Харбалаахха “Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ” билиннэ

Share

Муус устар 30 күнүгэр Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар «Мин — өрөспүүбүлүкэ инники кэскилэбин!» диэн тумус тыллаах «Ситиһии күнэ» үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Бу тэрээһин  Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн», Саха сиригэр «Оҕо саас», Тааттаҕа «Таптал, Эрэл, Итэҕэл» сылларын чэрчитинэн ыытылынна. Тэрээһин үөрэнээччилэр уонна учууталлар холбоһуктаах хордарынан саҕаланна.

Бастаан холбоһук дириэктэрэ А.В. Мосоркина киирии тылынан арыйда, үөрэх дьылын ситиһиилэрин кэпсээтэ. Онтон туйгун, бастыҥ үөрэхтээх үөрэнээччилэр, устудьуоннар  чиэстэннилэр, араас хайысханан ситиһиилээх үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтилэр. Сүүрбэттэн тахса бастыҥтан бастыҥнар анал истипиэндьийэлэри  тутан,  үөрүү өрөгөйүн биллилэр.

Ситиһиилээх үөрэнээччилэри өйөөн,  анал истипиэндьийэлэри туттарар Харбалаах олохтоохторугар, Мординовтар аймахха, учууталларбытыгар барҕа махталбытын тириэрдэбит! Оҕолорун туһугар кыһанан, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ куруук көхтөөхтүк кыттыһар Васильевтар, Винокуровтар, Оконешниковтар «Бастыҥ дьиэ кэргэн» бэлиэнэн наҕараадаланнылар. Элбэх дьиэ кэргэн «Махтал суругунан» бэлиэтэннэ. Түмүккэ, «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» үрдүк аатынан 9 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Бястинов ааттанна! «Сыл бастыҥ устудьуона» ааты Александр Оконешников сүктэ.

«Ситиһии күнэ» өссө да үрдүккэ, сырдыкка, кэрэҕэ угуйа, ыҥыра, сирдии турдун! Үөрэнээччилэрбит өрөспүүбүлүкэ кэскилин түстэһэр чулуу дьон буола үүнэн-үрдээн истиннэр!

Таисия Андреева, 7 кылаас үөрэнээччитэ, Таатта, Харбалаах.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

24 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

2 часа ago