Дьокуускай быраастара Алдаҥҥа үлэлииллэр
Дьокуускайтан харах быраастара икки биригээдэнэн Алдаҥҥа үлэлииллэр.
—Аан бастаан маннык ньыманан үлэ ыытыллар. Харах быраастара баҕалаах дьону барыларын көрөллөр, ачыкы талалларыгар көмөлөһөллөр. Сороҕор ким эмэ уталытыллыбат көмөҕө наадыйан турар. Холобур, харахха туох эрэ киирбитин ыллаттараллар. Аны туран, быраастар катаракталаах, глаукомалаах киһини булан ылаллар, лазерынан эмтииргэ ыыталлар. Оттон хирурдах эпэрээссийэлииллэр. Маннык ньыманан Ил Дархан Айсен Николаев хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтүнэн хааччыйарга сорудаҕын толоробут. Онон уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пуун, сэлиэнньэ, бөһүөлэк олохтоохторо ыраах оройуон балыыһатыгар айанныы сатаабаттар, — диэн этэр өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан.
Алдан оройуонугар биир нэдиэлэ устатыгар быраастар 300 кэриҥэ киһини көрдүлэр, катараакталаахтары эпэрээссийэлээтилэр.
— Кутанаҕа кыайан тиийбэтэхпит хомолтолоох. Онон кыһыҥҥы суол турдаҕына, хайаатар да өссө төгүл кэлэ сылдьыахпыт, — диэн бэлиэтиир Иван Луцкан.
Мобильнай комплекс улуустарынан сылдьан үлэлиир. Харах быраастара Намҥа, Бүлүүгэ, Мииринэйгэ сылдьыбыттара. Билигин Алдаҥҥа үлэлииллэр. Өссө Нерюнгригэ барыахтаахтар.
Хаартыскалар өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһаттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: