Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11 күнүгэр харах балыыһатын хирурдара 2 чаас 18 мүнүүтэ иһигэр 100 киһини эпэрээссийэлээтилэр. Бу манан кинилэр ураты рекорду оҥорон, Арассыыйа Гиннеһин кинигэтигэр киирдилэр. Рекорду Гиннес кинигэтин эспиэрдэрэ кэтээн көрдүлэр, бигэргэттилэр.
Бу дьайыыны Арассыыйа Гиннеһин кинигэтин эспиэрдэрэ Юлия Пронина уонна Владимир Пронин кэтээн көрдүлэр.
— Арассыыйаҕа мэдиссиинэ эйгэтигэр рекордар оҥоһуллаллар, ол эрээри, улахан болҕомтону, кичэйэн кэтээн көрүүнү эрэйэллэр. Катарактаны суох оҥорууга рекорд Арассыыйаҕа аан бастаан оҥоһулунна. Хирурдар ымпыктаах-чымпыктаах үлэлэрин көрдүбүт. Хас биирдии хирург тугу, хайдах оҥорорун чуолкай билэриттэн, сатабыллааҕыттан сөхтүм. Кырдьаҕастар тута көрөр буолан, үөрэн-көтөн бардылар. Онон биирдэ да тардыллыы, эчэйии тахсыбата. Рекордары оҥорууга ыксалга араас буолааччы, — диэн Юлия Пронина суруналыыстарга кэпсээтэ.
— Бу маннык рекорду туруоруу — үйэлээх үбүлүөйбүтүн көрсө биһиги балыыһабыт көҕүлээһинэ. Кэлэктииппит дьон хараҕын быыһыырга, көрөрү тупсарарга үлэтэ түмсүүлээҕин, кыахтааҕын, көдьүүстээҕин, Саха сиригэр мэдиссиинэ тэтимнээхтик сайдан иһэрин көрдөрөр, — диэн кини эттэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа бу сыл 11 ыйын устата 15 тыһыынча эпэрээссийэни (ол иһигэр, 5 тыһыынча эпэрээссийэни атын сиргэ баран) оҥордо. Онтон 2022 сылтан офтальмологтар Донбасска баран, 15 тыһыынча консультацияны, 4 тыһыынча эпэрээссийэни оҥорон кэлбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: