Хапытаалынай өрөмүөн дьиэктээх буоллаҕына: тугу гыныахха?

Share

Дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн дьиэ үрдэ тэстэр эбэтэр тымныы буоллаҕына, тугу гыныахха? Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ өрөмүөн хаачыстыбата суох ыытылыннаҕына, эппиэтинэһи ким сүгэрин туһунан СӨ тутууну, дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ управление салайааччыта Павел Аргуновы кытта кэпсэттибит.

Павел Анатольевич, дьиэлэригэр ыытыллыбыт хапытаалынай өрөмүөн хаачыстыбата мөлтөх буоллаҕына, бас билээччи тугу гыныахтааҕый?

— Толоруллубут үлэ дьиэктээх буоллаҕына, бастатан туран, СӨ Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондатыгар үҥсүү  суруйуохха сөп. Дьэ, тоҕо Хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар? Кырыыһаны оҥорууга ким үлэлиириттэн, тоһоҕону ким саайарыттан тутулуга суох олохтоохтор тустаах пуонданы кытта дуогабардаахтар, онон кинилэртэн ыйытаҕыт.

Санатан эттэххэ, хапытаалынай өрөмүөн түмүктэниитэ, эрэгийиэн оператора үлэни тутуу актатыгар илии баттаммыт кэннэ биэс сыл устата толоруллубут үлэ хаачыстыбатыгар эппиэтинэһи сүгэр. Ол иһигэр булуллубут итэҕэстэри тутатына туораппатах уонна ситэтэ суох буоллаҕына.

Өскөтүн хапытаалынай өрөмүөн харчыта анал счекка хомуллубут буоллаҕына, эппиэтинэс ити счету бас билээччигэ сүктэриллэр – бу салайар хампаанньа эбэтэр табаарыстыба (ТСЖ).

Оччоҕуна чинчийиини бэйэбит ыытарбыт, исписэлиистэри көрдүүрбүт булгуччута суох буоллаҕа. Бастаан үҥсүү сурук суруйуохпутун наада уонна салгыы тугу гынабытый?

— Бастаан СӨ Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондатыгар суут иннинээҕи үҥсүүгүтүн үлэ хаачыстыбата суох толоруллубутун туоратарга уонна үбүнэн толуйуу ылар туһугар эбэтэр салайар хампаанньаҕа биитэр  табаарыстыбаҕа ыытыахтааххыт (сакаасчыт ким буоларыттан тутулуктаах).

Үҥсүү көҥүл көрүҥүнэн толоруллар, онно тэрилтэ аата, сайаапкалаах киһи аата-суола уонна аадырыһа, үлэни толорбут тэрилтэ аата, баар кыһалҕа уонна ирдэбил ис хоһооно этиллэр. Сайабылыанньаҕытыгар чахчылары бигэргэтэр докумуоннары эбии сыһыарыҥ.

Аккаас ылар түгэнигэр сайаапкалаах киһи хоромньуну быһаартарарга эспиэри наймылаһар.

Дьиэ олохтоохторо өрөмүөн хаамыытын хонтуруоллуохтарын сөп дуо?

— Туһанааччы буоларынан элбэх кыбартыыралаах дьиэ хас биирдии олохтооҕо өҥөнү оҥорууну хонтуруоллуур кыахтаах. Маны тэҥэ ыытыллыбыт үлэни тутуһуу кэмигэр олорор дьиэни бас билээччилэр боломуочуйалаах бэрэстэбиитэллэрэ онно булгуччу кыттыахтаах.

Өскөтүн Хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар эбэтэр салайар хампаанньаҕа түһэриллибит үҥсүү сурукка аахайбатахтарына, СӨ Тутууну, дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ управлениетыгар бэрэбиэркэни ыытарыгар суруйуҥ. Дьиэ олохтоохторо бары илии баттааһыннаах кэлэктиип суругун бэлэмнээҥ.

СӨ Тутууну, дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ управлениетын пресс-сулууспата

Хаартыска: пуонда саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

12 часов ago