«Хапсыһыы» киинэ туһунан санааларым
Мин бу киинэни көрүөм иннинэ элбэх дьон ырыппыттарын, санааларын үллэстибиттэрин аахпытым. «Көрөрүм дуу, көрбөтүм дуу?» — диэн санаалар киирбиттэрэ. Онтон: » Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук!» диэн түмүккэ кэлбитим уонна дьэ көрдүм!
Көрөн баран сирбэтим — киинэ киинэ курдук! Бу Вячеслав Карпов биографията буолбатах, бу уус-уран киинэ! Мин санаабар, режиссёр сыалын сиппит! Кини сыала — арыгы хара дьайыттан тэмтэрийэн, сир-буор сирэйдэнэ сылдьыбыт эдэр киһи хойутаан да буоллар өйдөнөн, көнөр суолга үктэниитэ!
Арыгыһыт киһиэхэ муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан буоларын ама ким билбэтий? Иһэ-аһыы сылдьар кэмигэр киинэбит дьоруойа оруобуна оннук балаһыанньаҕа киирэр: төтөлө суох арыгылыыр, тугу саҥарарын, оҥорорун өйдөөбөт. Тоҕо? Туох баар кыһыытын-абатын, хомолтотун-курутуйуутун, ким туох диэн саҥарбытын өйдөөн кэлэр уонна
онтун таһаарар: маатыралыыр, үөхсэр, охсуһар, бэйэтэ саныырынан кырдьыгын була сатыыр! Ол киинэҕэ барыта көстөр уонна сүрүн оруолу оонньообут артыыс (режиссёр бэйэтэ) ону барытын кыайа-хото тутан көрдөрдө! Тустуук уол итинниккэ тиийбитигэр тулалыыр дьоно бары кэриэтэ буруйдаахтар: сорох табаарыстара, салайааччылар, көннөрү билэр-билбэт дьоно! Өскөтүн ити кэмҥэ кини аттыгар ыллыктаах тыллаах салайааччы, амарах аҕа, үтүө доҕор баар эбит буоллун?! Хомойуох иһин , биһиги оннугу көрбөтүбүт! Арыгыга охтубутугар хайдах эрэ бары киэр хайыспыт курдуктар. Арай биир комментатор итирик сытарын түбэһэ көрөн, тугу эрэ этэ, сүбэлии сатаата…
Егор Неймохов уонна Вячеслав Карпов кинигэлэрин аахпытым. Режиссёр Эр Санаа ити кинигэлэргэ тирэҕирбитэ көстөр.
Слава олоҕор сырдык аанньал курдук көстүбүт Таня уобараһа киинэҕэ бэрт кэмчитик да көһүннэр, уол арыгы астан аккаастанан көнө суолга турарыгар оруола улахан. Манна биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын: Кэрэчээнэ Туприна Таня оруолун бэркэ арыйда. Кини Славатын таптыыра, көмүскүүрэ-харыстыыра, үчүгэйгэ тарда сатыыра хас хамсаныытыгар,
аҕыйах тылыгар арылыччы көстөр! «Аҕыйах тыл минньигэс!» диэбит курдук!
Киинэҕэ Дмитрий Петрович Коркин оруола чаҕылхайдык көстүбэтэ. Артыыс ситэ арыйбата диэхпин баҕарабын. Биир кэм саҥата суох, нүһэр баҕайы киһи курдук көрдөрдүлэр. «Андаҕар» испэктээххэ Иннокентий Луковцев улуу тириэньэри хайдах курдук итэҕэтиилээхтик оонньообутун көрбүт буолуохтааххыт! Мин онно тэҥнии тутан көрдүм уонна олох астымматым.
Үгүс дьон киинэҕэ Слава тириэньэрин олбуоругар кэлэн айдаарбытын сөбүлээбэттэрин этэллэр. Итиниэхэ мин этэрим маннык: уол итирик буолан бэйэтин кыайан хонтуруолламмат, ол иһин мээнэ-мээнэ саҥарар. Сарсыныгар ити быһыытыттан улаханнык кэмсиммит буолуохтаах. Ити сыананы атыннык туруоруохха сөп эбитэ буолуо. Дмитрий Петрович саҥата суох дьиэҕэ киирэн хаалар. Кини Слава туох диирин тулуйан истэн баран, саҥата суох кууһан ылан түөһүгэр ыксары туппут буоллун! Быдан атын хартыына буолуо этэ дии саныыбын.
Сорох ырытааччылар киинэ кадрдара наһаа хараҥалар, туман курдуктар диэн этэллэр. Ити баар, ол эрэн ааспыт үйэ алта уонус-сэттэ уонус сылларынааҕы кэми билигин көрдөрөр олус уустук. Киинэни өҥнөөх, чаҕылхай гына устубуттара буоллар, көрөөччү ылынарыгар ыарахан буолуо этэ. Тустар көбүөртэн саҕалаан, бөһүөлэк, куорат көстүүтэ билигин олох атын. Урукку кэмнээҕини устарга анал киностудия баар буолара наадатын бары да өйдөөтөхпүт!
Вячеслав Карпов уола Павел Вячеславович киинэ туһунан санаатын үллэстибит видеотын көрдүм уонна сөптөөх түмүгү оҥорбутун хайҕыыбын. Киинэни наһаа быһа-хото кириитикэлээн, саҥа тахсан эрэр режиссеру Эр Санаа Ох Хотору хаҕыннаран кэбиһимэҥ! Итэҕэстэрин көннөрөн, сүбэлэри истэн, салгыы айарыгар-тутарыгар кыахта биэриэҕиҥ!
Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: