Өлөөн улууһун кэрэ айылҕалаах Харыйалаах нэһилиэгэр бүгүн хайдах күн-дьыл турбутун сурастыбыт.
“Саха сирэ” хаһыат саайтыгар анаан Надежда Павловна Колодезникова маннык кэпсээтэ:
— Быйыл Өлөөн улууһугар күһүммүт өр турда. Эбэбит күн бүгүҥҥэ диэри өссө да тоҥо илик. Халыҥ кыдьымахтар усталлар. Оттон күөл мууһа хайы-сах тоҥон, 5-10 см буолбут. Онон бу күннэргэ Харыйалаах олохтоохторо муус ылаары бэлэмнэнэллэр. Муустарын күрдьэн, хаарын ыраастаан халыҥата сылдьаллар. Хаарбыт дэриэбинэ иһигэр халыҥ, оттон тыаҕа таҕыстахха төттөрүтүн чараас курдук.
Хаартыска: Н.П.Колодезникова түһэриитэ
Ахсынньы 5 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан буолуоҕа. Дьыктаан сыала-соруга…
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…
Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…
Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…
Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…