Номнуо сэтинньигэ үктэнэн эрэбит. Быйыл халлаан сылаас туран, дьон хаппыыстатын дьэ хото бэлэмнэнэн эрэр. Манан сибээстээн хаппыыстаны хаһааныыга тэттик сүбэлэрбититтэн үллэстэбит.
— Сорохтор хаппыыстам үлүйбүт диэн баран быраҕан кэбиһэллэр. Тоҥмут хаппыыстаны хайдах ириэрэбит? Төгүрүк хаппыыстаны хас да хос хаһыакка сууланар уонна сөрүүн сиргэ муостаҕа ууруллар. Хаппыыста сыыйа ирэн чөлүгэр түһэр. Маннык хаппыыста уулаах астарга (мииҥҥэ, хортуоппуйдаах соркуойга), голубцыга ордук барсар. Сылаас сиргэ эбэтэр микроволновкаҕа ириэрдэххитинэ уута бычылыйан тахсан, хаппыыста ньалбаччы баран хаалыаҕа.
— Сибиэһэй хаппыысталаах салаат оҥороргутугар туустаан баран аалар курдук илиигитинэн булкуйуҥ. Бу кэмҥэ кыратык үрүҥ арыгы куттаххытына, хаппыыста ураты амтаннаныа.
— Хаппыыстаны тууһуурга уонна аһытарга мап-маҥан чиҥ хаппыыстаны ылар ордук. Аһытарга моркуоп кутар табыгастаах.
Туох ирдэнэрий: хаппыыста — 1 улахан, моркуоп — 2 устуука, сүбүөкүлэ — 1 устуука, укуруоп — ытыс аҥаара, туус.
Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны уһун синньигэс, моркуобу, сүбүөкүлэни түөрт муннуктуу кырбыыбыт, укуруобу бөдөҥ гына бысталыыбыт. Барытын эмалированнай иһиккэ кутан баран туус эбэн уута-хаара тахсыар диэри буккуйабыт. Онтон хаппахтаан баран ыарахан ыйааһынынан баттатабыт. Сылаас сиргэ быһа холуйан 3 күн туруорабыт (итинтэн элбиэн сөп). Хаппыыстабыт бэлэм буолбутун хаппаҕын үрдүгэр бычылыйан тахсыбыт уутун амсайан бэрэбиэркэлиибит. Аһыйбыт (кислай) амтаннаах буоллаҕына — ол аата бэлэм. Уутун ыган, биирдии кутууга сөп буолар төгүрүктэри оҥорон тоҥортуубут.
Туох ирдэнэр: хаппыыста — 1 киилэ, дьаабылыка — 200 кыраам (аһыы-минньигэс), саахар — кыра ньуоска, туус — кыра ньуоска аҥаара.
Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны уһун синньигэс гына, дьаабылыканы кичэйэн сууйан баран хахтаабакка түөрт муннуктуу эбэтэр бөдөҥ өлүүлэринэн кырбыыбыт. Эмалированнай иһиккэ хаппыыстаны кутан баран туус, саахар эбэн илиибитинэн кичэйэн булкуйабыт уонна чаас аҥаара туруора түһэбит.
Хаппыыстаҕа дьаабылыка кутан булкуйабыт уонна үрдүгэр тэриэлкэ ууран баран ыйааһынынан баттатабыт. Маннык үс-түөрт күн сылаас сиргэ туруорабыт. Күүгэннирэн таҕыс-
таҕына ньуосканан баһан иһэбит уонна кэмиттэн-кэмигэр хаппыыстаҕа дьөлөҕөс оҥоробут. Бэлэм буолла диэтэхпитинэ, оргуйбут бааҥкаларга кутан, тымныы сиргэ уурабыт.
Туох ирдэнэр: хаппыыста — киилэ аҥаара, моркуоп — 300 кыраам, минньигэс биэрэс — 300 кыраам, луук — 300 кыраам, мас арыыта — 150 мл, саахар — 100 кыраам, туус — остол. ньуоска аҥаара, уксус — 70–100 мл (9%).
Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны, биэрэһи уһун синньигэстик, луугу бытархай гына кырбыыбыт, моркуобу бөдөҥ гына түөркэлиибит. Бэлэм оҕуруот аһын ыраас эмалированнай иһиккэ кутан баран арыы, уксус, саахар, туус эбэн булкуйабыт уонна уута тахсарын туһугар икки чаас курдук хаппахтаан дьиэҕэ уурабыт.
Икки чааһынан бэлэм салааты оргуйбут бааҥкаларга кутан үрдүгэр хаппаҕынан саба ууран баран, сылаас уулаах миискэҕэ анныгар таҥас тэлгээн чаас аҥаара курдук оргутабыт. Уу бааҥкалар улахан аҥаардарынан буолуохтаах. Бааҥкалары таһаараат тута хаппахтарын эрийтэлиибит уонна сойуор диэри дьиэҕэ туруорабыт онтон сөрүүн сиргэ көһөрөбүт.
Туох ирдэнэр: хаппыыста — 1,5 киилэ, помидор — 600 кыраам, минньигэс биэрэс — 600 кыраам, моркуоп — 600 кыраам, эриэппэ луук — 600 кыраам, саахар — 4 ост. ньуоска, туус — 2 ост. ньуоска, мас арыыта — 100 мл, уксус — 100 мл. (9%-наах), хара төгүрүк биэрэс — 10 устуука, лавровай лиис — 2 устуука.
Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны уһун синньигэс, биэрэһи, эриэппэ луугу бытархай гына кырбыыбыт. Моркуобу бөдөҥ гына түөркэлиибит, помидору түөрт муннуктуу кырбыыбыт.
Эмалированнай иһиккэ мас арыытын, луугу кутан 10 мүн. булкуйа-булкуйа буһарабыт. Салгыы помидор, биэрэс, хаппыыста, моркуоп кутан баран уотун саамай кыраҕа туруорабыт уонна ыга хаппахтыыбыт, кэмиттэн кэмигэр булкуйан 15 мүн. оргутабыт. Уута аҕыйах дии санаатахпытына оргуйар кэмигэр 100 мл уу эбэбит. Оргуйа турар оҕуруот аһыгар туус, саахар, лавровай лиис, биэрэс, уксус эбэн баран кичэйэн булкуйабыт уонна өссө 5 мүн. ыга хаппахтаан буһара түһэбит. Оҕуруот аһын итиилии, оргуйбут бааҥкаларга кутабыт уонна сөрүүн сиргэ ууран харайабыт.
Туох ирдэнэр: хаппыыста — 1,5 киилэ, помидор — 500 кыраам, минньигэс биэрэс — 500 кыраам (араас өҥнөөх), моркуоп — 300 кыраам, эриэппэ луук — 300 кыраам, сибиэһэй петрушка — биир тутум (ким сөбүлүүрүнэн), мас арыыта — 120 мл, уксус — 120 мл. (9%-наах), саахар — 100 кыраам, туус — 60 кыраам, лавровай лиис, хара аһыы төгүрүк уонна сыттаах биэрэс.
Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны, биэрэһи уһун синньигэс гына, помидору чараастык өлүүлэринэн, луугу салаакка сөптөөх, петрушканы бытархай гына кырбыыбыт, моркуобу кэриэй түөркэтигэр түөркэлиибит.
Бэлэм оҕуруот аһын улахан иһиккэ кутан баран саахар, туус, мас арыыта, уксус эбэн булкуйабыт. Ыга хаппахтаан буран чаас курдук туруорабыт, сүүрбэччэлии мүнүүтэ буола-
буола булкуйабыт. Оргуйбут бааҥкаларга кутабыт, үрдүгэр хайаан да уутун эбэбит, ортотугар сууллубут 1 лавровай лиис, үстүү биэрэс угабыт уонна хаппахтаан баран тымныы уу кутан чаас аҥаара курдук оргутабыт. Итиилии таһааран тута хаппаҕын ыга эрийэбит уонна таҥнары ууран сойутабыт. Сөрүүн сиргэ уура сылдьан сиибит.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…