Хара Тумус (Кэпсээн)

Share

Tam si lišky davaji dobrou noc –

ол дойдуга “минньигэс түүллэри”

диэн тыллары саһыллар эрэ бэйэ

бэйэлэригэр этэллэр.

(чех омук түҥкэтэх сири быһаарар өс хоһооно)

Биир тымныы кыһыҥҥы киэһэ мин, үлэбиттэн дьиэбэр кэлэммин, куораттан айаннаан иһэр түүҥҥү ыалдьыттарбын кэтэһэн олорбутум. Кэргэним – төһө даҕаны үлэтиттэн сылайан кэллэр – мин көрдөһүүбүн быһа гыммакка, ас астаан баран, оҕолору кытта дьиэбит иккис этээһигэр утуйа тахсыбыта.

Мин даҕаны сытан нуктаан ылыа эбиппин эрээри, бу киэһэ ааһан эрэр нэдиэлэ биир быһылаана өйбүн-санаабын аймаабытыттан сылтаан, ол-бу буолары-буолбаты саныы-саныы, тэлэбииһэри өрө мыҥаан бараммын ээл-дээл олорбутум. Бу тухары олордум ини, олорботум ини – манныкка хаһан даҕаны түбэһэ илигим…

Эмискэ киирэр ааны тоҥсуйдулар уонна тымныы салгын бурҕайар тыынын кыттыһа мииммитинэн, кэтэһиилээх ыалдьыттарым киирэн кэллилэр: баар-суох атаһым Дьаакып уонна кини илдьэ кэлбит «сүрпүрүүһэ» – уһун да уһун уҥуохтаах чех уола.

Билистибит, аата Мартин диэн, киинэ устар идэлээх, биһиги хоту дойдубутун, омукпут олоҕун-дьаһаҕын билсэ диэн кэлэ сылдьар эбит. Таҥаһа-саба биһиги тыйыс тымныыбыт туһунан син тугу эрэ удумаҕалатар киһи сиэринэн эбит: кус түүтүттэн сирийиллибит сонноох, синтепон ыстааннаах, атаҕар (биһиги «лүөччүктэр унтуулара» диэн ааттыыбыт) унтуулаах, төбөтүгэр, бэйэтин бытыгыттан арыый эрэ сырдык, кыһыл саһыл бэргэһэлээх.

Ыалдьыттар таҥастарын устубуттарын кэннэ бары куукунаҕа аастыбыт, мин аспын тардыбытынан бардым. Ол тухары Дьаакыбым айаҕа хам буолбат, аргыһын билиһиннэрэр, куорат сонунун кутар, айаннарыгар хас ытык сиргэ тохтоон сиэри-туому тутуспуттарын кэпсиир.

Мин чэйтэн атын убаҕас аһым суох диэн ыалдьыттарбын сэрэттим, киэһэ үлэбиттэн хойутаан, аҕыска сабыллар маҕаһыыҥҥа сылдьыбакка хаалбытым. Онуоха Дьаакып бэйэтин суумкатыттан кэһиитин хостоото:

– Эйиэхэ, доҕорбор, куораттан чехтэр пиибэлэрин аҕалаары өрөпөөннөммүппэр Мартиным ол аспытын отой пиибэҕэ майгылаабат диэн кэҕиннэрэн кэбистэ, – диэн Дьаакып нууччалыы үҥсэргиир.

– Уу, маннааҕы ас амырыына сүрдээх эбит, биһиэнигэр аата эрэ майгынныыр, – диэн олуттаҕас соҕустук нууччалаан омукпут бигэргэттэ.

– Чэ, хата бэйэбит арыгыбытын кини туохха даҕаны тэҥниирэ суох, – дии-дии Дьаакып кэһиитин кутта.

Мин хочуолунайга киирэммин оһохпун аһаттым, дьиэм иччититтэн ыраах омук сириттэн кэлбит ыалдьыппын атыҥыраабытыгар уонна араҥаччылыырыгар көрдөстүм. Дьаакыбым туһугар көрдөһөрбүн, ол быыһыгар, умнубуппун. Төннөн иһэн, өйдөөн кэлэммин, төттөрү барыах курдук буолан иһэн сапсыйан кэбистим – билсиспиппит тухары кини туһугар хас сүүстэ үрдүкү күүстэргэ үҥпүппүн киһи ааҕан сиппэт ини…

Ыалдьыттарбын кытта дьиэлээх хаһаайын сиэринэн, тэҥҥэ олорустум. Билсиһиинэн истибит, норуоттар доҕордоһууларын туһугар көтөхтүбүт. Дьаакыбым бу омук уолун хоту илдьиэхтээҕин кэпсээтэ, ол эрээри билигин ол эҥэр сөмөлүөт көппөтүн иһин миэхэ аҕаларга быһаарыммытын эттэ.

– Хоту тиийдэхпитинэ халлаана биһиэнинээҕэр сылаас буолара биллэр. Бачча ыраах кэлбит киһи тыынар салгына айаҕыттан тахсаат тоҥон тыһырҕыырын истиэ, билиэ этэ буоллаҕа дии! – Дьаакып мүчүк гына-гына аргыһын диэки кылап-халап көрөр. Киһитэ кинини кытта өр айаннаан, алтыһан, тэҥ турукка сылдьардыы сахалыы саҥарарын өйдүүр киһи курдук нууччалыы хардарар.

– Оо, мин бэйэм даҕаны сөҕөбүн ээ, хайдах курдук ыраах кэлбиппиттэн. Мин дойдубар киһи олорбот сирин: «Онно минньигэс түүллэри диэн тыллары саһыллар эрэ бэйэ бэйэлэригэр этэллэр», – диэччилэр. Мин айаным тухары оннооҕор буолуох түҥкэтэх сирдэри көрөн кэллим…

Дьаакыбым эмискэ сирэйдиин-харахтыын уларыйан хаалла, иннигэр турар иһиттэн кырбаммыт тоҥ быары илиитинэн ылан айаҕар укта, онтон хаан буолбут тарбахтарын тылынан ыраастыы олорон, тыл ыһыгынна:

– Эн түҥкэтэх сири өссө да көрүөҥ турдаҕа… Онно эн этэр саһылгын буолуохтааҕар, кырсаны да көрсөрүҥ саарбах… Хара Тумус диэн баар – сир улаҕата… Дьэ онно туох даҕаны суох! Бу, остуол сирэйин курдук көбүүс-көнө… – Дьаакып остуолбут ньуурун үрдүнэн илиилэрин даллаҥнатан аспыт дуомун муостаҕа хаһыйа сыста, онтон тохтоото.

– Мартин, мин эйигин кытта хоту барсар соругум диэн – эйиэхэ, сыта дуу, сытыйа дуу байбыт Европа уолугар, эн ыймахтыы үөрэммит утаҕыҥ атыыламмат сиринэн бу Орто дойду түмүктэммэтин көрдөрүөхпүн баҕарабын. Онно туох даҕаны суох… Бу остуол сирэйин курдук көбүүс-көнө киэҥ нэлэмэн сир… Сир да диэн буолуо дуо – хаар… Киһи хараҕа көрөрүн тухары тула хаар… Түспүт хаар сайын ууллубат, ол иһин онно, сылтан сыл, үрүт үрдүгэр, саҥаттан саҥа хаар дьапталҕаланан иһэр… Ол үрүҥ хаар ньуура муораҕа тиийэн бүтэр – тыбыс-тымныы уулаах, киһини курдары үрэр сытыы тыаллаах, бороҥ былытынан бүрүллүбүт хара байҕалынан түмүктэнэр… Ол байҕал кытыытынан хааман истэххинэ атаҕыҥ анныгар киһи уҥуохтара маҥхайан сыталлар… Муора долгуна суурайар эмпэрэтиттэн хоруоптар быган, салгыҥҥа ыйанан тураллар… Хаһан эрэ ол хоруоптар сууллан ууга түһэллэр, долгуҥҥа охсуллан, үнтүрүйэн бөх-сыыс буола кубулуйаллар… Онтон уҥуохтары муора төттөрү кытылга быраҕар… Ол уҥуохтар онно ыт оонньуура буолан сыталлар… Хара Тумуска сэрии кэмигэр көһөрүллэн кэлбит дьон балыктааннар Улуу Кыайыыны уһансыбыттара: прибалтар, финнар… Биһиги да дьоммут, сахалар, бааллара. Сураҕа финнэргэ, литовецтарга билигин дьоннорун уҥуохтарын дойдуларыгар көһөрөргө анал программалаахтар үһү… Онтон бэйэбит дьоммут, бэйэбит сирбитигэр хараллыбакка, ыт кирэр, оонньуур уҥуохтара буолан сыталлар… Эн, ньиэмэс аймаҕа, ону өйдүөҥ үһү дуо?!

Дьаакыбым холуочуйан «күрүчүөктэһэр» түһүмэҕэр тиийбитин өйдөөммүн, аны омук киһитин кырбаары тииһиэҕэ диэммин, аралдьыта сатаатым:

– Доо, хоту уу-хаар эрэ дойдута буолбатаҕа буолуо дии? Дьүкээбил уота эҥин умайара буолуо… Биһиги, манна кыһын тумана бэрдиттэн, ол кэрэ көстүүттэн матабыт дии. Биирдэ эмэ харах дьолугар дьиримнээтэҕинэ, ыраах буолан, кубархай баҕайытык сандаарааччы…

– Дьүкээбил уотун саҕа дьулаан суох ээ, доҕоор! Бэйэҥ санаан көрүүй – атаҕыҥ анныгар үйэтигэр ууллубатах тымныы хаар, тула өттүгэр биир даҕаны тыынар тыыннаах көстүбэт, аны үрдүгэр, хараҥа халлааҥҥа, уу чуумпуга, тыһыргыы-тыһыргыы араас өҥнөөх уоттар умайаллар… Ким эрэ дуу, туох эрэ дуу, эн харахтаргын ол уотунан аралдьытан баран, ис бэйэҕин уон аҥы арааран ырытар, ис туруккун кэбирэтэр…

Доҕорум айаныттан да, аһаабыт аһыттан да сылайбытын көрөммүн олоппоһуттан өйөөн туруоран бэлэмнээбит ороммор илдьэн сытыардым, Мартиҥҥа эмиэ ол хоско орон бэлэмнээтим. Ыалдьыттарым сынньалаҥнарын тэрийэн бараммын, аһы-үөлү хомуйаат, бэйэм утуйар хоспор таҕыстым.

Хоспор киирбиппэр кэргэним уһуктан ыйытта:

– Хайа, испэтигит дуо? Дьаакып ырыаларын «хайа тардыбата» дии…

– Ээ, истибит эрээри ырыа ыллыыр иэйии киирбэтэ. Утуй.

Сытан бараммын, уйгууран хааламмын эмиэ ону-маны саныы, ырыҥалыы, дьиэм иһийбит чуумпутун иһиллии сыттым. Аллара Дьаакып хаһыҥырыыра иһиллэр, аттыбар кыра кыыһым мунна сыыгыныыр, аттынааҕы хоско уолум түүлээгирэн кимниин эрэ кэпсэтэн баллыгырыыр. Сарсын ыалдьыттарбын тугунан эрэ саараттахха сатанар. Өрүскэ олорор аймахтарбар илдьэн кинилэр хайдах сыалыһардыылларын көрдөрүмүнэ. Чех киһитэ оннугу көрө илигэ буолуо. Ээ, арба сарсын аны муус угуохтаах этибит! Чэ, тохтоон эрэр буоллаҕа дии… Уолум, обургу, төһө эрэ үөрэр – күнү быһа оһох оттортон атын кыһалҕата суох буолар, чоҕу-маһы баҕас ааһан иһэн киллэрэр буоллаҕа…

Ити кини түүлүгэр кимниин кэпсэтэрэ буолла? Баҕар биһигини барыбытын бу түүн түмэн, тэҥҥэ хонноро аҕалбыт күүстэри кытта сэһэргэһэрэ буолуо дуо? Бээ, ити Мартин туох диэтэ этэй? Саһыллар эрэ бэйэ бэйэлэригэр «минньигэс түүллэри» дэһэр сирдэригэр – инньэ диэтэ быһыылаах… Бу киэһэ эрэ били оҕонньору санаабытым, аны Мартин онно эбиискэ буола түстэ… Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ!

Ол оҕонньору биһиэхэ, хирургияҕа, аттынааҕы дэриэбинэттэн аҕалбыттара. Күтүөттэрэ буолуохсут итирэн баран, дьиэлээхтэргэ киэбирэн, оҕонньору тимир күлүүккэнэн төбөҕө охсон куйахатын хайыппыт этэ. Хаан-сиин, сирэй-харах буолан кэлбитин биһиги сууйан-тараан бараммыт абырахтаатахпыт дии. Уонна уҥуоҕа бүтүн дуу, суох дуу диэн төбөтүн рентгеҥҥэ түһэрдибит.

Рентген-лаборант идэлээх эдэр уол, снимоктары миэхэ аҕалан баран, аттыбар саҥата суох кэтэҕин тарбана-тарбана тэпсэҥнии турбута. Арай, ол снимогы көрдөхпүнэ, оҕонньор төбөтүн иһигэр, хабыллар хара ортотугар, икки тимир эттик сылдьаллар эбит. Онтукайдарбыт синньигэстэр, иистэнэр иннэҕэ маарынныыллар диэххэ сөп, дьоҕойон, биирэ төбөтүгэр үүттээххэ дылы. Биһиги тикпит бааспытыттан атын сир туһаайыытынан бааллар, «биһиги бааспыт» анныгар уҥуох бүтүн.

Лабораҥҥа туох диэхпиний? Бэйэм даҕаны мунаараммын ол снимоктары туппутунан оҕонньорго тиийдим, снимогын көрдөрдүм. Киһим, бэйэбэр дылы, эмиэ соһуйда – хаһан даҕаны төбөтүнэн моһуогурбатах, хайдах ол тимирдэр мэйиитигэр баар буолбуттарын сатаан быһаарбата.

Хайыамый, оҕонньорго снимоктарын туттаран бараммын бэйэм хоспор төннөн, полицияҕа ыарыһаҕым эчэйиитин туһунан туоһу суругу бичийэ олордохпуна санитаркам сүүрэн кэллэ.

– Оҕонньор хайдах эрэ буолла! – диэн миигин ыҥырда.

Кэнниттэн батыһан тиийбитим – оҕонньорбут кушеткаҕа бүк түһэн сытар эбит уонна ытаан саннылара дьигиҥнииллэр. Сиэстэрэм оҕонньор хаанын баттааһынын, сүрэҕин тэбиитин кээмэйдээн көрдө – уларыйыы суох. Ол кэннэ тугу гыныахпытын билбэккэбит аттыгар турдубут.

Оҕонньор, сыыйа уоскуйан баран, олордо уонна дьэ кэпсээтэ:

– Мин ыаллыы улуустан төрүттээхпин. Сэрии сылларыгар биһиги улууспутугар туох иэдээн буолан ааспытын истибиккит буолуо. Кураан сайын сатыылаан биһиги дьоммут улаханнык сутаабыттар. Онно, кинилэри өрүһүйэр аатыран, салалтабыт бүтүн улууһу хоту көһөрөргө диэн быһаарбыт. Таарыйа фроҥҥа балык соҕотуопкатын былаанын толоруутугар туһаныахпыт диэбиттэр быһыылаах. Ол эрээри, буоларын курдук, көһөрүү тэрээһинэ быстар мөлтөхтүк барбыт. Дьиэни-уоту быраҕан, өрүскэ диэри сүүрбэ көһү сатыы хааман, оҕолуун-уруулуун айаннаабыттар. Аара киһи бөҕөтө өлөн-сүтэн, мал-сал эстэн, ас-үөл баранан… Аны өрүс устун баарсаҕа тиэллэн айаннаабыттар, аһаҕас халлаан аннынан. Хоту тиийэллэрин саҕана онно кыһын көрсө тоһуйбут. Миигин ийэм баарсаҕа айаннаан иһэн төрөппүт… Санаан көрүҥ… Алаас-тайҕа олохтоохторо, муора диэни хаһан даҕаны харахтаабатах, ол киэҥ байҕалга балыктыыр ньыманы билбэт, туундара диэни көрбөтөх дьон онно кыс-хаар ортотугар тиийэннэр кытылга тиксибиттэр. Киһи сатаан тыла өҕүллэн «олохторун булбуттар» диэбэт суола… Ким дьылҕата хайдах таайбытынан буоллаҕа… Мин дьонум эбиитин кыһыл оҕолоохтор, санаан кэбиһиҥ… Өйбөр хайдах даҕаны баппат этэ – ийэм, аҕам онно бэйэлэрэ хайдах тыыннаах ордубуттара уонна өссө миигин бүөбэйдээн киһи оҥорбуттара… Мин төрөппүттэрбин наһаа таптыыр этим, миигин, соҕотох оҕолорун, атаахтатан, маанылаан аҕай улаатыннарбыттарын иһин! Ытыктыырым, махтанарым муҥура суох этэ. Кэлин, кырдьыбыттарын кэннэ, кими да чугаһаппакка бэйэм көрөр-истэр этим, биир-биир көтөҕөн ытыһым үрдүгэр илдьэ сылдьыбытым. Утуу-субуу күн сириттэн күрэммиттэригэр айманаммын иирэ эрэ сыспатаҕым… Кэргэним, оҕолорум эрэ баар буоланнар өрүттүбүтүм. Ол төрөппүттэрим туһунан ыраас санаам, муҥура суох махталым күн бүгүн кэлэн бу буорга тэпсилиннэҕиэн! Ол кэриэтэ күндү күтүөтүм миигин ситэри сиэбитэ буоллар! Аны хайдах салгыы олоробунуй? Туохха итэҕэйэбиний? Оо, сорум эбит!…

Оҕонньорбут эмиэ марылаччы ытаан барда. Уоскута сатаатыбыт, сиэстэрэм укуол туруорда, уу аҕалан иһэртибит. Уоскуйа түһэн баран, биһиги тугу даҕаны өйдөөбөтөхпүтүн сэрэйдэ быһыылаах – быһаарда:

– Ити былыргы сидьиҥ ньыма – кыһыл оҕону өлөрөөрү дьулайыгар иистэнэр иннэни анньаллара үһү, мэйиитин тэһээри… Хаһан эрэ, ханна эрэ итинниги истэн аһарбытым. Бэйэбэр кэлиэ диэн сэрэйээхтээбэтэх сорум буоллаҕа… Ити аата төрөппүттэрим миигин өлөрө сатаабыттар эбит… Онно… Хара Тумуска…

Сиэстэрэ кыыс кубарыйан хаалла, бэйэтэ оҕонньор аттыгар сууллуох курдук буолла, санитаркам хараҥа түннүк диэки киэр хайыста. Мин бэйэм даҕаны дьулайаммын куйахам күүрэн ылла.

– Ити аата кинилэри мин быыһаабыт эбиппин… Ол иһин даҕаны…

Оҕонньор умса туттан кый ыраах сытар муора кытыытын эмпэрэтиттэн түгэҕэ көстүбэт хараҥа байҕалы өҥөйөрдүү хамсаабакка олордо. Биһиги бары саҥата суох аттыгар турдубут.

Арай, массыыната тиийэн кэлбитигэр, оҕонньорбут аймана түстэ, төбөтүгэр баар иннэлэрин ыллараары миэхэ элэ-была тылларын барытын эттэ. Мин кинини нэһиилэ уоскуттум уонна кэлин, бу билиҥҥи бааһа оспутун кэннэ, куоракка нейрохирургияҕа ыытыах буоллум. Ол эрээри, ити иннэлэри хостуур кутталлаах, онон тус бэйэтигэр мэһэйдээбэт буоллаҕына эпэрээссийэлэнэрэ саарбаҕын туһунан эттим. Оҕонньор төрүт иннин биэрбэтэ. Өскөтүн куораттар аккаастыыр да түгэннэригэр, кэлин, бэйэтэ өлбүтүн кэннэ, төбөтүн арыйаммын ол икки иннэни хостуом диэн андаҕарбын эппитим эрэ кэннэ биирдэ, дьэ уоскуйан, дьиэлээтэ.

Утуйан иһэммин, үдүк-бадык сытаммын, санаатым: оҕонньор уонна бэйэм дьикти андаҕарым тустарынан сарсын хайаан даҕаны Мартиҥҥа кэпсээтэххэ сатанар. Хара Тумуска тиийдэҕинэ, онно тыалтан уонна хаартан атын туох даҕаны суох дии санаабатын курдук…

Анатолий Слепцов.

Ааптар нууччалыыттан  сахалыы тылбааһа

 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago