Салгыы
Харыйа оонньуурдарын абылаҥа

Харыйа оонньуурдарын абылаҥа

01.12.2024, 15:30
Бөлөххө киир:

Харыйа оонньуурдара Ороһуоспа бэлиэтин быһыытынан аан бастаан Европаҕа XVI үйэҕэ баар буолбуттара. Бастакы оонньуурдар олус судургулар уонна христианскай үһүйээннэр ис хоһооннорунан оҥоһуллубуттар этэ. Холобур, харыйа үрдүнээҕи сулус – Ороһуоспаҕа умайбыт Вифлеемскэй сулуһу кэрэһилиир, лабааларга ыйаммыт дьаабылыкалар – Биибилийэҕэ баар, үтүөнү-мөкүнү биллэрэр мас аптаах отонноро, чүмэчилэр – ытык уот кыырпаҕа. Бу кэнниттэн симэммит харыйаҕа кэмпиэттэри, бирээнньиктэри, көмүс суулаах эриэхэлэри ыйыыр буолбуттара.

Оттон өстүөкүлэттэн оҥоһуллубут оонньуурдары бастаан Германияҕа, Саксонияҕа оҥорор буолбуттара. Кураан буолан, дьаабылыка үүммэтэҕэр, өстүөкүлэнэн үрэн оҥорор маастардар аан бастаан таас дьаабылыкалары оҥорон, харыйаларын симээбиттэр. Бу оонньуурдары дьон олус сөбүлээн, сакаастыыр буолбут.

Оттон Арассыыйаҕа ха­­рыйа оонньуурдарын бас­таан Европаттан аҕалаллара. Саҥа дьылы 1700 сылтан Петр I ыйаа­ҕынан, бырааһынньыктыыр буол­буттара. Харыйа, бэс лабаа­тынан дьиэлэрин киэргэппиттэрэ, Кыһыл болуоссакка мушкетынан ыппыттара, аракыаталары ытыалаабыттара, норуот күүлэйин тэрийбиттэрэ. Елизавета I дыбарыаска баал-маскараат муодатын киллэрбитэ. Екатерина II саҕана бэлэх бэрсии, бырааһынньык­тааҕы остуолга олорон, баҕа санааны этии үгэһэ киирбитэ. 1852 сыллаахха Петербург куоракка Екатерингофскай баксаалга аан бастаан улахан дьуолканы туруорбуттара.
Ол саҕана сүрүннээн баай ыаллар оҕолоругар анаан хары­йаны симииллэрэ, тоҕо диэтэр, оонньуурдар олус ыарахан сыаналаахтара. Аһыллар саарыктар истэригэр кэмпиэти, киэргэли, кыра оонньууру, бэлэҕи кистээн уураллара. Харыйа оонньуурдарын өссө кылабачыгас хортуонтан, тимиртэн, чөмчүүктэн, таҥастан оҥороллоро.
18-с үйэҕэ, барокко үйэтигэр, күлүмүрдэс таастартан, оҕу­руоттан, сыаналаах таҥастан, фарфортан, бэл диэтэр, үрүҥ уонна кыһыл көмүстэн оҥорор этилэр.
Харыйа оонньуурдарын оҥорор бастакы собуот Клин куоракка 1848 сыллаахха баар буолбута. Өстүөкүлэттэн саарыктары, оҕуруону (бусы), муус чопчулары, прожектордары, “щелкунчиктары” оҥороллоро. Ону тэҥэ, чараас фольгаттан сыаптары, мишураны, “дождиктары” эмиэ оҥорор буол­буттара. Клин куоракка билигин да “Елочка” фабрика баар, харыйа оонньуурдарын, гирляндалары оҥорор.
Оттон өстүөкүлэ оҕуруону тиһэн, харыйаны киэргэтэр үгэс Арассыыйаҕа эрэ үөскээбитэ. Дьиэ кэргэнинэн остуол тула олорон, оҕуруолары кы­­рааскалыыллара, быаҕа тиһэллэрэ, Ороһуоспатааҕы ырыалары ыллыыллара.

Сэбиэскэй бырааһынньык

Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Ороһуоспаны “таҥара дьиэтин хаалынньаҥ бырааһынньыга” диэн, бэлиэтээбэт буолбуттара, боппуттара. 1935 сыл ахсынньы 28 күнүгэр “Правда” хаһыакка сэбиэскэй оҕолорго Саҥа дьыл бырааһынньыгын төнүннэриэххэ диэн ис хоһоонноох ыстатыйа тахсыаҕыттан, оскуолаларга, оҕо саадтарыгар, Пионердар дьиэлэригэр бырааһынньыктыыр, улахан харыйаны симиир буол­буттара.
1936 сылы көрсө Москва маҕаһыыннарыттан туох баар баата, хахтаах эриэхэ, фольга, килиэй, лиэнтэ, сап, хлопушка сүппүтэ. Барытын атыылаһан, төрөппүттэр бэйэлэрэ оонньуур оҥорон барбыттара. Бу ыҥырыы дойду аҕа баһылыга Сталин көҥүллээһининэн тахсыбытын бары сэрэйбиттэрэ. Онон бастакы дьуолкалар туох баарынан – кумааҕы хаардарынан, баатанан, кэмпиэтинэн киэргэтиллибиттэрэ. Номнуо бу сыл харыйа оонньуурдарын оҥорор собуоттар арыллан, үлэлээн барбыттара.


Саҥа дьыл бырааһынньыга уонна харыйа оонньуурдара сэбиэскэй ис хоһоонноммуттара. Вифлеемскэй сулус оннугар биэс муннуктаах кыһыл сулус умайбыта, аанньал оонньуурдары пионердар, спортсменнар, буденновецтар, моряктар, парашютистар, лүөччүктэр, дирижабллар, пограничниктар, араас кыыллар, о.д.а. солбуйбуттара.
30-с сыллартан остуоруйа дьоруойдарын оҥорор буолбуттара – Уйбаан Сарыабыһы, Русланы уонна Людмиланы, Черномору, Кыһыл Бэргэһэчээни, Саппыкылаах Куосканы, Тотошаны, Кокошаны уонна Крокодилы, Айболиты… Пушкин өлбүтэ 100 сылыгар “Пушкин остуоруйалара” сэдэх сиэрийэ тахсыбыта. “Цирк” диэн киинэ көстүөҕүттэн, гимнастары, акробаттары, уо.д.а. оҥорбуттара. Хоту дойдуну баһылыыр кэмҥэ полярниктар, үрүҥ эһэлэр, байыаннай сылларга сөмөлүөттэр, тааҥкалар, хараабыллар, уу аннынан устар оҥочолор, броневиктар киэҥник тарҕаммыттара.
Сэрии ыарахан сылларыгар төһө кыалларынан харыйаны киэргэтэн, убаҕас миин, хааһы буһаран, оҕолорго бырааһынньык оҥоро сатыыллара. Онуоха боробулуохаттан, кумааҕыттан, мастан, таҥастан оонньуурдары бэйэлэрэ оҥороллоро. Ыарахан сылларга Саҥа дьыл бырааһынньыга сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли саҕар, хараҥаҕа тыкпыт сырдык курдук буолбута.

Оҕо сааска эргитэр оонньуурдар

Сэрии кэнниттэн бэлитии­чэскэй аҕытаассыйа аҕы­йаан, оҕолорго аналлаах тиэмэлээх оонньуурдар элбээбиттэрэ. ГДР-тан харыйа оонньуурдарын нобуорун атыылаһан аҕалар буолбуттара. Нобуорга харыйа үрдүнээҕи оонньуур, 16 араас өҥнөөх саарык уонна 5 ураты быһыылаах оонньуурдар бааллара. Бу нобуордар төһө да ыарахан сыаналаах буоллаллар (9 солкуобай), сүрдээх “дэпис­сиит” этилэр, булбут киһи дьоллооҕунан ааҕынара.
Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Москваҕа «Художественная игрушка» уонна «Все для ребенка» артыаллар сүрүннээн баата оонньуурдары оҥороллоро.

Бу кэмҥэ кып-кыракый оонньуурдар нобуордара атыыланар буолбуттара. Кыракый дьуол­каны бу оонньуурдарынан си­­мээн баран, остуолга ууруохха сөбө. Бу оонньуурдар өстүөкүлэттэн, былаастыктан, кумааҕыттан оҥоһуллаллара, үксүгэр оҕурсулар, лимоннар, хаар киһилэр, куобахтар, эһэ миискэлэр буолаллара.

  • 50-с сыллар бүтүүлэригэр Эльдар Рязанов «Карнавальная ночь» киинэтэ тахсыбыта. Бу кэнниттэн чаһы оонньуурдар тарҕаммыттара. Чаһы хайаан да 12 чаас буолара 5 мүнүүтэ хаалбытын көрдөрөрө.
  • 60-с сылларга тыа хаһаа­йыстыбатыгар сыһыаннаах оонньуурдар киэҥник тарҕаммыттара: помидор, моркуоп, кукуруза, килиэп, сэлиэһинэй бурдук, о.д.а. Ону тэҥэ, Гагарин көтүөҕүттэн, космонавтар, ракеталар элбээбиттэрэ.
  • 70-80-с сылларга мас туораахтара, чуорааннар, хаар­чааналар, дьиэлэр уонна кимэ-туга биллибэт оонньуурдар элбэхтэрэ. Норуоттар доҕордоһууларын кэрэһилээн, национальнай таҥастаах дьону оҥороллоро кэрэхсэбиллээх. Харыйа оонньуурдарынан дойдубут устуоруйатын билиэххэ сөп.

Билигин да үгүс ыалларга бу сыллардааҕы оонньуурдар бааллар. Оҕо сааска эргитэр, оччотооҕу абылаҥнаах санааны саҕар, кырааскалара да хоҥуннар, сүрэххэ чугас, күндү оонньуурдар…

Былыргы харыйа оонньуурдарын кэлиэксийэлиир дьон элбэхтэр. Сыаналара маннык: Хаарчаана (60-с сс.) – 6500 солкуобай, “Избушка на курьих ножках” – 6000 солкуобай, Пионерка (1938 сыл) — 47 000 солкуобай, негритенок (1936 сыл) — 14 000 солкуобай,
«15 республик СССР» кэмпилиэк (1962 сыл) — 65 000 солкуобай, «Доктор Айболит» кэмпилиэк (1950-с сс.) — 150 000 солкуобай, пограничник Карацупа ытын кытары (хортуон, 1936 сыл) — 150 000 солкуобай.

Хаартыскалар: «Известия» iz, Москва Новости,  Violity, РБК Недвижимость ылылыннылар.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 71% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: