Салгыы
Харахтарынан мөлтөхтүк көрөр оҕолорго, улахан дьоҥҥо хомус куонкуруһун ыыттылар

Харахтарынан мөлтөхтүк көрөр оҕолорго, улахан дьоҥҥо хомус куонкуруһун ыыттылар

03.11.2023, 19:30
Хаартыска: Хомус түмэлэ.
Бөлөххө киир:

Алтынньы 20-31 күннэригэр “Үрүҥ торуоска”  тэрээһин иитинэн, харахтарынан мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо “Хомус – мин дууһам муусуката” хомусчуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн куонкурустара буолан ааста.

Куонкурус, хомус тыаһа ыарыһаҕы чөлүгэр түһэрэр кыаҕын киэҥник тарҕатар соруктаах ыытылынна.  Уопсайа, 13 видео киирдэ. Видеолары Хомус түмэлин ютубка ханаалыгар таһаардыбыт.

Дьүүллүүр сүбэҕэ аан дойду виртуоз-хомусчута, СӨ үтүөлээх артыыһа Варвара Степанова, тута хоһуйар хомусчут, норуоттар икки ардыларынааҕы хомус түмэлин уонна киинин үлэһитэ Алена Платонова, И.Н. Егоров-Горнай аатынан көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи анал бибилэтиэкэлэрин сүрүн бибилэтиэкэрэ Ульяна Чичигинарова үлэлээтилэр. Куонкурус туһунан түмэл үлэһиттэрэ иһитиннэрэллэр.

Сэтинньи 2 күнүгэр Хомус киинигэр куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалыыр дьоро күн буолан ааста.

Хаартыска: Туйаара Жиркова.

Куонкурус түмүгэ

7-18 саастаах оҕолорго:

  1. Павлова Виолетта – I истиэпэннээх лауреат.
  2. Шепелева Ангелина – II истиэпэннээх лауреат.
  3. Иванов Эрсан – III истиэпэннээх лауреат.
  4. Устинова Наташа – I истиэпэннээх дипломант.
  5. Егорова Эвелина – II истиэпэннээх дипломант.
  6. Халгаева Виктория – III истиэпэннээх дипломант.
  7. Катанова Анна – «Иэйиилээх хомусчут» номинация.
Хаартыска: Туйаара Жиркова.
Хаартыска: Туйаара Жиркова.

18-тан үөһэ саастаахтарга:

  1. Платонов Валерий — I истиэпэннээх лауреат.
  2. Данилова Мария – II истиэпэннээх лауреат.
  3. Котельников Михаил — III истиэпэннээх лауреат.
  4. Слепцов Сергей — I истиэпэннээх дипломант.
  5. Сивцева Дарина — I истиэпэннээх дипломант.
  6. Зиазетдинова Айза – «Дьулуурдаах хомусчут» номинация.
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: