Өлөөн улууһун Харыйалааҕар “Аҕам саастаах дьону уонна инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэр отделение” бэрт сэргэхтик үлэлиир. Манна кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр улуус нэһилиэктэриттэн кэлэн 18 күн доруобуйаларын чэбдигирдэллэр. Бу отделение 10 миэстэлээх уонна социальнай хайысханан өҥө буор босхо оҥоһуллар.
Отделение сэбиэдиссэйэ Сардана Егоровна Степанова этэринэн, бу ахсынньы 1 күнүттэн Инбэлииттэр нэдиэлэрин ыытыахтара. Ол чэрчитинэн хайы-үйэ инбэлииттэргэ хаардарын ыраастаан, “Ыраас тиэргэн” аахсыйаны тэрийбиттэр. Онно үлэһиттэр икки хамаандаҕа арахсан, тэлгэһэлэртэн хаары күртүлэр. Ол курдук, мөлтөхтүк көрөр 3 инбэлииккэ уонна инбэлиит оҕолоох ыалга көмөлөстүлэр. Ону тэҥэ көхтөөх үлэһиттэр муус ылыытыгар субуотуньугу эмиэ тэрийэн, бэйэлэрэ этэллэринэн, алмаастыы күлүмнүүр муустары кэчигирэппиттэр.
Нэдиэлэ кэмигэр “Доруобуйа оскуолата” социальнай өҥөнү ылар дьоҥҥо бэсиэдэ ааҕыа, хайдах бэйэни илбийэргэ (массаас) үөрэтиэ. Тыыны гимнастикатыгар эрчийиэҕэ. Онтон да атын тэрээһиннэр бу нэдиэлэ чэрчитинэн ыытыллыахтара.
Дэкээдэ иитинэн отделение үлэһиттэрэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саллааттарга анаан окуопаҕа туттуллар чүмэчилэри оҥордулар:
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…