СИА
Тохсунньу 27 күнүгэр быстах кэмҥэ «Тирэх» социальнай дьиэҕэ олорор эр киһи Дьокуускай куорат Кальвица уулуссатыгар баар харах балыыһатын филиалыгар көрдөрө кэлэн баран айдаан тарпыт.
Оруобуна ити айдаан кэмигэр харах балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан балыыһаны бэрэбиэркэлии сылдьыбыт. Айдааны истэн сүрүн быраас кэлбитэ, арай, урут киниэхэ хараҕын эпэрээсийэлэппит Александр Павлов турар эбит. Бу туһунан Иван Луцкан маннык эттэ:
— Ким айдаан тартаҕай диэн кэлбитим, биһиэхэ хаһан эрэ хараҕын эпэрэээсийэлэппит киһибит турар эбит. Мин тута үтүөнү түргэнник умнар эбиккин диэбитим. Уочарата суох быһалыы киирээри айдаарар киһини бириэмэнэн хайдах суруллубутунан киллэрбиппит.
Ааспыт сыл сэтинньитигэр Александр Павловка харах балыыһатыгар катарактатын эпэрээсийэлээн хараҕын быыһаабыттар. Ый буолан баран, кини эмиэ идэтинэн атын сиргэ бараары туруммут. Ол эрээри улахан тымныылартан куттанан тохтообут. Билигин «Тирэх» үлэһиттэрэ кинини аҕам саастаахтарга аналлаах интэринээт дьиэҕэ ыытаары докумуоннарын сөргүтэ сылдьаллар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа үөрүүлээх аһыллыыта буолла. 1200 кв. миэтэрэттэн тахса…
Амма улууһун Олом Күөлүн эргин ардай аһыылаах бөрөлөр баалларын туһунан “Наахара” бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Егор…
Хаҥалас улууһугар дьахтар бииргэ олорор эр киһитин быһаҕынан анньан эчэтэн, холуобунай дьыала тэрилиннэ. Биир сарсыарда…
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «НовоГОДний лабиринт МультиВСЕленной» диэн оҕо тыйаатырын туруоруутун көрдөрдүлэр. Манна…
Ааһан эрэр 2025 сылы туһанааччылар иэһэ суох түмүктүүллэрин туһугар “СӨ ОДьКХ” ГУП Саҥа дьылы көрсө…
Дьокуускайга улахан суумалаах харчыны сүтэрбит киһиэхэ көмөлөстүлэр. Биир киһи харчыны булан баран, полицейскайдарга тыллаан, хаһаайынын…