Харчылаах суумканы ылан баран куоппут

Share

ИДЬМ 3 №-дээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар биир эр киһи гарааһыттан 20 тыһыынча суумалаах харчытын уорбуттарын туһунан иһитиннэрдэ.
Суһал-көрдүүр тэрээһиннэр түмүктэринэн холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ урут сууттана сылдьыбыт Хаҥалас улууһун 36 саастаах киһитин туттулар. Уорбаланар уонна эмсэҕэлээччи киһи Беринг уулуссатыгар баар маҕаһыын таһыгар билсибиттэр. Уорбаланааччы киһи эмсэҕэлээччиттэн баан каартатыгар баар харчытын уу харчыга уларытарга көрдөспүт. Онуоха эмсэҕэлээччи сөбүлэспит уонна каартатын ыла барар кэмигэр гарааска хаалан күүтэригэр эппит. Оттон куһаҕаны оҥорорго соруммут киһи гараас иһигэр массыынаҕа суумка баарын бэлиэтии көрбүт уонна түгэнинэн туһанан, 20 тыһыынча харчылаах суумканы ылан баран куоппут.
Бу киһиэхэ РФ Холуобунай кодексатын 158 ыст. 2 ч. холуобунай дьыала тэрилиннэ. «Уоруу» ыстатыйанан буруйу оҥорооччу 5 сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп.

СӨ ИДьМ пресс-сулууспатын саайтыттан.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьахтар итирэн утуйбутун туһанан, саҥа билсибит киһитэ төлөпүөнүн уорбут

Дьокуускай олохтооҕо дьахтар 30 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан полицияҕа сайабылыанньа суруйбут. Бу туһунан СӨ…

10 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Экологтар нэдиэлэтээҕи мунньахтарын байыаннай дьайыыга көмөттөн саҕалаатылар

Бүгүн Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр миниистири бастакы солбуйааччы Дьулустаан Хон салалтатынан нэдиэлэтээҕи…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Цифровой алмаз» пуорумҥа 2000-ттан тахса кыттааччы түмсүөҕэ

Үһүс төгүлүн ыытыллар "Цифровой алмаз" федеральнай пуорум тэрийэээччилэрэ Арассыыйа 70 эрэгийиэниттэн 2000-ттан тахса кыттааччы кэлэрин…

1 час ago
  • Сонуннар

ПСБ байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр “СВОи” дастабырыанньа-каартанан аахсыйаны уһатар

Erid: 2SDnjdvewuD   ПСБ харчыны эбэтэр социальнай төлөбүрдэри түһэттэрэргэ “СВОи” каартаны толотторор байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр…

1 час ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ «сылаас муостаттан» дьиэ умайа сыста

Бэҕэһээ, сэтинньи 10 күнүгэр, Мииринэйгэ элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаар буолла. Ол төрүөтүнэн "сылаас муоста" буолуон…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Бастакы учуутал” куораттааҕы идэ күрэһин кыайыылааҕынан Мария Наумова буолла

Н.И.Шарин аатынан Дьокуускай куораттааҕы 39-с нүөмэрдээх оскуолаҕа “Бастакы учуутал” күрэс пресс-кэмпириэнсийэ көрүҥүнэн барбыт түмүктүүр түһүмэҕэ…

2 часа ago