Харбалаах нэһилиэгэр сыл бүтүөр диэри Култуура киинин тутуохтара
Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан саҥа култуура киинэ аһыллыаҕа.
Эбийиэк Саха сирин инвестиционнай бырагырааматынан тутуллар. Бүгүн, атырдьах ыйын 6 күнүгэр, оробуочай сырыытын кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев үлэ хаамыытын көрдө. Билигин тутуу ис уонна тас эркинэ, инженернэй ситимэ оҥоһуллар, кирилиэс олордуллар, оборудование таҥыллар, көҕөрдүү ыытыллар. Эбийиэккэ барыта 32 киһи үлэлиир. Билигин тутуу бэлэмэ — 80% кэриҥэ. Эбийиэги үлэҕэ киллэрии болдьоҕо урукку көрдөрүүлэргэ олоҕурбут буор температурата сөп түбэспэт буолан көһөрүллүбүт.
«Былырыын буор сылыйыытын кытта сибээстээх улахан кыһалҕалар бааллара. Тустаах үлэлэри ыытыы кэнниттэн надзорнай уорганнар салгыы тутууга көҥүлү биэрдилэр. Билигин тутуу саамай көхтөөхтүк барар кэмэ — кыраапыктан хаалыы суох. Сыл бүтүөр диэри бу бэртээхэй, 2 тыһ. кв. м. иэннээх кэрэ эбийиэк тутуллан үлэҕэ киириэ диэн эрэнэбин. Манна саҥа технология туһаныллар, киин аныгы оборудованиенан хааччыллыаҕа. Эбийиэк Саха сиригэр биир бастыҥ нэһилиэк култууратын дьиэтэ буолуоҕа», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Дьиэни-уоту көрүү кэнниттэн баһылык эбийиэги тутуу тэтимин түргэтэтэргэ, олохтоммут болдьоххо киллэриини, дизайн бырайыагы олоххо киллэриигэ ураты болҕомтону уурарга сорудахтаата.
2 тыһыынчаттан тахса кв. м. иэннээх саҥа икки этээстээх дьиэҕэ Исидор Никифорович Барахов аатынан Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын түмэлэ, бибилэтиэкэ уонна 150 миэстэлээх киинэ тыйаатыра баар буолуоҕа. Бастакы этээскэ түмэл экспозиционнай уонна быыстапкалыыр саалалара, административнай кабинеттар оҥоһуллуохтара. Иккис этээскэ — бибилэтиэкэ, кинигэ кыһата, актовай саала, артыыс, көстүүм хосторо, куруһуоктары уонна дьарыктары ыытарга тус кабинеттар.
Ону сэргэ Харбалаахха Айсен Николаев Исидор Барахов аатынан киин уулуссаны саҥардыытын эмиэ бэрэбиэркэлээтэ. 600-тэн тахса миэтэрэ уһуннаах учаастакка үлэ былырыын саҕаламмыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: