Хардарыта көдьүүстээх үлэ бара турар
Өлүөхүмэ улууһугар Волонтер киинэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуттарыгар көмөнү тиһигин быспакка, тэтимнээхтик ыытар. Нэһилиэктэр бу киин үлэтигэр көхтөөх кыттыыны ылаллар. Бу күннэргэ 1-Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтоохторо буойуттарга анаан хомуйбут харчыларын Волонтер киинигэр тиксэрбиттэрин туһунан Киин үлэһиттэрэ telegram-ханаалынан иһитиннэрдилэр.
— 1-Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтоохторо нэһилиэктэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар буойуннарыгар наадалааҕы ыллараары хомуйбут харчыларын Волонтер киинигэр тиксэрбиттэрэ. Ол быһыытынан байыаннай сулууспалаах сайаапкатынан Ростов куораттан тактическай атах таҥаһын, сайыҥҥы уонна күһүҥҥү горка-көстүүмнэри, маскхалааты, бронежилеккэ угуллар плиткалары ыллардыбыт.
Маннык тус аадырыстаах баһыылкалары тиксэрии бары өттүнэн көдьүүстээх. Ол курдук, кыраныысса аттыгар баар бигэ поставщиктартан итилэри барытын атыылаһыы сыаната удамыр уонна айаныгар ороскуот өттүнэн ночоот суох. Ити Киин улууһу кытта үлэлиир волонтер-куратора тиксэриллибит харчынан сөптөөх нааданы булан, атыылаһар. Бу баһыылкалары тиксэриигэ үлэлиир волонтердар СӨ Тирэх пууннарын кытта ыкса сибээстэһэн, буойуттарга тиэрдэллэр. Онон хардарыта көдьүүстээх үлэ бара турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: