Хара уонна Майа икки ардыгар уоттаах кирилиэс

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэ Майа бөһүөлэгин кытта силбэһэ олорор. Нэһилиэк Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) кыттан, бырайыактар куонкурустарыгар финалистар ахсааннарыгар киирэн дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы сэминээргэ кыттан кэллилэр.

25 БАСТЫҤ БЫРАЙЫАККА КИИРДИБИТ

Бу туһунан Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Ивановна Назарова кэпсиир:

— Нэһилиэнньэбит ахсаана быйылгы биэрэпис түмүгүнэн 1411 тэҥнэһэр. Биһиги олох­тоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан 2018 сылтан үлэлии­бит, биир да сылы көтүппэккэ. Холобур, бу бырагыраама уратыта диэн, нэһилиэнньэ биир сүбэнэн нэһилиэккэ тугу тупсарыахтарын, сөргүтүөхтэрин баҕарарынан бырайыак оҥорор. Ону куоластаан талар эбэтэр этии киллэрэр. Урукку өттүгэр өссө нэһилиэнньэ эбии харчы хому­йар этэ. Бу бырайыакка эрэгийиэн бары нэһилиэктэрэ кытталлар. Нэһилиэккэ Үп министиэристибэтиттэн 1,5 мөлүйүөн cолкуобайдаах көмө оҥоһуллар. Биһиги ол курдук сайыҥҥы уу ситимин оҥорууга, нэһилиэк иһинээҕи суолу-ииһи тупсарыыга, уулуссаны сырдатыыга бу сыллар устата үлэлээбиппит.

Онтон Хараттан Майаҕа үлэлиир, үөрэнэр киһи элбэҕинэн, куоластааһын түмүгүнэн уот­таах кирилиэс бырайыага талыллыбыта. Бу иннинэ биһиги үс кирилиэһи нэһилиэккэ оҥорбут буоламмыт, дьон махтанара үгүс этэ. Онон уопуттаах дьон, аны уот­­таах кирилиэс саамай табыгас­таах бырайыак буолсу диэн толкуйдаабыппыт. Икки нэһи­лиэк силбэһэ турар буолан, саас, күһүн халтарааҥҥа, кыһын хараҥаҕа айан суолунан халдьаайыны дабайыы олохтоохторго, ордук оҕолорбутугар да олус сэрэхтээх этэ. Тиэхиньикэ сырыыта үгүс, онон нэһилиэнньэҕэ табыгас­таах усулуобуйаны тэрийэр сорук­таах нэһилиэкпит киин аартыгар уоттаах кири­лиэс оҥорбуппут. Бу бырайыагы олохтоох нэһи­лиэнньэ өйөөбүтэ. Ол курдук, бас­таан хас да быра­йыагы киллэрбиппит – ипподром өрөмүөнэ, суол оҥоруута, саҥа искибиэр уонна бу уот­таах кирилиэс. Бэлиэтээн эттэххэ, бу кирилиэстэрбитин олохтоох дьаһалтаны кытта дуогабардаһан алта киһи ыраастыыр, көрөр-истэр, хамнас аахсар. Холобур, киин кирилиэспит сүрдээх уһун, 100 миэтэрэ кэриҥнээх. Онон олохтоох көҕүлээһин бырагыраамата үлэ миэстэтин таһаарыыга эмиэ көмөлөөх диэн бэлиэтиэм этэ. Бу үлэбитинэн федеральнай таһымнаах куонкуруска кыттыбыппыт. Ол курдук, биһиги быра­йыакпыт өрөспүүбүлүкэҕэ

«Саха АССР 100 cылыгар” “100 бастыҥ эбийиэк” диэн куонкуруска кыайан үбүлүөйдээх кинигэҕэ киирбитэ. Инньэ гынан, былырыын 2021 сылга федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн, уопсайа 1088 бырайыак иһигэр иккис тууру ааспыппыт. Ол сүүстэн 25 финалиһы талбыттара. Олор истэригэр биһиги бырайыакпыт эмиэ ааспыта. Финалга тахсыбыт бырайыактаах 25 нэһилиэги Москва куоракка ыҥырбыттара. Онно тиийэн Бүтүн Арассыыйатааҕы улахан сэминээргэ сырыттыбыт. Кыайыылаахтары наҕараадалаатылар. Хомойуох иһин, биһиги 12 бастыҥ бырайыак иһигэр киирбэтибит. Ол эрээри, Арассыыйа 1088 бырайыагыттан 25 бастыҥ иһигэр да киирбиппит улахан ситиһии дии саныыбын.

Анна Киренская, Хара нэһилиэгин олохтооҕо:

— Нэһилиэкпитин уонна Майаны ситимниир уоттаах кирилиэс олохтоох көҕүлээһин бырагырааманан тутуллубута олус бэрт дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, ити икки нэһилиэги ситимниир аартыкка сырыы-айан үгүс буолааччы. Билигин киһи кыһыҥҥы хараҥаҕа, саас, күһүн бадараантан, халтараантан куттаммакка сылдьар буолла. Ону сэргэ уот-күөс сандааран, нэһилиэкпит да көстүүтэ ту­­буста. Ыччат дьон хаартыскаҕа кэлэн түһэллэр.

Сахая Терентьева, Хара нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ:

— Мин төһө да даҕаны күннэтэ ити кирилиэһинэн сылдьыбатарбын, аҕыйахта сылдьаары бэркэ биһирээн турабын. Нэһилиэкпит Майа үрдүгэр турар буолан биһиэхэ наар сыыры дабайыы, түһүү курдук буолааччы. Онуоха хата ити хас да кирилиэс, ону таһынан уоттаах кирилиэс букатын нэһилиэкпитин тупсаҕай көрүҥнээтэ. Онон итинник нэһилиэк ахсын үлэлиир норуот көҕүлээһинин бырагыраамата олус туһалаах дии саныыбын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago