Айар эйгэҕэ саҥа аат кэлиитэ икки утарсар күүтүүнү аҕалар. Биир өттүттэн туох эрэ эрдэ көстүбэтэҕи аҕалыа диэн эрэл, утары өттүттэн баар таһымтан намыһах түмүгү көрөргө бэлэмнэнии. Бу күннэргэ киэҥ эйгэҕэ биллэ илик режиссер Никита Новгородов “Хапхаан” диэн ааттаах бастакы улахан бырайыагын сүрэхтээтэ. Туох ис хоһоонноох, ханнык таһымнаах уус-уран айымньы көрөөччүнү күүтэрий? “Хапхааны” көрдүм, ырытыаҕыҥ.
Киинэ оҥорор ыра санаалаах дьон бэрт уустук соругу туруоруналлар. Тоҕо диэтэххэ, киинэ оҥоруута уустугун таһынан, үп өттүнэн олус охсуулаах тэрээһин. Аан бастаан аҥаардас атастаргын көҕүлээн, “күүлэй” тэрийэн тугу эмэ оҥоруохха сөп. Ол эрэн, дьиҥнээх, үрдүк таһымнаах бырайыагы оҥорууга кэллэххинэ, дьону бэйэҥ ыра санааҕынан уматар дьоҕуруҥ, кырата суох үбү эбии буларыҥ — булгуччуллаах усулуобуйа. Никита Новгородов “Хапхаан” диэн ааттаах сценарийын олоххо киллэриитигэр Хаандыгаттан Дьокуускайга көһөрүгэр кыбартыыратын атыылаабыта киинэ сүрүн бүддьүөтэ буолбут. Манна ааптар кэргэнэ кэргэнигэр уопсай харчыларын барыыр баламат быһыыга алҕаабыта сөхтөрөр. Бу эмиэ Саха киинэтин сайдыытыгар баар көстүү. Чугас дьон өйөбүлэ суох талааны арыйыы уустук.
Ити курдук, 2017 сылтан толкуйдаммыт криминальнай кэмиэдьийэ бырайыагы оҥоруу саҕаламмыт. Сүрүн устуу баара-суоҕа 14 күн иһигэр оҥоһуллубут. Ааптар этэринэн, “итинтэн уһун кэмҥэ устарга үп тиийбэт этэ. Хата чопчу былааннаабыт болдьохпор устан, санаабыппын барытын ситиспитим”. Устар хамаандатын таҥыыта — туспа устуоруйа. Никита Новгородов “Айта” киинэҕэ “ардах хамаандатыгар” үлэлээбит. Киинэни көрбүттэр билэллэр “Айтаҕа” сэһэнэ быыстала суох саккырыыр ардах анныгар арыллар. Устуу кэмигэр сүүһүнэн туонна уу каадырга кутуллубута көстөр. Бу үлэҕэ эриллэ сылдьан Никита уһулуохтаах киинэтин бөлөҕүн таҥмыт. Бу үтүө дьаһаныы буолбут — киинэ устары сатыыр, уопуттаах дьон бырайыакка эриллибиттэрэ тута харахха быраҕыллар.
Новгородов “Хапхаанын” харса суох хайҕыыр төрүөт элбэх. Бастатан туран, сценарий ыпсарыыта астык. Саҕаланыаҕыттан түмүгэр диэри барыта өйдөнөр биир кэпсээн, сайдыыта суох быраҕыллыбыт дьоруойдар, салаалар суохтар, бары дьоруойдар бэрт хомоҕойдук хоһуллубуттар. Маннык киппэ оҥоһуулаах сценарий үчүгэй киинэ сүрүннүүр сүнньэ буолааччы. Иккиһинэн, монтаж үлэтэ мааны. Ааптар, туох да саарбаҕа суох, криминальнай кэмиэдьийэ классика буолбут киинэлэрин үгэргиир. Квентин Тарантино, Гай Ричи курдук бу жанр корифейдарыгар “Хапхаан” элбэх түгэҥҥэ күлэн сигэнэр, ону кытта майгынныыр монтаж ньыматын туттубут. Сэһэн ортотуттан быһа тардыыттан саҕалааһын, хас даҕаны сиргэ сайдар салаалары биир тыҥааһыннаах түгэҥҥэ түмүү уонна да атын монтаж ньымалара “Хапхааны” сүр тэтимнээх киинэ оҥороллор.
Саҥа киинэ үһүс астыннарар өрүтэ — устуу уонна өҥ оҥоруу (светокоррекция). Туруорааччы операторынан эдэр киинэ устааччы Андрей Егоров буолбут. Бу уол бэрт кэскиллээх оператор буолара билгэлэнэр. Кини Никандр Федоров бары бырайыактарын устубута, ону таһынан номнуо хас даҕаны саҥа бырайыакка кыттыбыта биллэр. Холобур, кэлэр сыл саҕаланыыта көстүөхтээх Николай Корякин “Тимир” диэн хартыынатын кини устубут үһү.
Уус-уран киинэ ис туругун биэриигэ туспа өҥүнэн кырааскалааһын улахан оруоллаах. Бу үлэни Александр Красновскай оҥорбут. Красновскай үгүс көрөөччүлэргэ документальнай киинэлэр ааптардара быһыытынан биллэр уонна туруорааччы операторынан Дмитрий Давыдов “Сайын ырыалара” киинэтигэр кыттыбыта. “Хапхаан” сыыппараҕа түспүт устуутун олус үчүгэйдик кинопленка өҥүгэр кубулуппут, этэргэ дылы, “дьиҥнээх курдук”. Олус үчүгэй, итэҕэтиини күүркэтэр үлэни туруорааччы худуоһунньук уонна көстүүм таҥааччы оҥорбуттар.
“Ураан” рок-бөлөх саунтрек суруйан киинэни туспа тыыннаабыттар. Ити курдук, каадыр кэннигэр үлэ үрдүк таһымнаахтык ааспыта астыннарар, Никита Новгородов күүстээх режиссер эбит диэн өйдөнөр. Ол эрэн…
Киинэни сүрэхтииригэр режиссер киин биир уратытынан “бу киинэҕэ 13 киһи артыыс быһыытынан дебюттаата!” диэн биллэрбитэ. Дьэ бу өттүгэр уустуктар бааллар. Биллэн турар, саха киинэтэ хара маҥнайгыттан идэтийбэтэх артыыстар үлэлэригэр олоҕурар. Билигин даҕаны Дмитрий Давыдов курдук улахан ааттаах режиссердар сүрүннээн идэтийбэтэх биир дойдулаахтарын киинэлэригэр усталлар.
Ол эрэн, “Хапхаан” кэпсиир устуоруйата биллэр киинэлэри үгэргиир кэмиэдьийэ. Бу курдук киинэҕэ артыыс идэтин толору баһыйбыт талааннаах артыыстар оонньуу сөптөөх таһымын биэриэхтэрин сөп. Онон олус үчүгэйдик суруллубут диалогтар сороҕор бэрт мөлтөхтүк бэриллибиттэр, күүркэтии, үгэргээһин түгэннэрэ санаммытын курдук табыллыбатахтара көстөр. Сатахха, икки эрэ нэдиэлэ иһигэр үлэ таайбыт быһыылаах — сөптөөх дубль уһуллуор диэри элбэх хат устуу итинник ыгым болдьоххо сатаммата чуолкай. Ол да буоллар, оонньуу таһыма сороҕор “доҕолоҥнуурун”, дьонун дьүһүнэ-бодото сөрү-сөпкө талыллыбыта син кистиир. Дьоруойдарын хараахтардара тас көрүҥнэриттэн холкутук ааҕыллар, бу чэпчэки ис хоһоонноох киинэҕэ олус туһалыыр эбит.
Мин куруук этэбин — киинэ үгүс уустук сатабыллары бииргэ түмэр бырайыак. Онуоха бары кыттааччылар оруолларын туйгуннук толордохторуна эрэ үлэ түмүгэ көрөөччүнү толору астыннарар. Онон, Новгородов кэлэр бырайыактарыгар артыыстары кытта үлэни өссө кичэллээхтик ыытыа диэн эрэнэ саныыбын.
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…
2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан, оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…