Бу күннэргэ Нам улууһун дьаһалтатыгар улуус булчуттара, булчут ыттарынан дьарыктанааччылар, сэҥээрээччилэр саха ытын боруода быһыытынан бигэргэтиини тула мунньахха көрсөн дьүүллэстилэр.
Мунньаҕы улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев салайан ыытта. Мунньахха Дьокуускайтан «Саха ыта» түмсүү уопсастыбаннай көҕүлүүр бөлөҕүн салайааччыта Валерий Никифоров, уопсастыба чилиэттэрэ Яков Семенов, Сергей Егоров кытыннылар.
«Күн бүгүн саха ата, ынаҕа бүтүн аан дойду үрдүнэн аатырар буоллахтарына, саха ыта түҥ былыргы силистээҕин туһунан үгүс киһи билбэт. Саха ыта боруода быһыытынан улаханнык аатыра илик. Онон дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатыы, иитии үлэтин көҕүлээһин уонна ахсаанын элбэтэн сөргүтэр үлэ сытыытык туруохтаахтар. Былыр-былыргыттан булт кэмигэр саха киһитэ уонна ыт биир санаанан сылдьаллар. Саха дьоно томороон тымныыга бултаан, балыктаан, сүөһү-сылгы ииттэн аһаан-сиэн, таҥнан-симэнэн, түүлээҕинэн эргинэн кэллэҕэ. Былыргы дьыллар мындааларыгар түүлээх кыһыл көмүһү кытта тэҥҥэ «сымнаҕас көмүс» диэн сыаналанара» — диэтэ Валерий Никифоров.
«Саха ыта» түмсүү көҕүлүүр бөлөҕө иһитиннэрбитинэн, саха ытын боруодатын бэлиэлэрин барыллаан стандарта оҥоһуллубут. Ону чопчулаан саха ыта Норуоттар икки ардыларынааҕы кинологическай Федерация стандартарын хамыыһыйатыгар Арассыыйа кинологическай Федерациятын бигэргэтиитин ааһарыгар үлэ барарын эттилэр. Дойду кинологическай федерацията туспа боруода быһыытынан билинэрин туһугар биир тииптээх 200 ыт баар буолуон наада диэтилэр. Ыт стандартын чопчу олохтуурга, бигэргэтиини ааһарыгар элбэх үлэ, ыттар быыстапкалара ыытыллыахтаахтарын иһитиннэрдилэр.
«Саха ытын быһыыта-таһаата модьу уонна бэйэтэ улахан, кулгаахтарын икки арда киэҥ, кутуруга эриллибэт (саабылалыы сытар), майгыта сымнаҕас. Биир сүрүн уратыта — ньуолах уонна тоҥмот хойуу түүлээх буолар, тыйыс тымныылары ордук тулуйар. Булчуттар эрэллээх доҕордоро уонна аргыстара», — диэтэ Сергей Егоров.
Саха ыттарын быһыыларын-таһааларын сыаналыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка бу сыл кулун тутарыгар Ньурба улууһугар ыытылларын туһунан иһитиннэрдилэр. Нам улууһун ытынан дьарыктанааччыларын уонна булчуттарын икки ардыларыгар маннык быыстапка ыытылыннаҕына Дьокуускайтан Экология министиэристибэтиттэн уонна анал эспиэрдэр тахсан көрөн сыаналыахтара диэтилэр. «Саха ыта» түмсүү уопсастыбыннай тэрилтэ буоларын быһыытынан судаарыстыба өттүттэн туох даҕаны үбүлээһин, өйөбүл көрүллүбэт. Барыта бэйэ күүһүнэн уонна олохтоохтор көмөлөрүнэн үлэлиирин эттилэр.
«Булка-алка бэйэтигэр тэҥнээҕи булбат саха ытын боруодата — боруода быһыытынан бигэргэтиини ыларыгар, ааһарыгар Нам улууһун булчуттара, ытынан дьарыктанааччылара, иитээччилэрэ төһө кыалларынан бэйэлэрин көмөлөрүн, өйөбүллэрин оҥоруохтара», — диэтэ Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев. Мунньах кыттыылаахтара интэриэһиргиир ыйытыктарын биэрдилэр, этиилэри киллэрдилэр. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…