Харыйалаахха табаһыттары сылаас таҥаһынан хааччыйаллар
Өлөөн улууһун Харыйалааҕар сэргэх үлэлээх мастарыскыай баар. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы тутуу диэтэххэ, дьиэлэрэ киэҥэ-куоҥа сүрдээх. Манна төрдүө буолан табаһыттарга кээнчэ, балаакка, балаакка сабыыта тигэллэр. Ону тэҥэ тыстара кэлиэр диэри таах олорботтор, чааһынай дьоҥҥо кинилэр матырыйаалларынан сакаас ылан тигэллэр. Үгүстэр этэрбэс, балаакка тиктэрэллэр эбит.
— Биһиги Артем Афанасьевич Винокуров дириэктэрдээх “Өлөөн” муниципальнай унитарнай тэрилтэ табаһыттарын сылаас таҥаһынан хааччыйарга кыһанабыт. Миигинниин төрдүөбүт. Мастарыскыайга Татьяна Степановна Семенова, Татьяна Филипповна Христофорова, Кристина Васильевна Бургай үлэлииллэр. Өссө Варвара Сергеевна Семенова тастан сылдьан бэйэтин үлэтин толорор, дьонугар тыс эҥин имитэн биэрэр. Билигин тириибит баар, тыспыт бүппүтэ. Тыһы маннааҕы бэйэбит булчуттарбытыттан ылабыт, — диир мастарыскыай сэбиэдиссэйэ Розалия Ивановна Томская.
Хаартыскалары: Р.Томская ыытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: