Салгыы
Харах балыыһата Гиннесс рекордун олохтуурун туһунан сурах тарҕанна

Харах балыыһата Гиннесс рекордун олохтуурун туһунан сурах тарҕанна

27.11.2024, 12:24
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Бүгүн социальнай ситимнэринэн Дьокуускайдааҕы харах балыыһатын 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Гиннесс рекордугар киирэргэ биир күҥҥэ хирурдар 100 эпэрээссийэни ыытаары чугас улуустартан пациеннары сүүмэрдииллэр, онон ким оҥотторуон баҕалаахтар харах балыыһатыгар көрдөрөр үһүгүт диэн сурах тарҕанна.

Бу төһө кырдьыгын билээри, Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай клиническэй балыыһаҕа эрийэ сырыттыбыт.

Кылаабынай бырааһы мэдиссиинэ чааһыгар солбуйааччы э.т. Надежда Литвинцева тута маннык хоруйдаата:

— Арассыыйаҕа Гиннесс рекорда суох. Ким да бу Гиннесскэ кыттыбат. Кэлэр сылга балыыһабыт үбүлүөйэ буолар. Онно былаан быһыытынан тэрээһиннэр буолуохтара. Сымыйа сураҕы истэн, бу сарсыарда дьон бөҕө кэллэ.

Онон социальнай ситимнэринэн сымыйа сурах тарҕаммыт.

+1
0
+1
10
+1
5
+1
1
+1
35
+1
4
+1
16
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: