Хапытаалынай өрөмүөн иһин “Энергосбыт” каассатынан тоҕо кыайан төлөөбөттөрүй?
Хапытаалынай өрөмүөн иһин сорох дьон усунуостарын «“Энергосбыт” каассатын нөҥүө кыайан төлөөбөппүт» диэн тустаах пуондаҕа эрийэн этэллэр. Ол эбэтэр хомунаалынай өҥө иһин салайар хампаанньалары уонна олорор дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбаларын кытта быһаччы дуогабары түһэрсибит элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри бас билээччилэр “Энергосбыт” каассатынан усунуостарын төлөөбөттөр.
“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” НКО сүрүн экэнэмииһэ Мария Капитонова маннык быһаарда:
«Судргутук быһаардахха, дьиэни бас билээччи уотунан хааччыйыыга төлөбүрүн салайар хампаанньатыгар эбэтэр ТСЖ-га төлүүр буоллаҕына, “Энергосбыт” баазатыгар хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар төһө ааҕыллыбытын туһунан сибидиэнньэлэр көстүбэттэр, онон төлөбүрү ити каассалар ылбаттар. Онон иэскит мунньуллубатын туһугар пуонда саайтыгар киирэн хамыыһыйата суох төлүүргүтүгэр сүбэлиибит.
Хамыыһыйата суох төлөөһүн ньымалара:
— На официальном сайте Фонда (www.fondkr.ru), в разделе «ОНЛАЙН оплата»;
— В любом почтовом отделении Республики Саха (Якутия);
— Через систему «Объединенный платежный документ» на портале «Электронное ЖКХ РС (Я)» — e-yakutia.ru
— Через приложение «Сбербанк – Онлайн»;
— Через приложение «ВТБ-Онлайн»;
— Через мобильное приложение «Квартплата+».
Ыйытар төлөпүөн: 8 (4112) 319-014, эбэтэр Fondkr.ru саайтыгар “Обратная связь” кунуопканы баттааҥ.
Хаартыска: пуонда тустаах саайтыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: