Харбалаахха Кыайыы күнүнэн сэргэх тэрээһиннэр ыытылыннылар

Харбалаахха Кыайыы күнүнэн сэргэх тэрээһиннэр ыытылыннылар

09.05.2024, 18:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Кыайыы диэн тыл сүрэҕи өрүкүппүт, эрэли үөскэппит, үтүөнү түстээбит бэлиэ тыл.

Улуу Кыайыы күнүн көрсө Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үгүс тэрээһин буолла. Ол курдук, кылаастар сыһыарыылаах ытык сирдэрин ыраастаатылар, нэһилиэк субуотунньуктарыгар кытыннылар, бэтэрээннэргэ көмөлөстүлэр. «Окна Победы», «Өлбөт-сүппэт полк», «Письмо солдату» курдук Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаларга барытыгар кытынныбыт.

Оскуола мусуойун салайааччыта В.В.Блахирова салайыытынан бэтэрээннэргэ аналлаах истиэндэ сөргүтүлүннэ, байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар 20 хорсун биир дойдулаахпытыгар сурук суруйдубут. Кылаастарынан сыһыарыылаах бэтэрээннэрбитин эҕэрдэлээтибит.


4 кылаас хоһоонньуттара тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ А.Г.Колодезниковаҕа, Е.Т. Протопоповаҕа сылдьан, эҕэрдэлээтилэр, «Кыайыыга-эҕэрдэ!» хоһооннорун ааҕан сэргэхситтилэр. Кинилэри К.И.Старостина, В.С.Кривошапкина бэлэмнээбиттэрэ. «Ини-бии Мординовтар» түмэл салайааччыта С.А.Васильева «Уроки мужества» ыытта. Быйыл оскуоланы бүтэрэр Ария Трофимова «Полка добра ветеранам» аахсыйаны олохтоох «Кэскил» маҕаһыыҥҥа тэрийбитигэр үгүс киһи кыттыста. Бу бэлэхтэри «Кыайыы күнүнэн» бэтэрээннэргэ үөрдэ-көтүтэ тиксэриэхтэрэ.

Ити курдук, үлэни уонна үөрэҕи тэҥҥэ тутан, бэтэрээннэргэ сүгүрүйэ-махтана Кыайыы күнүн көрсөбүт. Бары баҕа санаабыт: «Сэрии суох буоллун! Эйэлээх олох түстэннин!»

Лейла НИКОНОВА

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: