Ханнык сибэккини бэлэхтиибит?
Билии күнэ бу тиийэн кэллэ. Төрөппүттэр үгүстэрэ оҕолорун саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнээбит эбит буоллахтарына, бу күннэргэ өссө биир толкуйга сылдьаллара саарбаҕа суох – ханнык сибэккини бэлэхтиир.
Ким эрэ маҕаһыынтан атыылаһар, ким эрэ бэйэтин тэлгэһэтигэр үүммүтү үргээн бэлэхтиир. Эспиэрдэр туох санаалаах эбиттэрий?
Куйаар ситимиттэн суолталаах, олохтоох өртүн ылан көрдөххө, учууталлар Билии күнүгэр сибэкки дьөрбөтө саамай тоҕоостоох диэн бэлиэтииллэр эбит. Ол эрээри, суумата оҕо дьиэ кэргэнин кыаҕар сөп түбэһиэхтээх дииллэр. Пион, астра, георгин, гладиолус курдук сибэккилэри, кыахтаах түгэннэригэр розаны бэлэхтиэхтэрин сөп дэһэллэр. Билигин сибэкки маҕаһыыннарыгар уһуннук турар, бытархай сибэккилээх, “сухоцветтар” араастара бааллар.
Сибэкки өҥүгэр туспа болҕомто ууруллуохтаах эбит. Холобур, учууталга кыһыл розаны бэлэхтиир соччото суох диэн этэллэр. Аны олус сытыы сыттаах сибэккилэри ылымаҥ диэн сүбэлииллэр.
Сорохтор сибэккини таһынан кыра бэлэх туттарааччылар. Эр дьоҥҥо сибэкки бэлэхтиир эмиэ соччото суох курдук буолааччы. Толкуйга түһэ сылдьар төрөппүттэргэ бу курдук өйүктэр (идея) бааллар: кэнсэлээрийэ тэрилэ, кырасыабайдык сууламмыт минньигэс, күннүгү сурунар блокнот, кинигэ, кыра хартыына, чэй эбэтэр кофе нобуора, остуолга ууруллар үйэлээх халандаар, уруучукалаах, флешкалаах нобуор, о.д.а. олус сыаната суох өйдөбүнньүк бэлэх барсар.
Бэлэх бэлэҕинэн, ол эрээри, 3 тыһ. солк. сууматтан таҕыстаҕына, сокуон хараҕынан бэригинэн ааҕылларын умнумаҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: