Хара тыаны, күөх дуолу араҥаччылыыр, харыстыыр үлэни ыытар, ойуур үлэһиттэрин сүрүннүүр тэрилтэнэн «Якутлесресурс» ГАУ буолар. Балаҕан ыйын 17 күнүгэр кинилэр идэлээх күннэрэ – Ойуур үлэһиттэрин күнэ буолаары турар. Түгэнинэн туһанан, тэрилтэ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Спартак Иванову кытары кэпсэттибит.
– Спартак Иннокентьевич, быйылгы сезоҥҥа үлэ хайдах-туох бара турар?
– Быйылгы сезоҥҥа уопсайа 879 баһаар бэлиэтэнэн турар. Былырыын баччаларга 584 баһаар тахсыбыта. Быйылгы баһаар иэнэ 1,1 мөл. тахса гектар буолла. Былырыын баччаларга 570 этэ. 2021 с. хоромньулаах улахан баһаары кытары тэҥнээтэххэ, син ама курдук. Урут 192 буоллахпытына, былырыыҥҥыттан элбээн 564 киһилээхпит. Бу дьоммут бары бастайааннай үлэһиттэр. Холобур, 2021 с. уонунан тыһыынча киһини эбии ыҥыран кытыннарбыт буоллахпытына, былырыын уонна быйыл авиация көмөтүнэн, бэйэбит күүспүтүнэн баһаарга үлэлээтибит. Баһаар тахсыбыт сиригэр олохтоох дьон эмиэ көмөлөһөр.
– Быйыл баһаар хайдаҕый, ханна таҕыста?
– Кэнники ойуур баһаардара киһи ылла даҕаны тиийбэт ыраах сирдэригэр тахсыталыыр буоллулар. Тоҕо диэтэххэ, кураан буолан, «кураанах этиҥ» элбээн, ойуур баһаара тахсара үксээтэ. Быйыл хотугулуу-илин улуустарга, Халыма, Өймөкөөн, Дьааҥы, илин Уус Маайа диэки элбэх баһаар тура сырытта. Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга кэлиҥҥи кэмҥэ эмиэ элбээтэ.
– Ойуур баһаарын умуруорууга былырыыҥҥыттан зондировщик сөмөлүөттэри туһанаҕыт, ол төһө көдьүүстээҕий?
– Быйылгы баһаар сезонугар үс сөмөлүөт көттө. Зондировщик-сөмөлүөттэр көдьүүстэрэ, биллэн турар, улахан. Халлааҥҥа хойуу былыт үөскээтэ даҕаны, көтөр ааллар тиийэн, аллараа баттаан уонна чопчу ханна тиийэн ардыахтааҕын курдук былыты салайан биэрэр кыахтаахтар. Былырыын да, быйыл да баһаар тахсыан сөптөөх сирдэригэр эрдэттэн үлэлээннэр чахчы абыраатылар. Манна эбэн этэр буоллахха, биһиги 22 филиалы аһан, ойуур баһаара турбутун-турбатаҕын бэрэбиэркэлиир кыахпыт лаппа улаатта. Билигин күн аайы филиалларбыт үлэһиттэрэ анал маршрутунан сылдьан, тустаах бэрэбиэркэни ыыталлар.
– 2022 с. улахан баһаар кэнниттэн тиэхиньикэнэн хааччыллыбыккыт уонна эбии үлэһиттэммиккит. Ол туһунан сиһилии кэпсээ эрэ.
– Кэнники сылларга ойуур баһаарын утары үлэҕэ ыарахан уйуктаах тиэхиньикэнэн хааччыллыы үчүгэйдик барда. Онон ити өттүгэр улахан кыһалҕа суох. Саамай наадалаах тиэхиньикэбитинэн ыраах сирдэргэ тыраахтардарбытын, бульдозердарбытын таһар «тягач» буолар. Бары филиалларбыт сөптөөх тиэхиньикэнэн хааччыллан, уот турбут сиригэр суһаллык тиийэн үлэлиир кыахтаннылар. Урут атын тэрилтэлэри, дьону көрдөһөн-ааттаһан тиэхиньикэ уларсарбыт, билигин оннук суох.
– Саха сирин үрдүнэн ойууру кэтээн көрөргө камералары туруорбуккут, ханна баалларый?
– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 32 устар камера вышкаларга турар. Ол камералар көмөлөрүнэн дьуһуурунайдар суукканы эргиччи ханна буруор тахсарын, баһаар турбутун кэтииллэр-маныыллар. Холобур, Дьокуускайга Табаҕа тоҕойугар, Бүлүүлүүр суол 15 с км уонна Хаҥаласка (Кангаласс) бааллар. Улуустарга үксүлэригэр “Ростелеком” ПАУо вышкаларыгар тураллар. Камералар эргийэ тураннар, 25-30 км ыраах эргимтэҕэ диэри буруо тахсарын таба көрдүлэр да, тута биллэрэллэр. Ол курдук, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Уус Маайаҕа, Хаҥаласка, Намҥа, Чурапчыга биирдии, Аммаҕа, Бүлүүгэ, Горнайга, Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Сунтаарга, Кэбээйигэ, Уус Алдаҥҥа иккилии уонна Үөһээ Бүлүүгэ, Дьокуускайга үстүү камералар туруорулланнар, ойуур баһаарын кэтииллэр-маныыллар. Ону таһынан квадрокоптердар бааллар, олор бу систиэмэҕэ холбоно сылдьаллар. Онон үлэһиттэрбит ойуурга эриэйдэ оҥорор кэмнэригэр көтүтэн кэтээн көрөллөр. Быйыл сатыы сылдьан биэс баһаар турбутун буланнар, тута умуруордулар. Нэһилиэктэртэн чугас баһаар тахсыыта үгүстүк дьон дьалаҕайыттан тахсар диэххэ сөп. Онон сэрэтэр үлэни мэлдьи ыытабыт.
– Бу күннэргэ ойуур үлэһиттэрин идэлээх күннэрэ буолаары турар, туох тэрээһиннэр былааннаналларый?
– Балаҕан ыйын 17 күнүгэр ойуур хаһаайыстыбатын бары үлэһиттэрэ Ойуур үлэһитин күнүн бэлиэтиибит. Биллэн турар, бу күн араас тэрээһиннэр былааннаналлар. Ол курдук, филиалларбыт салайааччылара кэлэн 9 ый, баһаар сезонун түмүгүнэн мунньахха отчуоттуохтара. Үлэһиттэрбитигэр анаан идэбитигэр сыһыаннаах араас күрэхтэр ыытыллыахтара. Бэлиэ күн түмүктүүр тэрээһинигэр үрдүк көрдөрүүлээх, үчүгэй үлэлээх филиаллар, үлэһиттэр бэлиэтэниэхтэрэ. Ону сэргэ Айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр эмиэ тэрээһиннэр былааннаналлар.
– Түгэнинэн туһанан, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр тугу этиэҥ этэй?
– Ойуур хаһаайыстыбатыгар бэриниилээх үлэһиттэр баһаары умуруорууттан, сэрэтииттэн саҕалаан, үлэ араас көрүҥүн тэрийэн, тыаны ырааһырдыыга күүстээх үлэни ыыталлар. Биһиэхэ идэлэригэр олус бэриниилээх, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Түгэн тосхойбутунан, идэлээх күннэринэн ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин – араас сылларга үлэлээбит бэтэрээннэри, билигин үлэлии-хамсыы сылдьар биир идэлээхтэрбин эҕэрдэлиибин, чэгиэн доруобуйаны, дьиэлэригэр-уоттарыгар дьолу-соргуну, үлэлэригэр-хамнастарыгар ситиһиини баҕарабын.
Мииринэй оройуонугар баар "Живые алмазы" айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа…
“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…
Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…
Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…
Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…
Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…