Харахха суһал көмөнү оҥорор кииҥҥэ тыһыынчанан киһи бу күннэргэ сырытта

Share

«Хараххытын харыстааҥ!» диэн Дьокуускай куоракка харахха суһал көмөнү оҥорор киин (ЦНОП) быраастара этэллэр, сэрэтэллэр.

Тимиринэн охсуллан хараҕа хааннырбыт эр киһини атын куораттан харахха суһал көмөнү оҥорор кииҥҥэ аҕалбыттар. Билигин пациент манна стационарга эмтэнэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ харахха суһал көмөнү оҥорор соҕотох киин Саҥа дьыл бырааһынньыгын күннэригэр тигинэччи үлэлээтэ. Манна тыһыынчанан кэриҥэ киһи, ким хараҕын эчэтэн, кимиэнэ иһэн тахсан, ким хараҕа кыһыйан манна кэлэн көмөнү ылбыттар.

«Быйыл оннук элбэх салют буолбата. Хааччахтааһын баара билиннэ«, — диэн бэлиэтииллэр.

«Элбэх оҕо минньигэһи сиэн хараҕынан кыһалҕаны көрүстэ: тохсунньуга элбэх оҕо кэлтэһэлэнэн кэллэ. Минньигэһи наһаа сиэтэхтэринэ — кэлтэһэ күүттэрэ барбат. Буолан баран, бу бөлтөччү иһэн эрэ тахсыы буолбатах, тымныйан ириҥэрэн аҕай, өссө кыраадыстанан, кыһыйан сордообутун кэннэ кэлэллэр. Өссө салюту чугастан көрөөрү, харахтарын эчэтэн эмсэҕэлээбит оҕолор эмиэ бааллара«, — диэн этэр харахха суһал көмөнү оҥорор киин бырааһа Феликс Порядин.

Бырааһынньык кэмигэр бу суһал көмөнү оҥорор киин күҥҥэ сүүһүнэн пациены көрбүт. Этиллибитин курдук, бу харахтарыгар улахан эчэйиини ылбыт дьон. «Охсуһууга харахтарын эмиэ өлөрөллөр, улаханнык эчэттэхтэринэ көрбөт да буолан хаалыахтарын сөп! —  диэн сэрэтэллэр. — Быйыл тохсунньутааҕы бырааһынньык күннэригэр биһиэхэ кэлбит дьон харахтарыгар суһал көмөлөр оҥоһулуннулар, барыта этэҥҥэ, Өссө катаракталаахтар эмиэ кэлэллэр. Оннук биир киһи саҥа сыл үүммүт бастакы күнүгэр кэлбитэ. Хараҕа иһэн тахсыбыт, өссө глаукомалаах. Стационарга киллэрбиппит».

-Ытыктабыллаах бар дьоммут, хараххытын харыстааҥ!  Харахха суһал көмөнү оҥорор киин аадырыһа:  Дьокуускай куорат Свердлов уул. 17. Күннэри-түүннэри, 24/366 үлэлиибит! — диэн иһитиннэрэллэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

30 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago