Салгыы
Биир киһи харах балыыһатыгар айдаан тарпыт

Биир киһи харах балыыһатыгар айдаан тарпыт

29.01.2023, 15:22
СИА
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 27 күнүгэр быстах кэмҥэ «Тирэх» социальнай дьиэҕэ олорор эр киһи Дьокуускай куорат Кальвица уулуссатыгар баар харах балыыһатын филиалыгар көрдөрө кэлэн баран айдаан тарпыт.

Оруобуна ити айдаан кэмигэр харах балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан балыыһаны бэрэбиэркэлии сылдьыбыт. Айдааны истэн сүрүн быраас кэлбитэ, арай, урут киниэхэ хараҕын эпэрээсийэлэппит Александр Павлов турар эбит. Бу туһунан Иван Луцкан маннык эттэ

— Ким айдаан тартаҕай диэн кэлбитим, биһиэхэ хаһан эрэ хараҕын эпэрэээсийэлэппит киһибит турар эбит. Мин тута үтүөнү түргэнник умнар эбиккин диэбитим. Уочарата суох быһалыы киирээри айдаарар киһини бириэмэнэн хайдах суруллубутунан киллэрбиппит. 

Ааспыт сыл сэтинньитигэр Александр Павловка харах балыыһатыгар катарактатын эпэрээсийэлээн хараҕын быыһаабыттар. Ый буолан баран, кини эмиэ идэтинэн атын сиргэ бараары туруммут. Ол эрээри улахан тымныылартан куттанан тохтообут. Билигин «Тирэх» үлэһиттэрэ кинини аҕам саастаахтарга аналлаах интэринээт дьиэҕэ ыытаары докумуоннарын сөргүтэ сылдьаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
20 апреля
  • 11°C
  • Ощущается: 9°Влажность: 35% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: