Хантараак түһэрсибит байыастарга төлөбүр үрдэтиллибит сууманан төлөнүөҕэ

Share

Сулууспадыыр сирдэринэн хантараагы түһэрсибит мобилизациянан ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтарга да,  быстах сулууспалаахтарга да харчынан төлөбүр улааппыт кээйэминэн  төлөнүөҕэ.

Бу туһунан Дьокуускайдааҕы хантараагынан байыаннай  сулууспаҕа сүүмэрдиир пууҥҥа иһитиннэрдилэр. «Саха сиригэр байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибиттэргэ эрэгийиэннээҕи төлөбүр 900 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээбитэ. Ил Дархан Айсен Николаев атырдьах ыйын 31 күнүгэр туһааннаах Ыйаахха илии баттаабыта. Төлөбүр Дьокуускайдааҕы хантараагынан байыаннай  сулууспаҕа сүүмэрдиир пууҥҥа хантараагы түһэрсибит дьоҥҥо бэриллэр», — диэн Дьокуускайдааҕы хантараагынан байыаннай  сулууспаҕа сүүмэрдиир пуун инструктора, иккис ыстатыйа старшината Данил Мурашев иһитиннэрдэ. Кини итини сэргэ сэрии чаастарынан хантараак түһэрсэр түбэлтэтигэр Оборуона министиэристибэтин даннайдарыгар олоҕуран төлөбүр оҥоһуллуо диэтэ.

Онон Саха сиригэр РФ Оборуонатын министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсиигэ федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэн үп-харчы уопсай кээмэйэ 1,4 мөл. солк. буолуо. Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пуун Дьокуускай к.,Чепалов уулуссата, 23 аадырыска баар. Үлэлиир кэмэ: 9:00-18:00 ч. өрөбүлэ суох үлэлиир. Ону сэргэ 8 (4112) 32-10-40 эбэтэр 8 (924) 166-13-93 төл.  консультацияны ылыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

21 минута ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

36 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

51 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago