Хартыына кистэлэҥнэрэ

Share

Биллэр-көстөр хартыыналары үгүстэ уорбуттарын, ханна эрэ өр кэмҥэ кистэнэн сыппыттарын туһунан үһүйээни, номоҕу истэбит, ааҕабыт. Аны ураты туспа эйгэлээх, дьиктилээх, дьиибэлээх уруһуйдар даҕаны үгүстэр эбит. Бэл, хартыына уруһуйданан турбут кэмин энэргиэтикэтин иҥэринэн, үйэттэн үйэҕэ араастаан дьайыан сөбүн туһунан кэпсииллэр, суруйаллар. Аан дойдуга аатырбыт дьиктилээх хартыыналар туһунан ааҕыҥ:

ИВАН КРАМСКОЙ «РУСАЛКИ» ХАРТЫЫНАТА

Иван Крамской “Русалки” хартыынатын уруһуйдууругар Николай Гоголь “Майская ночь, или Утопленница” сэһэнэ олук уурбут. Кириитиктэр хартыынаҕа атын эйгэ уруһуйдаммытын уруйдуу көрсүбэ­тэллэр даҕаны, уопсай тутулун сөбүлээбиттэр. “Русалкалары” Павел Третьяков галереятыгар атыыласпыт, ол эрээри бу уруһуйга анаан миэстэ өр баҕайы көстүбэтэх. Муоста сууйааччылар уруһуй турар хоһуттан ким эрэ ыллыыра иһиллэр, тыал үрэр диэн куттанар буолбуттар. Оттон галерея ыалдьыттара киһини сылатар, бэл, кыргыттар ииримтийэллэригэр тиэрдэр диэн кэпсииллэрэ үһү. Третьяковтар ньээҥ­кэлэрин сүбэлэринэн, бу хартыынаны күн уота киирбэт хараҥа хоско көһөрбүттэр. Бу эрэ кэнниттэн хартыыналара “тугу да гыммат” буолбут диэн дьикти кэпсээн тарҕаммыт.

ЭДВИН ЛАНДСИР «ЧЕЛОВЕК ПРЕДПОЛАГАЕТ, А БОГ РАСПОЛАГАЕТ»

Өс хоһоонунан ааттаммыт хартыынаны Эдвин Ландсир Арктиканы үөрэтэ сылдьан муммут Франклин эспэдииссийэтин матыыбынан уруһуйдаабыт. Кини манна хараабылы эһэлэр булбуттарын көрдөрбүт. 1846 сыллаахха хартыына галереяҕа турбутугар, Франклин эспэдииссийэтин хамандыырын огдооботун ыҥырбыттар. Дьахтар болотуна турар саалатыгар куттанан киирбэтэх. 1881 сылтан бу уруһуй Холлоуэй Королевскай кэллиэһигэр эксээмэн тутар хоско ыйанан турар. Бу хартыына аттыгар олорбут устудьуон эк­­сээмэнин сатаан туттарбат диэн билгэ баар эбит. 70-с сылларга биир устудьуон уруһуйтан олуһун куттаммыт уонна илиитигэр бастакынан туох түбэспитинэн – Британия былааҕынан саба бырахпыт. Онтон ыла устудьуон­нар сиэссийэ кэмигэр уруһуйу былааҕынан кистиир буолбуттар.

ПИТЕР БРЕЙГЕЛЬ СТАРШИЙ «ПОКЛОНЕНИЕ ВОЛХВОВ»

Бу хартыынаҕа көстөр сүдьүөтү үгүс худуоһунньуктар сөбүлээн тутталлар эбит. Уруһуйга баар дьоруойдары үөрбүт-көппүт гына ойуулуур буоллахтарына, Брейгель дьоруойдарын хомойбут, Дева Мариятын күөх таҥастаах (чуҥкуйуу бэлиэтэ) гыммыт. Худуоһунньукка са­­таан оҕоломмот балтыта позаҕа туран көмөлөспүт үһү диэн номох баар. Бу уруһуй хаһаа­йына буол­бут дьон тутатына атыылыы, батара сатыыр идэлэммиттэр – кэргэттэрэ оҕоломмот буолаллар үһү. Онон оҕолонуон баҕарар дьахталлар бу уруһуйу өр көрөллөрө биһирэммэт эбит.

МИХАИЛ ВРУБЕЛЬ «СЫН ХУДОЖНИКА»

Худуоһунньук бэйэтэ бэлиэ­тииринэн, кини уола Савва ураты көрүүлээҕэ үһү. Аҕата уолун төрөөбүтүттэн баар “куобах уоһа” диэн дьиэктээх уруһуйдаабыт. Манан хартыынаҕа уратытык бэриллэр хомойууну уруһуйдаабытым диэн ааптар этэрэ үһү. Хартыына уруһуйданан бүппүтэ икки сыл буолан баран, уолчаан эмискэ ыалдьан күн сириттэн күрэммит.

ЭДВАРД МУНК «КРИК»

Эдвард Мунк бу хартыынатын туһунан: “Икки доҕорбун кытта баран иһэн күн киирэн эрэрин көрбүппүт. Халлаан хаан курдук кыһыл буолбут этэ, онуоха мин сылайбыппын билэн олбуорга өйөммүтүм. Бу кэмҥэ иһийии быыһыгар уратытык чуҥнаан ааспыт хаһыыны истибитим”, – диэн кэп­сээбит. Онон ыарыыттан уонна кутталтан иэйиллэн айыллыбыт уруһуй буолар эбит. Бу хартыынаны көрбүт дьон төбөлөрө ыалдьарын, туох эмит куһаҕаҥҥа түбэһэллэрин кэпсииллэр. Биирдэ му­суой үлэһитэ холустаны мүччү тутан сиргэ түһэрэ сылдьыбыт. Ол кэнниттэн массыына саахалыгар түбэспит үһү. Аны туран бу хартыынаны хаста даҕаны уора сылдьыбыттар, бүтэһигин 2004 сыллаахха.

ИЛЬЯ РЕПИН «БУРЛАКИ НА ВОЛГЕ»

Илья Репин уруһуйдаабыт мэтириэттэрин дьоруойдара кэмнэрин иннинэ күн сириттэн суох буолаллара диэн кини үөлээннээхтэрэ да, кириитиктэр да бэлиэтииллэр эбит. Ол курдук, Модест Мусоргскай, Алексей Писемскай уо.д.а. мэтириэттэрэ уруһуйдаммытын биир-икки сыл буолан баран суох буолбуттар. Судаарыстыбаннай диэйэтэл Петр Столыпин мэти­риэтэ уруһуйдаммытын кэнниттэн ытыллан өлбүт. Оттон аатырбыт “Бурлаки на Волге” хартыына уруһуйданарыгар позаҕа турбут тыа сирин эр дьоно эмиэ күөгэйэр күннэригэр сылдьан биир-биир суох буолуталаабыттара диэн номох баар.

РИЧАРД КИНГ «ЛЮБОВНЫЕ ПИСЬМА — РЕПЛИКА»

Арай, омос көрдөххө, бу хартыынаҕа киһи эрэ ымманыйа көрүөх үчүгэйкээн бэ­­йэлээх кыысчаана ойууламмыт. Ол эрээри, хартыына устуору­йата олох атын буолан тахсар. Техас ыстаатыгар баар Остин куорат “Дрискилл” гостиницатыгар Хьюстон сенатора дьиэ кэргэнин кытта тохтоо­бут. Кини Саманта диэн ааттаах кыыһа кирилиэскэ мээчигинэн оонньуу сылдьан сууллан түһэн суорума суолламмыт. Саамай дьиктитэ диэн, бу гостиницаҕа Саманта төрүөн иннинэ уруһуйдаммыт Ричард Кинг «Любовные письма — реплика» хартыыната ыйанан турбут. Аны уруһуйга баар кыыс­чаан үүт-маас Саманта курдук эбит. Сотору кэминэн гостиница ыалдьыттара ыйанан турар хартыынаҕа баар кыыс сирэйэ уларыйарын, тугу эрэ этиэх курдук буоларын бэлиэтииллэрин этэллэрэ үһү. Онтон ыла оҕолоох дьон бу гостиницаҕа тохтообот буола сатыыр эбит. “Дрискилл” гостиница Америкаҕа биир саамай абааһы үөрэ мустубут сиринэн биллэр.

УИЛЬЯМ ГЕНРИ ХАДДЛ «ПОЛКОВНИК ДЖЕСС ДРИСКИЛЛ»

Үөһээ суруллубут Дрискилл гостиницатын туһунан өссө биир номох тарҕаммыт. Ол курдук, гостиницаны болкуобунньук Джесс Дрискилл төрүттээбит. Кини улахан мэтириэтэ киирээти кытта вестибюльга ыалдьыттары көрсө ыйанан турар. Онно болкуобунньук уруһуйдаммыт харахтара олус кутталлаахтарын дьон уора-көстө кэпсэтэр. Киһи кута-сүрэ көтүөх, бэл киһини ытатыан сөп курдук тонолуппакка көрөн турар үһү. Оттон түүннэри гостиница көрүдүөрдэринэн болкуобунньук бэйэтэ илэ хаамар, бэл табаҕын буруота ­унаарар үһү.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago