Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрэ чугаһаабытынан, Өлөөн улууһун “Өлөөн” МУП тирии таҥаһы тигэр мастарыскыайын үлэһиттэрин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Бу мастарыскыай кэрэ айылҕалаах, ыраас салгыннаах, харыйанан симэммит Харыйалаахха эбэни өҥөйөн кэриэтэ турар.
Таһыттан көрдөххө, балачча улахан дьиэ. Арай, киирэн кэлбитим, дьиэ иһигэр улахан эрээри, олус намыһах төгүрүк остуол тула дьахталлар кэпсэтэ-кэпсэтэ иистэнэ олороллор. Аттыларыгар бэрт сэргэх көрүҥнээх, Анастасия диэн эдэр урбаанньыт кыыс кырса тириитин хайдах имитэргэ сүбэ-ама ыла олороро. Иистэнэр мастарыскыай буоларын хас да иистэнэр массыына турара туоһулуур. Истиэнэҕэ үлэлэрин, сынньалаҥнарын кэпсиир хаартыскалар бэрт кичэллээхтик ыйаммыттар.
Кинилэр “Өлөөн” МУП табаһыттарыгар тоҥмотуннар диэн тирии таҥастарын тигэллэр, нэһилиэнньэттэн сакааска эмиэ ылаллар. Манна таба иитэр ыстаадалара племенной хаһаайыстыба буолан, табаны тыыннаахтыы атыылыыллар эбит. Ол иһин, дьиэ табатын тириитин, тыһын былырыыҥҥыттан Сааскылаахтан, иистэнэллэригэр кыыл таба тыһын нэһилиэнньэттэн эмиэ ылаллар.
– Урут бу мастарыскыай дьиэтэ үлэҕэ киириэн иннинэ ийэлэр, эбэлэр дьиэлэригэр олорон табаһыттар, булчуттар таҥастарын тигэр, имитэр этилэр. Ол саҕана Николаева Татьяна Даниловна кыладыапсыктыыра.
Ол кэнниттэн Бенчик Христина Афанасьевна сэбиэттэн биэнсийэҕэ тахсан баран, сэбиэдиссэйинэн анаммыта (кэнники норуот маастара, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ буолбута). Кини кэнниттэн 90-с сыллар ортолоруттан Павлова Мария Ильична, эмиэ үтүө киһи, сэбиэдиссэйдээбитэ.
1980 с. алтынньыга саҥа мастарыскыай дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Ол кэмтэн эдэр да, саастаах да үлэһиттэр, элбэх киһи сыратын биэрбитэ. Оччотооҕу эдэр дьон билигин араас салааларга ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Элбэх иистэнньэҥ үчүгэй үлэһиттэринэн ааттаналлар этэ. Кинилэртэн билигин нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа, СӨ норуот оҥоһуктарын маастара (мастер художественных промыслов), 93 саастаах Анна Федоровна Сергеева билигин да иистэнэр, оҕолоругар, сиэннэригэр күүс-көмө, сүбэһит.
Мин 1974 сылтан ыстаадаҕа үлэлээбитим, онтон оҕолорбун оскуолаҕа үөрэттэрээри, 1992 сылтан иистэнэр мастарыскыайга үлэлиибин, – диэн кэпсээнин саҕалаата бэрт холку көрүҥнээх мастарыскыай сэбиэдиссэйэ Роза Ивановна Томская.
Мастарыскыайга кини салалтатынан имииһиттэр – 1984 с. үлэлиир Татьяна Семенова, үлэҕэ саҥа киирбит Клавдия Николаева, иистэнньэҥ Христина Бургай ис сүрэхтэриттэн кыһаллан-мүһэллэн үлэлииллэр.
Тирии таҥаһы тигии олус үлэлээх, судургута суох эбит. Табаһыт таҥаһын тигэргэ 1 устуука тириини үс күн имитэллэр, мэхсэ (саҥыйах) тигэргэ үс тирии барар. Этэрбэскэ 10-14 устуука тыс наада. Этэрбэс кээнчэтигэр биир тирии сөп буолар. Үтүлүккэ 4 устуука тыс тиийэр. Күҥҥэ 4 устуука тыс имитэллэр. Бастаан эмэҕинэн, онтон кытаанах буоллаҕына, таба быарынан имитэр үгэстээхтэр. Этэрбэс быатыгар анаан сарыыны имитэллэр. Табаһыттарга, булчуттарга балаакканы кыратыттан, улаханыгар диэри тигэллэр. Соҕотох киһи туттарыгар, олороругар диэн кыра балаакканы, кыстыктарыгар улахан балаакканы бэлэмнииллэр. Дьахталлар дьиэлэригэр эмиэ иистэнэллэр, онон өрөөн олорботтор.
Остуол тула олорон ырааҕы-чугаһы кэпсэтэн бараммыт, тирии имитэр хосторугар киирдибит. Бу дьоҕус хос бэйэтэ кыраайы үөрэтэр мусуой курдук. Тириилэрин хатарыы, имитии… Барыта мас тэриллэр. Уһаабыта 2-3 күн анал маска ыйаан, хатараллар.
Бөртөлүөтүнэн ыстаадаларга үтүлүк ыыталлар
– Имииһит илиитэ, сиһэ үчүгэй буолуохтаах. Ол тириини кэдэрээннииргэ наадалаах. Киһи сүрдээҕин ыгыллар, илии күүһэ ирдэнэр, атах киэнэ эмиэ. Барыта күүс үлэтэ – биһиги үлэбит, – диэн кэпсэтиигэ кыттыста сиргэ олорон имитэр Татьяна Степановна. Олорон баран туруох да диэтэххэ, сүрдээх сылаалаах буолууһу.
Мастарыскыай иистэнньэҥнэрэ табаһыттар этэрбэһи, кээнчэни элбэҕи кэтэллэрин, ол оннугар кырдьаҕастартан уратылар саҕынньаҕы соччо кэппэт буолбуттарын бэлиэтииллэр. Бука сэрэйдэххэ, үөрэммиччэ Кытай тигиитэ таҥастары таҥнан эрдэхтэрэ. Күһүн бөртөлүөт көттөҕүнэ баһыылка курдук бэлэмнээн, ыстаада аайы үтүлүктэри ыыталларын табаһыттар үөрэ-көтө кэтэллэр. Сыарҕа алатын эмиэ бэлэмнииллэр. Ол ала диэн тэриллэрэ муннукка чөмөхтөнөн сытар. Ала диэн туохха наадалааҕын кыайан өйдөөбөтөхпөр, Роза Ивановна таба иитэр хаһаайыстыба үлэтин кэпсиир альбому көрдөрө-көрдөрө быһаарбыта. Саамай таһаарыылаахтык үлэлээбит, таба муҥутаан элбээбит сылларын санаан, табаҕа үлэлээбит аймахтарын туһунан киэн тутта хаартыскаларынан кэпсээбитэ.
– Кыһыахтаан баран, тыаһатабын, онтон имитэр оҕуспар уурабын. Эмэхтээн баран хонноробун, онтон эмиэ соҥоһоонунан соҥуйабын. Ону устатынан уонна туоратынан ыытыллар, – диэн кини имитии ускуустубатын судургутук быһаарда.
Дьэ, бу тириини имитэр хосторугар таба түүтэ бурҕаҥнас. Киһи ытырдыах, сөтөллүөх да курдук. Ол аайы имииһиттэрим кыһамматтар. Үөрэ-көтө үлэлииллэр. Үөрэнэн хаалаахтаатахтара.
Харыйалаахха таба баарын тухары мастарыскыай уонна иистэнньэҥ идэтэ баар буолсу диэн санаалаах кэллим.
Видео ааптар устуута.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…