Харбалаахха мас уустарыгар «Тоҕус төгүл тоҕо?» күрэс ыытылынна
«Төрүт култуурабыт төрдө, силиһэ илэ бэйэтинэн норуокка, тыаҕа баар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Быстан баран салҕанан эрэр өбүгэлэрдиин ситиммит, ийэ култуурабыт күөх кырсын сиигин иҥэриммит, тыаҕа олорор уустарбыт илиилэригэр баар.
«Тэпилииссэ» ТУоБС, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга уонна улуус үөрэхтээһинин салалтата холбоһон, балаҕан ыйын 14-16 күннэригэр мас уустарыгар “Тоҕус төгүл тоҕо?” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэҕи ыыттылар. Бу күрэххэ үс улуустан алта мас ууһа кыттыыны ылла.
Күөн күрэспит сүрүн сыала-соруга: биир дойдулаахпыт, сээркээн сэһэнньит, норуодунай суруйааччы Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа сырдык аатын үйэтитии; оскуола саастаах оҕолорго Амма Аччыгыйа айымньытын нөҥүө сиэрдээх сыһыаҥҥа, төрүт үгэскэ иитии-үөрэтии, суруйааччы айымньыларын ааҕарга интэриэһи көбүтүү.
Бастакы күн уран тарбахтаах уустарбытын кытары билсиһиинэн, кэлбит ыалдьыттар эҕэрдэлэринэн, кэлэктиип муусукаалынай нүөмэринэн күрэспит үөрүүлээх чааһа арылынна. Суруйааччы бюһун таһыгар кэлбит ыалдьыттар, кыттааччылар, оҕолор уонна учууталлар талах маһы олортулар.
Үс күн устата көмүс илиилээх уустарбыт “Тоҕус төгүл тоҕо?” диэн Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа кэпсээнинэн мас оҥоһуктары чочуйан, оскуолабыт тэлгэһэтигэр оҥорон туруордулар. Күрэх кыттааччылара ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ тута харахха быраҕыллар. Сарсыарда эрдэттэн киэһээ хойукка диэри эрбии, араас уотунан үлэлиир тэриллэр тыастара иһилиннэ. Түмүгү ааттаах суоллаах худуоһунньуктар, скульптордар, оскуола учууталлара таһаардылар.
Ол курдук, 1 миэстэ (бириис — 100 тыһыынча солкуобай) Афанасьев Леонид Никифорович, Үөһээ Бүлүү; 2 миэстэ (80 тыһыынча солкуобай) Назаров Василий Александрович, 3 миэстэ (50 тыһыынча солкуобай) Попов Василий Еремеевич буоллулар. Номинациялар: «Сатабыл, Саар хоһуун» — Варфоломеев Афанасий Афанасьевичка (Таатта), «Төрүт үгэһи салҕааччы» — Атастыров Алквиад Павловичка (Таатта), «Айар талаан» — Романов Юрий Владимировичка (Хаҥалас) иҥэриннилэр.
Бу күрэҕи тэрийэрбитигэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут спонсордарбытыгар барҕа махтал тылларын этэбит. Ол курдук, “Төлөн” АО (салайааччы Рахлеев П.Д.), “Монтажник” ПК (салайааччы Ханин А.А.), “Таатта улууһа” МО (баһылыгынан үлэлээбит Соров М.М.), “Орто Амма нэһилиэгэ” ТН (баһылык Кулачиков А.И.), улуустааҕы култуура управлениета (салайааччы Вырдылин Г.Г.), Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатын сүгэр “Кэскил” оҕо хаһыата (салайааччы Семенова О.И.), Мординовтар дьиэ кэргэн, Харбалаахтааҕы үөрэх холбоһугун профкома, оскуола саха тылын МХ (салайааччы Кривошапкина В.С.), 1989 уонна 1995 сыллардааҕы оскуола выпускниктара, “Харбалаах түмсүү” (салайааччы Оготоев С.М.), “Кэскил” маҕаһыын (салайааччы Халыева Е.Р.), “Аленка” маҕаһыын (салайааччы Васильева А.А.), улууспут дьокутаата Рахлеев А.Д., учууталлар Соломонова Д.Е., Лотова Л.Д., Седалищева Е.И.
Эһиги бөһүөлэкпит, улууспут чэчирии сайдарын туһугар саҥаны, үйэлээҕи оҥорууну куруук өйдүүргүтүн-өйүүргүтүн, уҕараабат кыһамньыгытын, көмөҕүтүн үрдүктүк сыаналыыбыт, киэн туттабыт! Инникитин даҕаны таһаарыылаах үлэҕит түмүгэ бар дьоҥҥут үөрүүтүн үрдэттин! Дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Дианна СОЛОМОНОВА, Валентина КРИВОШАПКИНА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: