Салгыы
Хапкидонан ким баҕалаах дьарыктанар

Хапкидонан ким баҕалаах дьарыктанар

22.01.2023, 14:00
Бөлөххө киир:

Саҥа сылы көрсөөт, тохсунньу 1 күнүгэр Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри автопробег айаннаабытын туһунан хаһыаппытыгар сырдатан турардаахпыт. Хапкидо диэн ааспыт үйэ ортото Соҕуруу Кэриэйэҕэ айыллыбыт илиҥҥи охсуһуу ускуустубатын өрөспүүбүлүкэбитигэр сайыннарар уонна тарҕатар сыаллаах-соруктаах айан туһунан Саха сирин Хапкидоҕа федерациятын толорооччу дириэктэрэ, тхэквондист Гаврил Модестович Сивцев сэһэргээтэ.

– Тохсунньу 1 күнүгэр Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри айаҥҥа туруммуппут. Дэлэгээссийэбитигэр хапкидонан утумнаахтык дьарыктанар биэс киһи киирбитэ: Василий Васильевич Захаров, Мохсоҕол Ахсын Хаан Бэдьимэ Уола, Дьалаан Дьаҕыл Хаан Дьолуо Уола уонна Мохсоҕол Арыллан Мэлдьэхси Уола. Тимир көлөбүтүн икки киһи атастаһа сылдьан суоппардаабыта.

– Айаҥҥыт бастакы тохтобула ханна этэй? Бу хам­сааһыны кимнээх өйөөтүлэр?

– Бастакы күммүт киэһэтигэр Бүлүү улууһугар кэлбиппит. Чайнойга, сапыраапкаҕа киирдэхпит ахсын бииргэ үлэлэһэр тэрилтэбит – “Сахамедиа” холдинг таһаарар “Саха сирэ” уонна “Якутия” хаһыаттарын, халандаардарын хаалларан испиппит. Ол сылдьан бэлиэтии көрбүппүнэн, дьон хаһыаты интэриэһиргиир аҕай эбит. Биир чайнойга аһыы киирэн иһэн уонтан тахса хаһыаты уурбуппут. Онтон ас ылынан, остуолга олоруохпут икки ардыгар хаһыаттарбытын номнуо үллэстэн, бүтэрэн кэбиспит этилэр. Дьон чэйдии-чэйдии хаһыат ааҕа олороро көрүөххэ астык этэ. Бэл, Эдьигээҥҥэ айаннаан иһэр суоппар дойдубар илдьэ барыам этэ диэн, балай да хаһыаты ылан хаалбыта.
Маны сэргэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр успуорт бу көрүҥэ сайын­нын диэн тустаах айаны «Автоэксперт» автосервис, «Автолавка» маҕаһыын уонна урбаанньыт Автандил Григорян “ГАС” маҕаһыына өйөөбүттэрэ улахан суолталаах.

– Хапкидо туһунан айан дьоно интэриэһиргээтэ дуо?

– Массыынабытыгар тэриллиэхтээх федерациябыт бэлиэ­тин, хаһыаттар логотиптарын, биһигини өйөөбүт дьон, тэрилтэ ааттарын наклейка оҥорторон сыһыарбыппыт. Улуустар быысаһыыларыгар хайаатар даҕаны тохтоон сирбитин аһатан испиппит. Айан дьоно массыынабытын интэриэһиргээн тохтоон, “Кимнээххитий?” диэн ыйыталаспыттара, хаартыскаҕа түһэрэн ааспыттара. Онон бу көрүҥҥэ дьон-сэргэ ортотугар интэриэс баар эбит диэн санаа кэллэ. Ол эрээри, биллэн турар, хапкидо диэни истэн билбэттэр. Ону кэпсээн, быһааран, автопробегпыт сыалын билиһиннэрбиппит.

– Мииринэйгэ тиийэн туох тэрээһини ыыттыгыт?

– Хапкидо Арассыыйатааҕы федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ, аттестационнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Глеб Покровскай кэлэн барда. Кини сэминээр оҥордо, тириэньэрдэргэ аттестация ыытан, хапкидо курдарын ыллыбыт.

Хапкидо киһи ыксал­лаах быһыыга-майгыга бэйэтин көмүскэнэригэр үөрэтэр көрүҥ, ол эрээри охсуһуу философия­лаах диэн буолбатах. Бу көрүҥүнэн физическэй дааннайыттан, сааһыттан тутулуга суох ким баҕа­лаах бары дьарыктаныан сөп.

Мииринэйгэ 22 чаас айан­наан, тохсунньу 2 күнүн киэһэтигэр тиийбиппит. Глеб Покровскай эмиэ ол күн кэлбитэ. Сарсыҥҥы күнүттэн дьарыкпытын саҕалаабыппыт. Отут киһи интэриэһиргээн сырытта. Мииринэй оҕолорун кытта Дьокуускайтан айаннаан тиийбит биһиги биэс киһи уонна Мииринэйтэн икки тириэ­ньэр – “АЛРОСА” хампаанньа “Олимп” усупорт комплексыгар үлэлиир, тхэквондо тириэньэрэ Виктория Казарина, Мансур диэн ММА тириэньэрэ үөрэнээччитиниин, ону таһынан, икки төрөппүт сырытта.

– Федерация тэриллиитин боппуруоһа хайаста?

– Билигин Арассыыйа хапкидоҕа федерацията дойду 59 эрэгийиэнигэр федерациялаах, хас эрэгийиэн аайы аттестационнай хамыыһыйалаах. Онон биһиэхэ эмиэ бу ирдэбилгэ эппиэттэһэр дьон баар буолан, хамыыһыйа тэриллиэхтээх.

Федерация тэриллиитин боппуруоһа бара турар. Билигин тустаах биэдэмистибэлэргэ консультацияны ааспыппыт. Сокуоҥҥа туох ирдэнэринэн үлэ ыытыллар.

– Онтон салгыы туох үлэни ыытар былааннааххытый?

– Мин Дьокуускайга Лермонтов аатынан уулусса 42 нүөмэрдээх дьиэтигэр баар Единоборстволар кииннэригэр саалалаахпын. Онно нэдиэлэҕэ иккитэ баҕалаах дьону хапкидоҕа дьарыктыам. Ахсын Хаан Автодорожнай уулусса 32/1 №-дээх дьиэтигэр “Куйах” ус­­пуорт саалатыгар дьарыкка ыҥырар.

Эһиил өрөспүүбүлүкэҕэ күрэхтэһии тэрийэр былаан­наахпыт.

ХАПКИДО ТУҺУНАН

Хапкидо ааспыт үйэ ортото Соҕуруу Кэриэйэҕэ айыллыбыт илиинэн охсуһуу систиэ­мэтинэн, илиҥҥи охсуһуулар тыһыынчанан сылларга муспут уопутун түмэр охсуһуу ускуус­тубатынан буолар. Онон үгүс дойдуга – Кэриэйэҕэ, Кытайга, Америка Холбоһуктаах Штат­тарыгар, Канадаҕа, Бра­зилияҕа, Испанияҕа, Герма­нияҕа уонна Францияҕа быраабы араҥаччылыыр уорганнар дьарыктанар, бэйэлэрин харыстаналларыгар туһанар көрүҥнэрэ эбит.

Тхэквондоҕа атаҕынан киирсэр буоллахтарына, хапкидоҕа үксүгэр илии­нэн охсуһаллар. Ол эрээри, ик­­киэн “аймахтыы” көрүҥнэринэн буолаллар. Хапкидоҕа атаҕынан тэбии тхэквондоттан, оттон тхэквондоҕа илии тиэхиньикэтэ хапкидоттан киирэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсибиттэр.

Хапкидо тиэхиньикэтигэр илиинэн, атаҕынан, тоҥолохторунан, тобуктарынан, төбөлөрүнэн, аһаҕас уонна сабыылаах ытыһынан, тарбахтарынан охсуһуу, ыарыы­лаахтык эрийэ тутуу, бырахсыы киирэр.

Манна биэс түһүмэҕинэн арахсан күрэхтэһиэххэ сөп: спарринг, хосинсуль, фристайл, оружиенан тиэхиньикэни көрдөрүү, хамаанданан шоу. Барытыгар хайаан даҕаны кыттаҕын диэн буолбатах. Биир эрэ көрүҥү талан, тугу сатыыргын судьуйаларга көрдөрөн күрэхтэһиэххин сөп. Ол иһин, хапкидо тхэквондотааҕар элбэх киһини хабар, маассабай көрүҥ буолуон сөп.

Дьулустаан СЕРГЕЕВ хаартыскаҕа түһэриитэ,
Гаврил Сивцев тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: