Салгыы
Харахтарынан көрбөт интэлигиэннэри ахтан-санаан аастылар

Харахтарынан көрбөт интэлигиэннэри ахтан-санаан аастылар

28.12.2023, 18:37
Хаартыска: Национальнай бибилэтиэкэ
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 25 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар Саха сиригэр харахтарынан көрбөт оҕолору үөрэтиигэ уонна иитиигэ тугунан да сыаналаммат кылааттарын киллэрбит харахтарынан көрбөт интэллигиэннэри ахтан-санаан аастылар. 

Тэрээһин Арассыыйаҕа бастакы анал оскуолалартан биирдэстэрэ, хараҕа суохтар уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэлээҕи оскуолаларын 85 сылыгар ананна.

Бастакы оскуола 1938 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтиттэн чугас Доллуга аһыллыбыта. Бу кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэҕэ  коррекционнай педагогика саҕаламмытынан  ааҕыллар. Бу оскуоланы бүтэрбиттэр ааспыт үйэ 40-с сылларын бүтүүлэриттэн орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэн барбыттара. Кинилэринэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит киэн туттар, кинилэри Арассыыйаҕа тиийэ билэллэр.

Ахтыы киэһэтигэр устуоруйа наукатын хандьытаата, биллиилээх адбакаат Илья Егорович Охлопковы, Саха сирин бастакы тифлопедагога  Георгий Алексеевич Слепцовы, аан дойдуга биллэр эсперантист Юрий Вениаминович Писаревы, харахтарынан көрбөт дьонтон нуучча дуобатыгар успуорт маастарыгар  бастакы хандьытаат Прокопий Петрович Романовы, нуучча тылын уонна литературатын учуутала  Зинаида Федоровна Зыкованы, көрбөттөр ортолоругар  Саха сирин бастакы мелодиһа, муусука уонна ырыа учуутала Владимир Сергеевич Кимы, Көрбөттөр уопсастыбаларын үөрэтэр-производственнай  тэрилтэлэрин бастакы дириэктэрэ Семён Романович Макаровы ахтан-санаан аастылар.

Маннык хабааннаах тэрээһин Саха сиригэр бастакытын ыытылынна. Тэрээһини биллиилээх учуонай, инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ наукаҕа  сүүстэн тахса үлэлээх ааптар, уопсастыбаннай диэйэтэл Пантелеймон Романович Егоров көҕүлээһининэн, Национальнай бибилэтиэкэ салалтатын өйөбүлүнэн ыытылынна.     Эһиил инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ үлэ былааннанна, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Брайл систиэмэтин уонна көмпүүтэр адаптивнай технологиятын үөрэҕэр идэлэрин үрдэтиэхтэрэ.

Биэчэргэ кэлбит  көрбөт интэллигиэннэр чугас дьонноро уонна аймахтара тэрийээччилэргэ махталларын тириэртилэр. Биэчэргэ ону таһынан  инклюзивнай үөрэхтээһин дьоһун суолталаах кыһалҕаларын уонна инники кэскилин дьүүллэстилэр.

(Национальнай бибилэтиэкэ Медиа-киинин матырыйаалынан)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: