылар.
Бу иннинээҕи сылларга химияны, литэрэтиирэни 100 баалга туттарбыт оҕолор бааллара. Кэлин оҕолор таһымнара үрдээтэ, өйтөн суруйуулара тубуста. Салгыы ситиһиилэри күүтэбит», — диэн дириэктэри солбуйааччы эттэ.
Манна даҕатан эттэххэ, былырыын литэрэтиирэҕэ 8 үөрэнээччи, химияҕа 3 үөрэнээччи 100 баалга туттарбыттара.

Ил Дархан дьаһалынан Саха АССР 100 сылынан эксээмэннэрин 100 баалга туттарбыт оҕолорго  100 тыһ. солк. туттарыллар. Быйыл үтүө көҕүлээһин 100 бааллаах оҕону бэлэмнээбит учууталлар эмиэ ылыахтаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago