Сэтинньи 18 күнүгэр И.В. Николаев аатынан Сынньалаҥ киинигэр «Олоҥхо ыйын» арыйар тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу дьоро киэһэни оҕо ускуустубатын оскуолата сүрүннээн тэрийдэ.
Онно үөрэхтээһин холбоһуга уонна нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттыста. Тэрээһин кыттыылаахтара оҕолуун-улаханныын бары сахалыы сайбаччы таҥнан кэлбиттэрэ, киирээти кытта алаадьы буһан сырылыы турара, арыылаах саламаатынан, сылаас алаадьынан айах туппуттара ураты эйгэни үөскэттэ.
“Дабайыы” алгысчыттар бөлөхтөрө сахалыы сиэринэн аал уокка айах тутан, алгыс сиэрин толорон, дьоро киэһэни арыйдылар. Онтон олохтоох ааптар, олоҥхоһут, норуот талааннааҕа Иван Иванович Слепцов “Улаан буулуур аттаах дуулаҕа күүстээх Эрэмэччи бухатыыр” олоҥхотун кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ сүрэхтэниитин бибилэтиэкэ үлэһитэ Арина Васильевна Тарабукина салайан ыытта. Кини олоҥхоһут Иван Иванович Слепцов дьиэ кэргэнинэн олоҥхонон сөбүлээн дьарыктаммыттарын туһунан бэйэтэ бэлэмнээбит презентациятыгар олоҕуран, сиһилии сырдатта.
Салгыы тылы Харбалаахха олоҥхо киэҥ киэлитигэр айаны олохтообут СӨ үөрэҕириитин туйгунугар Варвара Алексеевна Парфеноваҕа биэрдэ. Варвара Алексеевна Иван Иванович Слепцов хайдах олоҥхоҕо сыстыбытын, кэнники сыыйа сайдан, бэйэтэ үс олоҥхону айан хаалларбытын, бу үһүс олоҥхото, үһүс кинигэнэн күн сирин көрбүтүн кэпсээтэ. Кинигэни олоҥхоҕо бииргэ дьарыктаммыт доҕотторо, кини сырдык аатын үйэтитэн, үбүлээн таһааттарбыттарын дохсун ытыс тыаһын ортотугар билиһиннэрдэ. Олоҥхону толорооччулар түмсүүлэрин хас биирдии кыттааччыта Иван Слепцов ураты талааннааҕын бэлиэтээн тыл эттилэр. Олоҥхоһут тапталлаах кэргэнэ Мария Степановна Слепцова кинилэр дьиэ кэргэннэрин олоҥхоҕо уһуйбут, олоҥхонон сайыннарбыт В.А. Парфеноваҕа барҕа махталын тиэртэ. Кинигэ ис бараанын киэргэппит Иван Иванович доҕоругар Олег Иннокентьевич Арылаховка эмиэ махтанна.
Онтон ускуустуба оскуолатын театральнай, тойук, хомус кылаастарын үөрэнээччилэрэ бу “Улаан буулуур аттаах дуулаҕа күүстээх Эрэмэччи бухатыыр” олоҥхону оонньоон көрдөрдүлэр. Сэһэн төрдүн Дарияна Бурцева баһылыы тутан, олус бэркэ толордо. Олоохуна ойууну, Эрэмэччи бухатыыры – сүрүн оруолу Эрсан Халыев итэҕэтиилээхтик толорон, көрөөччүлэри абылаата. Күн Арылы оруолун Вероника Антоева, Хооһой Нооһой тойону-Алеша Васильев, Ньиэрэччийэ хотуну-Айсаана Федорова, Оотой Моотойу-Саина Васильева, Уот Суллурукуну-Никита Ксенонофонтов ыллаан-туойан, олус бэркэ оонньоотулар. Олоҥхону хомусчуттар, күпсүүрдьүт ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Көрөөччүлэр бары оҕолорбут оонньууларын астына-дуоһуйа көрдүбүт. Улахан сыаналарга ситиһиилээхтик оонньуулларыгар алгыы хааллыбыт. Бу олоҥхо-испэктээги иилээн-саҕалаан туруорбуттар: тойук кылааһын учуутала В.А. Парфенова, театральнай кылаас учуутала С.Н. Севастьянова, хомус кылааһын учуутала А.Н. Быгынанов.
Дьоро киэһэ Айаал Никитич Быгынанов таһаарыытыгар сомоҕолоһуу оһуокайынан түмүктэннэ. Салгыы бүттүүн оскуоланан олоҥхону толоруу, олоҥхо дьыктаанын суруйуу курдук дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр буолуохтара.
Валентина КРИВОШАПКИНА, Таатта, Харбалаах.
Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…
Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…
«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…
Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…