Харчылаах буоллаххына, “вторичканы” атыылаһарга үчүгэй кэм
Хамсаабат баай-дуол ырыынагар эмиэ уочараттаах тохтобул буолла.
Сүрүн ыстаапка үрдүү турарынан, ипотека бырыһыана эмиэ үрдүүр. Саҥа дьиэлэргэ чэпчэтиилээх ипотека лимиитин бааннар бэрт кэмчитик биэрэр буоллулар. Сделка.РФ сыыппара платформата иһитиннэрбитинэн, “Дьиэ кэргэн ипотекатын” МКБ, МТС баан, Совкомбаан, Сургутнефтегазбаан, Т-баан, Абсолют баан, Ак Барс, «Россия» баан, Газпромбаан уонна Металлинвестбаан бэйэлэрин усулуобуйаларыгар кирэдьиити биэрэллэр. Оттон сорох чэпчэтиилээх ипотека үтүө кэмнэргэ диэри тохтотулунна. Оттон “вторичкаҕа” базовай ыстаапка ортотунан 26 % буолла, ол иһин бу дьиэлэр атыыга барбакка турбуттара балачча ыраатта. Арай солкуобай умайыа диэн кутталтан харчыларын күрэтээри атыылаһыахтарын сөп.
Сыананы бааннар быһаллар
Саҥа дьиэ атыыта Арассыыйа үрдүнэн тохтоон турар, биһиэхэ өссө Уһук Илиҥҥи ипотека баар буолан, туох эрэ хамсааһын баар. Дьиэ кэргэн ипотекатыгар эбии лимиит көрдүлэр да, сонно бүтэн иһэр. Тутааччылар дьиэ сыанатын түһэриэхтэрин баҕараллар эрээри, бары бырайыактаммыт үбүлээһиҥҥэ киирэн олороллор. Үбүлээһин сыанатын баан быһар, эн кыбартыыраҕын бу суумаҕа атыылыыгын диэн, тутааччы бэйэтэ атыылыырыгар көҥүл биэрбэт. Онон тутааччы эмиэ тугу да гынар кыаҕа суох, илиитэ-атаҕа баайыылаах.
Куортамҥа биэрбит ордук
2020 сыллаахха Уһук Илиҥҥи ипотека киирэн, дьиэ сыанатын үрдээһинэ саҕаламмыта. Ол кэмҥэ ылбыт дьон атыылыахтарын баҕардахтарына, саамай ыарахан сыаналаах атыылааччылар буолуохтарын сөп, дииллэр хамсаабат баай-дуол эйгэтигэр үлэлиир дьон. Тоҕо диэтэххэ, сабыс саҥа дьиэни кв. м 160-170 тыһ. солкуобайынан атыыласпыт дьон өрөмүөннээн баран, хайдах чэпчэкигэ атыылыахтарай. Оннук атыылыыр түбэлтэлэригэр ороскуокка бараллар. Нэһиилэ ипотека хабалатыттан эрэ тахсыахтарын сөп, ол кэриэтин куортамҥа биэрбиттэрэ ордук. Билигин куортам сыаната үрдээн турар. Дьокуускайга биир хостоох дьиэ куортама 30 тыһыынчаттан 50 тыһыынчаҕа диэри халбаҥныыр.
Харчылаах буоллаххына, “вторичка” дьиэни атыылаһарга үчүгэй кэм турар. Биир хостоох кыбартыыраны 5 мөл. солк. иһинэн булуохха сөп.
Кэтэх дьиэ тутуута
Кэтэх дьиэни тутууга эмиэ бырайыактаммыт үбүлээһин – эскроу-счет киирдэ. Биир өттүнэн үчүгэйэ диэн, дьон албыннаппат, иккис өттүнэн харчы туохха көрүллүбүтүнэн барар, урукку курдук мүччү-хаччы уҥа-хаҥас туттубаккын. Кэлиҥҥи кэмҥэ ИЖС ипотека элбээн, эскроу-счету эмиэ бааннар туруорсан киллэрдилэр. Тоҕо диэтэххэ туох да хонтуруол суоҕа, сакаасчыт уонна бэдэрээтчит бэйэлэрин дьыалалара этэ. Оччотугар кэтэх дьиэ эмиэ нормативнай-правовой аактанар, бырайыактыыр технадзорданар, симиэтэлэнэр. Хаачыстыбалаах дьиэ тутуллар буолан, бааҥҥа бу быдан эрэбиллээх. Урут ипотека харчытын ылан баран, атын кирэдьииттэрин сабаллара уонна сарай тутан кэбиһэллэрэ. Дойду үрдүнэн итинник эргитии элбээбит быһыылаах, онон бааннар бэрт түргэнник хамсанан киллэртэрдилэр.
Кэтэх дьиэни тутуу саҥа сокуона кэлэр сыл кулун тутарыттан үлэҕэ киирэр. Дьэ оччоҕо тутааччы да, туттарааччы да аҕыйыыра күүтүллэр. Тутуу ырыынагар дьиҥнээх үлэһиттэр хаалыахтара, харчыны эккирэтэн киирбиттэр тахсыахтара. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутааччылар былырыын сир көрдөөн тахсар эбит буоллахтарына, быйыл ол көстүү тохтообут. Улахан иһит салааһыннаах дииллэринии, улахан хампаанньалар наһаа оҕустарыахтара суоҕа, туппуттарын курдук тута олоруохтара.
Эспиэрдэр этэллэринэн, учаастактарга сир сыаната түһэ турар. Холобур, бу сааскыны кытта тэҥнээтэххэ, мөлүйүөн кэриҥинэн түспүт. 2022-2023 сс. 8 бырыһыаннаах чэпчэтиилээх ИЖС ипотека киирэн, сир сыаната өрө сүүрэн тахсыытыгар бабат диэн, элбэх киһи атыыласпыта. Аны саас киирэр саҥа сокуон бу учаастактар сыаналарын дьэ хайдах гынар?
Маннык курдук кэм хаһан буола сылдьыбытай?
2015 с. дуоллар эмискэ үрдүүр кэмигэр хамсаабат баай-дуол ырыынага эмиэ маннык балаһыанньаҕа киирэ сылдьыбыта. Ыксалынан уоннуу тэлэбиисэри атыыласпыт дьон туһунан истибит буолуохтааххыт. 2016 с. саҥа дьиэлэргэ 07.07.07 диэн чэпчэтиилээх ипотека киирбитэ. Саамай кыра бырыһыаннаах үчүгэй кэм 2019 с. буолбута. Оттон бу билигин кириисис чыпчаала кэлэн турар диэн баҕа санаа эрэ, инникини тымтыктанан көрбүт суох. Арай атыылаһааччы биири өйдүөхтээх, тутааччыга куһаҕан кэм кэлбит буоллаҕына, атыылаһааччыга үчүгэй кэм үөскүүр.
Биирдэ тыаҕа эдьиийбитигэр күүлэйдии таҕыстыбыт. Онно ыала дьахтар чэйдии киирэн баран муҥатыйда. Уола аах иккис оҕолонор буолбуттар, кийиит хат үһү, инньэ гынан, биир хостоох дьиэни улаатыннарар кыһалҕа тирээбит. Ааспыт сылларга чэпчэтиилээх ипотека кэмигэр наар Байбал авто-кирэдьиитин төлүү сылдьыбыттар. Атыылыы охсон икки хостооҕу ылыахтарын, ким да наадыйбат үһү. Аны чэпчэки сыанаҕа атыылыахтарын баҕарбаттар. Дьиҥэр, кинилэргэ сөптөөх чэпчэтиилээх ипотекалар син баарын бааллар эрээри, аны ону таһынан, икки оҕону улаатыннарыахха наада. Чааһынай дьиэ туттуохтарын сир сыаната улаатан хаалбыт. Онон уолум баахтаҕа үлэлии барарым дуу диир буолла диэн, кэпсээн таҕыста.
САНАА
Аркадий Назаров, хамсаабат баай-дуол эспиэрэ:
– Сэтинньигэ сүрүн ыстаапка өссө үрдүүр түгэнигэр, “вторичкаҕа” хамсааһын эмискэ тахсыан сөп, итиннэ Саҥа дьыл бырааһынньыга иһэрэ эмиэ оруолу оонньооччу. Дьон сыл түмүгүнэн тугу эрэ уларыта, кэлэр сылга саҥа дьыаланы саҕалыахтарын баҕараллар.
Харчылаах буоллаххына, “вторичка” дьиэни атыылаһарга үчүгэй кэм. Биир хостоох кыбартыыраны 5 мөл. солк. иһинэн булуохха сөп. “Вторичка” үчүгэйэ диэн, ылан баран куортамнаан кэбиһэҕин. Билигин саҥа тутуллубут дьиэ уонна “вторичка” араастаһыылара улахан. Холобур, туох да өрөмүөнэ суох саҥа кыбартыыра “вторичкаттан” биир кв. м
30 тыһ. солкуобайынан үрдүк. “Вторичка” кв. миэтэрэтэ 130-150 тыһ. солк. буоллаҕына, “черновой” туруктаах саҥа дьиэ кв. миэтэрэтэ 160-170 тыһ. солк.
Онон биир хостоох саҥа кыбартыыра сыаната 7 мөл. солк. курдук буолан тахсар, ону өссө өрөмүөннүөххүн, миэбэлинэн, о.д.а. толоруоххун наада. Аны куорат киин өттүгэр саҥа дьиэ тутуллар сирэ бүппүтүн кэриэтэ, онон үөскээбит балаһыанньаттан көрдөххө, билигин харчылаах дьон “вторичкаҕа” харчыларын угаллара табыгастаах. Манна даҕатан эттэххэ, аҕыйах сыллааҕыта саҥа тутуллан эрэр дьиэҕэ угар барыстаах этэ.
Тас экэнэмиичэскэй балаһыанньаны ылан да көрдөххө, атыҥҥа көһөн биэрэр быыһык кэм буола турар. Дедолларизация, БРИКС биир валютнай тиһигэ, дойду сайдыытыгар олох атын бырагыраама киирээри турар. Ол иһин 2025-2026 сс. улаханнык ыксаабат киһи ипотеканан дьиэ атыылаһара барса суох.
Тутуу эйгэтигэр кэлэр сылга туох эрэ дьаһал тахсара буолуо. Билигин тутааччылар ыраас барыстара улахан, онон кыһамматтар. Дьиэ сыанатын чэпчэтиэхтэрин бааннартан иҥнэллэр. Баан 20-30 сылга биэрбит субсидиятын харчытын эмиэ төннөрүөн наада. Бастакы угууну 50 % оҥорторо, аны чэпчэтиилээх ипотеканы онуоха-маныаха диэри тохтоттулар. Тутааччы уруккулуу бэйэтэ быһаарара эбитэ буоллар, биир аччаттаҕына, иккис аччатыа этэ буоллаҕа. Билигин ол суох, баан быһаарар.
Киин баан сүрүн ыстаапканы эһиилгиттэн 10 бырыһыаҥҥа диэри аччатыам диэн былааннаах эрээри, билиҥҥи туругунан ол хайдах гынан оҥоһуллуо эбитэ буолла. Бырыһыан эмискэ түһэрэ эмиэ охсуулаах, ДВИ эмискэ киирэн сыананы өрө көтүппүтүн курдук буолуон сөп. “Вторичкаҕа” сыана эмискэ түстэҕинэ, наадыйыы эмискэ үрдүө, оччоҕо сыана эмиэ өрө сүүрэн тахсыа. Ол кэнниттэн сыананы намтатар олус уустук. Ол кэриэтин аргыый аҕай түһэрэ ордук.
Хаартыскалар: А.Назаров тус архыыбыттан уонна А.Сорокин (СИА) түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: