Харахха суһал көмөнү оҥорор кииҥҥэ тыһыынчанан киһи бу күннэргэ сырытта
«Хараххытын харыстааҥ!» диэн Дьокуускай куоракка харахха суһал көмөнү оҥорор киин (ЦНОП) быраастара этэллэр, сэрэтэллэр.
Тимиринэн охсуллан хараҕа хааннырбыт эр киһини атын куораттан харахха суһал көмөнү оҥорор кииҥҥэ аҕалбыттар. Билигин пациент манна стационарга эмтэнэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ харахха суһал көмөнү оҥорор соҕотох киин Саҥа дьыл бырааһынньыгын күннэригэр тигинэччи үлэлээтэ. Манна тыһыынчанан кэриҥэ киһи, ким хараҕын эчэтэн, кимиэнэ иһэн тахсан, ким хараҕа кыһыйан манна кэлэн көмөнү ылбыттар.
«Быйыл оннук элбэх салют буолбата. Хааччахтааһын баара билиннэ«, — диэн бэлиэтииллэр.
«Элбэх оҕо минньигэһи сиэн хараҕынан кыһалҕаны көрүстэ: тохсунньуга элбэх оҕо кэлтэһэлэнэн кэллэ. Минньигэһи наһаа сиэтэхтэринэ — кэлтэһэ күүттэрэ барбат. Буолан баран, бу бөлтөччү иһэн эрэ тахсыы буолбатах, тымныйан ириҥэрэн аҕай, өссө кыраадыстанан, кыһыйан сордообутун кэннэ кэлэллэр. Өссө салюту чугастан көрөөрү, харахтарын эчэтэн эмсэҕэлээбит оҕолор эмиэ бааллара«, — диэн этэр харахха суһал көмөнү оҥорор киин бырааһа Феликс Порядин.
Бырааһынньык кэмигэр бу суһал көмөнү оҥорор киин күҥҥэ сүүһүнэн пациены көрбүт. Этиллибитин курдук, бу харахтарыгар улахан эчэйиини ылбыт дьон. «Охсуһууга харахтарын эмиэ өлөрөллөр, улаханнык эчэттэхтэринэ көрбөт да буолан хаалыахтарын сөп! — диэн сэрэтэллэр. — Быйыл тохсунньутааҕы бырааһынньык күннэригэр биһиэхэ кэлбит дьон харахтарыгар суһал көмөлөр оҥоһулуннулар, барыта этэҥҥэ, Өссө катаракталаахтар эмиэ кэлэллэр. Оннук биир киһи саҥа сыл үүммүт бастакы күнүгэр кэлбитэ. Хараҕа иһэн тахсыбыт, өссө глаукомалаах. Стационарга киллэрбиппит».
-Ытыктабыллаах бар дьоммут, хараххытын харыстааҥ! Харахха суһал көмөнү оҥорор киин аадырыһа: Дьокуускай куорат Свердлов уул. 17. Күннэри-түүннэри, 24/366 үлэлиибит! — диэн иһитиннэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: