Харбалаах 60 сылын бэлиэтээтилэр
Ыам ыйын 5 күнүгэр Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Харбалаах төрүттэммитэ 60 сылынан «Тапталлаах Харбалаахпынан киэн туттабын!» дириҥ ис хоһоонноох үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Бу тэрээһиҥҥэ тапталлаах төрөөбүт дойдубут туһунан ырыа, хоһоон, уруһуй, дакылаат көмүскээһинигэр, өйтөн суруйууга күөн күрэс арааһа буолла.
Маны таһынан, «Уруккуга эргиллэн көрдөххө» диэн быыстапка арааһа тэниччи тардылынна. Харбалаах маҥнайгы тутааччыларын үйэтитэр презентация, киинэ көрүүтэ буолла. Харбалаах «Дьоһун дьарык» кэлэксийэниэрдэрин түмсүүтэ Харбалаах бастакы сылларын кэрэһэлиир быыстапканы тэрийэн, тэрээһин ис хоһоонун ситэрэн биэрдилэр. Манна туох суоҕуй диэх курдук: илиинэн эриллэр миксер, тимэх арааһыгар тиийэ баай кэлиэксийэлэрэ киһи сүрэҕин долгутта. Олус үчүгэй урукку маллар-саллар, илии суунар мыылаттан саҕалаан, баттах туттарар эрэһиинэҕэ, от күөх дьүһүннээх эмээллээх тимир иһит нобуоругар тиийэ бааллар.
Ону таһынан, урукку хаһыаттар, хаартыскалар эдэр ыччат романтикатын —Харбалаах тутуутун устуоруйатын барытын сэһэргииллэр.
Аҕам саастаах дьоҥҥо, ыҥырыылаах ыалдьыттарга барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бүгүҥҥү тэрээһинтэн тапталлаах төрөөбүт дойдубут туһунан наһаа элбэҕи билэн, дуоһуйан тарҕастыбыт.
Наташа Никифорова, Таатта, Харбалаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: