Хаппахчы туос сирэйэ 1,3 мөлүйүөн солкуобайга атыыланна

Хаппахчы туос сирэйэ 1,3 мөлүйүөн солкуобайга атыыланна

26.09.2024, 13:19
Ангелина Васильева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

«Симэх» норуот уус-уран айымньытын киинин иһинэн Үрдүк уус-уран оҥоһук пуондата (Фонд эталонных изделий) тэриллибитэ. Манна 360-тан тахса мас, муос, туос, туой, кыл, тимир оҥоһуктар бааллар. Балаҕан ыйын 25 күнүгэр норуот маастардарыгар оҥоһуктарын пуондаҕа ылалларын туһунан туоһу суругу туттарыы сиэрэ-туома буолбута.

Ангелина Васильева түһэриитэ.

Саамай сыаналаах оҥоһугунан хаппахчы туос сирэйэ буолбута. Бу оҥоһугу 1,3 мөлүйүөн солкуобайга бырабыыталыстыба атыылаһан, маастар Николай Ефимовка сэртипикээтин туттардылар.

Норуодунай уус-уран оҥоһук маастара Николай Ефимов Абыйтан төрүттээх, тутааччы-инженер идэлээх, туоһунан дьарыктаммыта 5 сыл буолбут. Туоһун бэйэтэ бэлэмниир. Кини Борис Неустроев-Мандар Уус кинигэтигэр хаппахчы ойуутун көрөн баран, туох баар былыргы ирдэбиллэрин, кээмэйдэрин тутуһан, 6 ыйтан ордук кэмҥэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээн, оҥорбут. Манна кэргэнэ көмөлөспүт.

Хаппахчы сирэйэ сүүстээх, икки иэдэстэрдээх уонна ааннаах, ол эбэтэр, түөрт чаастан турар. Аан ис-тас өттө уран оһуорунан, алтан чуорааннарынан киэргэтиллибит, эргиттэххэ, ис өттө эмиэ ойуулаах. Оҥоһук туостан, кылтан, сиэлтэн, оҕуруоттан, иҥииртэн, сүлүүдэттэн, барыта айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуллубут.

Бу ойуутун-мандарын барытын иҥиир сабынан уонна кылынан тикпит. Сүрдээх кэрэ, сиэдэрэй көстүүлээх. Ол да иһин «үрдүк уус-уран оҥоһук» (эталонное изделие) диэн ааттанан, талыллан, үйэ-саас тухары судаарыстыба хараллыытыгар киирдэҕэ. Кэнэҕэһин да үүнэр көлүөнэ дьон «сахалар дьиэлэрин-уоттарын маннык ураннык киэргэтэр этилэр» диэн көрө-истэ сылдьыахтара турдаҕа.

— Мин өбүгэлэрбит үөрүйэхтэрэ, сатабыллара сүтүө суохтаах дии саныыбын. Ол иһин бэйэм тугу сатыырбын дьоҥҥо тиэрдэбин, үөрэтэбин. Маастар-кылаастары ыытабын, 200-тэн тахса киһини үөрэттим. Онлайн-көрүҥүнэн маастар-кылаастары эмиэ ыытабын. Туос иһити тигэргэ үөрэтэбин. Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ салалтата норуот уус-уран оҥоһуктарын эйгэтин, маастардары өйүүрүн биһириибин, — диэн кини этэр.

Санатар буоллахха, Саха сиригэр 294 киһи «СӨ норуотун маастара», 670 киһи «СӨ норуодунай уус-уран оҥоһугун маастара» ааты сүгэллэр. 57 урбаанньыт, 82 бэйэ дьарыктаах дьон, 113 маастардар түмсүүлэрэ үлэлииллэр. 

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: