Харах балыыһатыгар катарактаны эмтииргэ маастар-кылаас буолла

Share

Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай клиническэй балыыһаҕа катарактаны эмтииргэ аан бастакытын  маастар-кылаас буолла. Москва куораттан уопуттаах исписэлиис, мэдиссиинэ наукатын хандьыдаата, «Спектр» офтальмологическай  килииникэ бырааһа Арминэ Геворкян кэлэн Саха сирин уонна Магадан уобалаһын быраастарын хараҕы хирургия көмөтүнэн эмтииргэ үөрэтэр. 

Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай клиническэй балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан иһитиннэрбитинэн, эрдэ быраастар Арассыыйа атын куораттарыгар баран үөрэнэр эбит буоллахтарына, быйыл аан маҥнайгытын Дьокуускайга бэйэтигэр үөрэнэллэр. Кини этэринэн, сылын ахсын Саха сирин офтальмологтарын биригээдэлэрэ оройуоннарга тахсан олохтоох дьон харахтарын эмтииллэр. Катаракта  — биир саамай тарҕаммыт харах ыарыыта буолар, онон хирург-исписэлиистэргэ наадыйыы улахан.

«Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит «Мобильнай биригээдэлэр» уонна «Мобильнай дуоктардар» бырайыактар нөҥүө араас исписэлиистэр улуустарга тахсан дьону эмтииллэр. Ол курдук, биһиги офтальмолог-хирургтарбыт бу нэдиэлэҕэ эмиэ айанныахтара. Былырыын быраастарбыт Тиксиигэ, Эдьигээҥҥэ, Өлөөҥҥө сылдьыбыттара. Быйыл Орто Халымаҕа уонна чугас сытар улуустарга айанныыр былааннаахпыт», — диэн балыыһа кылаабынай бырааһа этэр.

Маастар-кылааска офтальмологическай клиническэй балыыһа быраастара, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет мэдиссиинискэй институтун ординатор-быраастара, ону таһынан Магадан уобаластан кэлбит офтальмологтар үөрэнэллэр — уопсайа 10 киһи. Быраастар быраактыкаларыгар сибиинньэ хараҕын туһаналлар, аналлаах тренажердарга эпэрээссийэ оҥороллор.

Арминэ Геворкян Саха сиригэр офтальмолог-быраастары бэлэмнээһин үрдүк таһымнааҕын, итиэннэ балыыһаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ саамай аныгы, эпэрээссийэ арааһын оҥорорго наадалаах тэриллэр баалларын бэлиэтээтэ.

«Биһиги «Кругозор» диэн ааттаах үөрэх киинин арыйдыбыт. Онон Саха сиригэр офтальмологтары катаракта ыарыыны эмтииргэ үөрэтии салҕаныаҕа», — диэтэ Иван Луцкан.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago