Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа ыҥыраллар

Share

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барыан баҕалаах гражданнар ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр буолуохтаахтар: 18 саастарыттан үөһэ үчүгэй доруобуйалаах уонна физическэй бэлэмнээх уолаттар, диэн Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пууҥҥа иһитиннэрдилэр.

Оборуона министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсибиттэргэ 1 мөлүйүөн 700 тыһыынча солкуобайтан итэҕэһэ суох биир кэмнээх харчы төлөнөр, итинтэн 400 тыһыынча солкуобай – Оборуона министиэристибэтиттэн, 1 мөлүйүөн 300 тыһыынча солкуобай – Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн уонна эбии төлөбүрдэр муниципальнай тэриллиилэртэн. Анал байыаннай дьайыы зонатыгар сулууспалааччыларга ый ахсын  400 тыһыынча солкуобай бэриллиэн сөп.

«Ону тэҥэ биһиги байыастарбытыгар араас социальнай өйөбүллэр көрүллэллэр, холобур, байыастарга уонна кинилэр оҕолоругар ВУЗ-тарга уонна ССУЗ-тарга анал миэстэлэр, уочарата суох оҕо уһуйааныгар оҕону ылыы уонна усунуос төлөбүрүттэн босхолооһун, сайыҥҥы чэбдигирдэр лааҕырдарга босхо сынньаныы көрүллэр. Ону тэҥэ Оборуона министиэристибэтин кытта дуогабар түһэрсибит гражданнар 10 мөлүйүөн солкуобайга диэри иэстэриттэн босхолонуохтарын сөп», — диэн суумүрэдиир пууҥҥа иһитиннэрдилэр. Сиһилии службапоконтракту14.рф  саайтка киирэн билсиэххэ сөп, эбэтэр төлөпүөнүнэн эрийэн: 8 (4112) 32-10-40, 8 (924) 166-13-93, ону тэҥэ сүүмэрдиир пууҥҥа тиийэн: Дьокуускай куорат – Сэргэлээх шоссе 11 км, 1 дь.; Нерюнгри куоракка  — Чурапчинскай улуусса, 33 куорпус, 3 дь.; Мииринэй куорат  — 40 лет Октября уулусса, 26 дь..

Пууннар бары 09:00-18:00 чааска диэри өрөбүлэ суох үлэлииллэр. Хантараагынан байыаннай сулууспа туһунан боппуруоһунан Саха сиригэр ыраах сытар оройуоннарын олохтоохторо олорор сирдэринэн байыаннай комиссариатка эбэтэр нэһилиэнньэлээх пуун дьаһалтатыгар билсиэхтэрин сөп, диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскиллээх

Үөһээ Бүлүү улууһугар ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 16 сүөһү, сылгы иититинэн дьарыгырар потребительскай…

17 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бу бээтинсэҕэ — «Коркин. Андаҕар» испэктээк

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын испэктээктэрин эккирэтэ сылдьан барыларын кэриэтэ олус сөбүлээн көрөбүт. Биир…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ оҕолору тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө үөрэтэллэр

Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Амма улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй 3-с…

47 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Дьокуускай куораттааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйата Кыайыы иһин бэйэтин көмөтүн киллэрэр

«ДоброVольцы» волонтердар хамсааһыннарын көрдөһүүтүнэн, Дьокуускай куорат территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын үлэһиттэрэ (бэрэссэдээтэл С.Б. Алексеева)  матырыйаал атыылаһан,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мохсоҕоллоох оскуолатыгар 450 миэстэлээх саҥа куорпус аһылынна

Тохсунньу 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Мохсоҕоллоох оскуолатын саҥа куорпуһун үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. 450 миэстэлээх…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка 59 саастаах эр киһи атыы-эргиэн киинин витринатыттан статуэтканы уорбут

Дьокуускай куорат полициятын 3 №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар биллибэт киһи 6 тыһыынча солкуобай суумалаах статуэтканы…

2 часа ago