Ханнык сибэккини бэлэхтиибит?

Share

Билии күнэ бу тиийэн кэллэ. Төрөппүттэр үгүстэрэ оҕолорун саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнээбит эбит буоллахтарына, бу күннэргэ өссө биир толкуйга сылдьаллара саарбаҕа суох – ханнык сибэккини бэлэхтиир.

Ким эрэ маҕаһыынтан атыылаһар, ким эрэ бэйэтин тэлгэһэтигэр үүммүтү үргээн бэлэхтиир. Эспиэрдэр туох санаалаах эбиттэрий?

Куйаар ситимиттэн суолталаах, олохтоох өртүн ылан көрдөххө, учууталлар Билии күнүгэр сибэкки дьөрбөтө саамай тоҕоостоох диэн бэлиэтииллэр эбит. Ол эрээри, суумата оҕо дьиэ кэргэнин кыаҕар сөп түбэһиэхтээх дииллэр. Пион, астра, георгин, гладиолус курдук сибэккилэри, кыахтаах түгэннэригэр розаны  бэлэхтиэхтэрин сөп дэһэллэр. Билигин сибэкки маҕаһыыннарыгар уһуннук турар, бытархай сибэккилээх, “сухоцветтар” араастара бааллар.

Сибэкки өҥүгэр туспа болҕомто ууруллуохтаах эбит. Холобур, учууталга кыһыл розаны бэлэхтиир соччото суох диэн этэллэр. Аны олус сытыы сыттаах сибэккилэри ылымаҥ диэн сүбэлииллэр.

Сорохтор сибэккини таһынан кыра бэлэх туттарааччылар. Эр дьоҥҥо сибэкки бэлэхтиир эмиэ соччото суох курдук буолааччы. Толкуйга түһэ сылдьар төрөппүттэргэ бу курдук өйүктэр (идея) бааллар: кэнсэлээрийэ тэрилэ, кырасыабайдык сууламмыт минньигэс, күннүгү сурунар блокнот, кинигэ, кыра хартыына, чэй эбэтэр кофе нобуора, остуолга ууруллар үйэлээх халандаар, уруучукалаах, флешкалаах нобуор, о.д.а. олус сыаната суох өйдөбүнньүк бэлэх барсар.

Бэлэх бэлэҕинэн, ол эрээри, 3 тыһ. солк. сууматтан таҕыстаҕына, сокуон хараҕынан бэригинэн ааҕылларын умнумаҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

19 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago