Хапсаҕайга аан дойдутааҕы бастакы чөмпүйэнээт ыытылла турар
Бу күннэргэ Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтин киинигэр Бишкек куоракка хапсаҕайга аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытылла турар.
Көбүөргэ аан дойду 34 дойдутуттан 172 бөҕөс кыттар. Арассыыйа хамаандатыгар 24 спортсмен, олортон 15 саха спортсмена кыттар. Ону тэҥэ хамаанда састаабыгар Бурятияттан, Тываттан, Хакасияттан, Алтайтан уонна Татарстантан тустууктар киирбиттэрэ.
«Спорт Якутии» суруйарынан, хапсаҕайга 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа көрдөрүү маннык буолла:
1 миэстэ — Пантелеймон Николаев (Саха-Арассыыйа)
2 миэстэ — Егор Находкин (Саха-Арассыыйа)
3 миэстэ — Аким Куулар (Тыва-Арассыыйа), Родион Асканаков (Алтай-Арассыыйа)
65 кг:
1 миэстэ — Петр Константинов (Саха-Арассыыйа)
2 миэстэ — Сергей Николаев (Саха-Арассыыйа)
3 миэстэ — Кирилл Павлов (Саха-Арассыыйа), Беккасил Жангабай (Казахстан)
75 кг:
1 миэстэ — Тимур Николаев (Саха-Арассыыйа)
2 миэстэ — Иван Семенов (Саха-Арассыыйа)
3 миэстэ — Сангади Ульзетуев (Бурятия-Арассыыйа), Исламбек Орозбеков (Кыргызстан).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: