Харабыл кулуупка сынньана кэлбит киһи муннун тоһуппут

Share

Арассыыйа ИДьМ «Дьокуускайдааҕы» 4-с №-дээх полиция отделыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо түүҥҥү кулуупка кинини кырбаабыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. 

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, учаастактааҕы полиция боломуочунайа буруйдааҕы быһаардылар. Ньурба улууһуттан төрүттээх 18 саастаах, бу тэрилтэҕэ харабылынан үлэлиир киһи диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Харабыл эр киһини сынньанар тэрилтэҕэ киллэрбэтэх, онтон сылтаан анараа киһи кыыһырбыт. Икки өттүттэн тыл тылга киирсибэккэ айдаарсыбыттар,  онтулара охсуһууга кубулуйбут. Харабыл анараа киһини муннун тосту охсубут, эмсэҕэлээбит киһиэхэ мэдиссиинэ көмөтө наада буолбут.

РФ Холуобунай кодексын 112 ыстатыйатын 1 чааһынан (Доруобуйаҕа орто, ыараханнык эчэйиини оҥоруу) холуобунай дьыала көбүтүллүбүт. Бу ыстатыйанан буруйдаах 3 сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

8 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

9 часов ago