Хара нэһилиэгин эр дьоно отуттан тахса ыалы ыраас мууһунан хааччыйдылар
Бу күннэргэ ытык кырдьаҕастарга, элбэх оҕолоохторго, байыаннай дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөн, нэһилиэктэргэ муус хостооһунун үгэнэ.
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин туруу үлэһит эр дьоно мустан, биир санаанан салайтаран, тутуспутунан тэтимнээх үлэни тэһииниттэн туттубут. Отуттан тахса ыал тэлгэһэлэригэр ып-ыраас мууһу тиэртибит, кыһын иһэр аһыыр уунан хааччыйдыбыт. Үтүө үгэспит сыл аайы тэрээһинэ тупсан иһэриттэн олуһун үөрэбит.
Билиҥҥи түһүүлээх-тахсыылаах, балысханнык сайдар олоххо, үтүө үгэспитин өрө тутан, үрүҥ күммүт анныгар күн ахсын дьоллоох олоҕу сомсон иһиэҕиҥ. Сахалыы сиэринэн бэйэ-бэйэҕэ хардары-таары көмөлөһүү истиҥи иитэр, доҕордуу сыһыаны саҕар, — диэн санаатын үллэһиннэ Харатааҕы «Айыллаан» култуура киинин исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна Виталий Очиров.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: