Хапсаҕайы көс олохтоохтор аан дойдутааҕы оонньууларын бырагырааматыгар киллэрэри былаанныыллар

Share

Саха сирэ хапсаҕайы көс олохтоохтор аан дойдутааҕы оонньууларын бырагырааматыгар киллэрэри көҕүлүүр.

Бу туһунан бэҕэһээ, балаҕан ыйын 25  күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников соторутааҕыта буолан ааспыт күрэхтэһиилэр түмүктэринэн иһитиннэрдэ.

Вице-премьер этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарарга үлэ тиһиктээхтик ыытыллар. Онно үүнэр көлүөнэни уһуйаллар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таһаарарга кыһамньыларын уураллар.

«Биһиги успуорт национальнай көрүҥнэрин — хапсаҕайы инникитин көс олохтоох омуктар аан дойдутааҕы бырагыраамаларыгар киллэрэр туһуттан, сайыннарарбыт наада», — диэн этэр Сергей Местников.

Бу улахан таһымнаах оонньууларыгар бэлэмнэнэргэ кэлим былааны оҥорор, онно спортсменнар күүстээх уонна мөлтөх өрүттэрин учуоттуур наадатын ыйда.

«Биһиги ааспыт сыллардааҕы күрэстэргэ болҕомтобутун ууран сиһилии ырытыахтаахпыт уонна үчүгэй түмүктэри ситиһэргэ чопчу сыал-сорук туруоруохтаахпыт. Бу күрэхтэһиигэ биһиги спортсменнарбыт үчүгэйдик кытыннылар. Спортсменнарбыт бэлэмнээхтэрин уонна кинилэр норуоттар икки ардыларынааҕы күрэскэ саҥа дабайыыларга дьулуурдарын көрдөрөр«, — диэн бэлиэтиир кини.

Санатар буоллахха, көс олохтоохтор V аан дойдутааҕы оонньууларыгар Саха сирин спортсменнара Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн кытыннылар. Кинилэр биэс көрүҥҥэ күрэхтэстилэр, ол иһигэр бырагыраамаҕа киллэриллибит  мас тардыһыыта эмиэ баар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Мария Горохова түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

4 часа ago