Салгыы
Харах туохтан мөлтүүрүй?

Харах туохтан мөлтүүрүй?

Ааптар:
01.08.2024, 16:59
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Ааспыт 60 сыл тухары аан дойду үрдүнэн харах мөлтөөһүнэ бара турар. Ырааҕы кыайан көрбөт буолуу (близорукость, миопия) – аныгы кэм биир саамай түргэн тэтимнээхтик тарҕанар ыарыыта. Ордук  түргэнник оҕо миопияҕа ылларыыта бэлиэтэнэр. Бу кыһалҕаны үгэс курдук аныгы технологиялар олоххо киириилэрин содулунан ааҕаллар. Бастаан тэлэбиисэр, онтон көмпүүтэр, төлөпүөн экрана “дьон хараҕын быһа сиэтэ” диэн этии саарбахтаммат курдук.

Ырааҕы көрбөт буолуу төрүөттэрэ

Миопия хайдах үөскүүрэ биллэр – бу ыарыыттан харах улаатар. Төгүрүк эттик улааттаҕына, эргимтэтин иэнэ уларыйар, онтон сылтаан харах оптикатын фокустуур туочуката уларыйар, айылҕаттан туруо­руллубут “настройката” ыһыллар. Бу көстүү араас чинчийиилэринэн дакаастаммыт чахчы.

Харах буорту буолуутун сылтаҕа элбэх дииллэр. Бастатан туран, туох да саарбаҕа суох, бу ыарыы сүрүннээн удьуордааһын төрүөттээх. Мөлтөхтүк көрөр төрөппүт оҕото улааттаҕына, харах өттүгэр кыһалҕаланара элбэх.

Иккис төрүөтүнэн кинигэ ааҕыытын ааттыыллар этэ. “Үөрэхтээх киһи – ачыкы­лаах киһи” кырдьык, улахан чинчийиитэ суох көстөр сибээс­тээх курдук. Ол эрэн, бу көстүү арыый уустук айылҕалаах быһыылаах, ол туһунан арыый сиһилии суруйуоҕум.

Тэлэбиисэр, көмпүүтэр экранын өр одуулааһын хараҕы буортулуур диэн өйдөбүл, дьиҥэр, “кинигэни ааҕыы” диэн төрүөтү кытта биир айылҕалаах. Арай билигин, экраны манаһыы ордук үксээбит кэмигэр, кинигэни ааҕыы буортута лаппа аҕыйах диэн өйдөбүл үөскээтэ быһыылаах.

Өссө биир төрүөт – “сытан эрэ ааҕыы”, дьиҥ дьиҥэр сыыһа эбит диэн аныгы чинчийиилэр көрдөрөллөр. Оҕо сылдьан “дьыбаантан тур, олорон эрэ аах!” диэн ыххаллыбыт дьон, уоскуйуоххутун сөп – хараххыт мөлтөөбүтэ атынтан.

“Битэмиин тиийбэтэҕинэ, харах мөлтүүр” диэн этии эмиэ саарбах соҕус быһыылаах. Дьэ уонна саас сааһынан ырытан көрүөххэ.

Тоҕо Азия норуоттара ачыкылаахтарый?

Азия киинэлэрин көрдөххө, биир дьикти ураты харахха быраҕыллар – бэрт элбэх киһи ачы­кы­лаах. Бу олох кырдьыга – Соҕуруулуу-илиҥҥи Азия
дой­дуларыгар билигин, сорох ааҕыыларынан, 95% дьон ачыкы кэтэр, эбэтэр ачы­кы кэтиэн сөп мөлтөөбүт харах­таах. Кытай устудьуон­на­рын ортотугар ачыкы­лаах дьон ахсаана 86%. Тэҥнээн көрдөххө, холобур, Австралияҕа бу көрдөрүү 15% тэҥнэһэр. Азия бу уратыта кэнники кэм­ҥэ уопсай санаа буолбут этии­ни утары барар. Кинилэргэ харах мөлтөөһүнэ тэлэбиисэр, көмпүүтэр маассабай тарҕаныыларыттан лаппа эрдэ саҕаламмыт. Тоҕо?

Кытайга уонна кинини тулалыыр судаарыстыбаларга үөрэҕирии нөҥүө ситиһиилээх киһи буолуу өйдөбүлэ Европатааҕар эрдэ олохтоммута. Түҥ былыргы кэмтэн, бу империяҕа ааҕар, суоттуур дьоҕурдаах киһи уопсастыба ханнык араҥатыгар киирэриттэн тутулуга суох, судаарыстыба үлэһитэ буолан өрө тахсыан сөбө. 605 сылтан Кытайга хас да түһүмэхтээх, уустук оҥоһуулаах кэцзюй диэн ааттаах эксээмэн систиэмэтэ үлэлээбитэ. Бу систиэмэ ыраахтааҕыга сулуус­палыыр мандариннары (чунуо­бунньуктары) талан ылара. Холобурдаан эттэххэ, Европаҕа, судаарыстыба сулууспатыгар эксээмэн нөҥүө киирии аан бастаан Берлин куоракка 1693 сылтан саҕаламмыт.

Кытайга үрдүк солону эксээ­мэн нөҥүө ситиһии систиэмэтэ 1905 сыллаахха үрэллибитэ эрээри, үөрэҕириигэ сүгүрүйүү култуурата ханна да сүппэтэҕэ. Хомуньуустар былааһы ылбыттарын да кэннэ үөрэххэ туттарсан ситиһиилээх киһи буолар ордук дөбөҥ суол этэ. Оттон билигин, бастыҥ үрдүк кыһаларга киирэр туһугар, Кытай оҕолоро күннэри-түүннэри үөрэнэллэр, этэргэ дылы, күн сырдыгын көрбөттөр.

Үөрэх хараҕы сиир?

Ити гынан, кинигэни ааҕыы, өр үөрэнии харах мөлтөөһүнүн сүрүн төрүөтэ буолуон сөп диэн этии ордук кырдьыктаах курдук буолан тахсар. Маны научнай чинчийиилэр эмиэ бигэргэтэллэр. Гельмгольц аатынан харах ыарыыларын чинчи­йэр институт  Москва, Санкт-Петербург, Иваново уонна Ижевск куораттарга оскуола 1-11-с кы­­лаас үөрэнээччилэрин чинчийии түмүгүн 2018 сылга бэчээккэ таһаарбыта. Уопсайа 3695 оҕону үөрэтэн көрүү, алын кылаастан саҕалаан сыл аайы харах туруга, ортотунан, мөлтүүрүн бигэргэппит. Ол курдук, бастакы кылаас оҕолоругар миопиялаах үөрэнээччи ахсаа­на 2,4 % тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, 5 кылааска 19,7% оҕо ырааҕы үчүгэйдик көрбөт. Оттон 11 кы­­лаас оҕолорун истэригэр миопия­лаах киһи ахсаа­на ортотунан 38,6% буолбут. Эрэгийиэн аайы бу көрдөрүү араастаах эбит эрээри, ортотунан, үрдүкү кылаас­тар диэки харах туруга мөлтүүрэ уопсай быраабыла буол­бут. Манныкка майгынныыр хартыына бары сайдыылаах дойдуларга бэлиэ­тэнэр. Чинчийии өссө биир уратыны бэлиэтээбит – уопсай үөрэхтээһин орто оскуолаларыттан дириҥэтэн үөрэтэр лиссиэйдэргэ, гимназияларга миопия тарҕаныыта биллэ үрдүк.

Оччоҕуна тугуй? Миопия төрүөтүн туоратар кыах суох дуо? Кыраҕы буолар туһугар үөрэҕэ суох хаалар соччото суох  курдук. Ол эрэн, аныгы чинчийиилэр, эрдэ быһаарбытым курдук, үөрэх уонна миопия сибээһэ арыый уустугун быһаарбыттар.

Күн сырдыга – сүрүн төрүөт

Аҕыйах сыллааҕыта Австра­лиятааҕы Хараҕы чинчийии институтун учуонайдара миопияны көбүтэр биир сүрүн сылтаҕынан күн уота тиийбэтэ буолар диэн түмүгү Nature эрэссиэнсийэлэнэр наука сурунаалыгар таһаарбыттар. Кэккэ чинчийии көрдөрөрүнэн, харах мөлтөөһүнэ кинигэ ааҕыыттан буолбакка, дьиэ иһигэр олорууттан тахсар эбит. Үөрэхтэн сылтаан, эбэтэр күнү быһа көмпүүттэр иннигэр олорор дьаллыктан, оҕо күн сырдыгын сөптөөх нуорматын ылбат буол­лаҕына, хараҕа мөлтүүрэ олус күүскэ улаатара дакаастаммыт. Үүнэр сааһыгар сылдьар оҕо кырата икки-үс чаас күн сырдыгар таһырдьа сырыттаҕына, миопияттан куоту­­нуон сөп диэн түмүгү үгүс учуо­найдар сөптөөҕүнэн аахпыттар. Ону таһынан, сааһын сиппит, хараҕа мөлтөөбүтэ быданнаабыт да киһи күн анныгар сылдьарын уһаттаҕына, көрөр дьоҕура тупсуон сөп диэн чинчийиилэр эмиэ баар курдуктар.

Билигин даҕаны бу арыйыы бүтэһиктээх түмүгэ тахса илик быһыылаах. Ол курдук, харах мөлтөөһүнүгэр хараҥа эрэ сылтах буолара саарбахтанар.  Холобур, дьиэ иһигэр күн сырдыгар холоонноох уоту холбоо­һун көмөлөһүө дуо? Бу ыйытыыга интэриниэт ситимигэр араас хоруй баар. Билигин дьиэ иһигэр саамай сырдаабыта 5000 люкс сырдык олохтонор эбит, бу күн уотуттан икки бүк хараҥа. Ол эрэн, атын учуонайдар этэллэринэн, дьыала сырдыкка эрэ буолбатах – күн сардаҥатыгар араас усталаах долгуннар бааллара, араас спектр сардаҥаларын дьайыылара улахан суолталаах буолуон сөп.

Вадим Бондарь, оҕону эмтиир быраас, офтальмолог:

– Хамсык кэмигэр “онлайн-үөрэнии оҕо хараҕар содуллаах буолуо дуо?” диэн ыйытыыны миэхэ хаста да биэрэ сылдьыбыттара. Билигин гаджеттарынан туһаныы олус элбээтэ. Дьиҥэр, аныгы чинчийиилэр баар кыһалҕаны маннык быһаараллар. Оҕо хараҕар хараҥаҕа өр олоруу ордук кутталлаах. Ол иһин оҕо таһырдьа элбэхтик сылдьыахтаах. Күн сырдыга миопияны профилактикалыырга – бастакы уонна сүрүн түһүмэх. Араас туһа­лаах ас, эбилик, харах гимнастиката, физиотерапия бу ыарыыны бохсууга туһата суохтар. Былыттаахха даҕаны таһырдьа тахсыы улахан туһалаах.

Түмүккэ

Күннээххэ оҕо таһырдьа тахсарын элбэтии доруобуйаҕа туһалааҕын аан дойду офтальмологтара бигэргэтэллэр. Ол эрэн, бу этии  аны дерматологтар сүбэлэрин утарар. Күүстээх күн уотугар тахсан биэрии тирии ыарахан ыарыытын көбүтүөн сөп.

Сытан эрэ ааҕыы, көмпүүтэри, төлөпүөнү өр одуулааһын эмиэ биллэр содуллаах диэн бэрт элбэх харах бырааһа этэр. Тус бэйэм, күн сырдыга  күннээҕи ирдэнэр нуормалаах диэн көрүүнү кырдьыгынан ылынным.

Биир чахчы мөккүөрү көбүппэт – удьуордааһын харах мөлтөөһүнүгэр улахан суолталаах. Ити курдук, кыһалҕа быһаарыллыа ыраах, кэлэр кэмҥэ харах мөлтөөһүнэ киһи аймах улахан аҥаарын таарыйыыһы. 2050 сылга 5 миллиард кэриҥэ киһи миопиялаах буолара сабаҕаланар.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: