Харыйалаах ыстаадалара көһөллөр

Share

Өлөөн улууһун Харыйалаах сэлиэнньэтин олохтоохторо кыстык хаарбыт түстэ дииллэр. Ыаллар, бэл, тиэргэннэрин иһин хаарын күрдьүбүттэр.

Оттон ыстаадаларга эмиэ кыстыкка үктэнэр эппиэттээх кэм. Бу кэрэ көстүүлээх, сонун  хаартыскалары таба куттаах, чуум үлэһитэ Мария Полуэктова түһэрбит. Ыстаадалар көһүүлэрэ диэн эмиэ саҥа дьиэҕэ көһүү курдук олус түбүктээх буоллаҕа. Көһөөрү ыырдынан бүппүттэрин балааккаларын онно хаара суох сытара туоһулуур.

Мария Полуэктова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Мария Полуэктова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Мария Полуэктова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Мария Полуэктова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Мария Полуэктова хаартыскаҕа түһэриитэ.

Табаһыттар табаларын үүрэн Улахан Куонаамка диэн эбэни быһа туорууллар. Бу эбэ таһыгар балааккаларын биэрэк үрдүгэр туруоран, бур-бур буруо таһааран, табаларын сынньатаары тохтоон, хонон ааһаллар. Тымныы иһэрин билбит, сөрүүн салгыны ыймахтаабыт табалар барахсаттар эмиэ сынньанан сыталларын көрөргө үчүгэйиэн. Оттон атыыр табалар хайалара күүстээҕин холонон, харсыһа сылдьар түгэннэрэ бэйэтэ успуорт оонньуутун санатар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago