«Харысхал» пуонда бырайыага бастыҥынан ааттанна

Share

«Харысхал» аһымал пуонда «Мастерская Харысхал» диэн бырайыага Москваҕа «Сообщество» пуорумҥа бастыҥынан ааттанна. Кыайыылаҕы уопсай куоластааһын нөҥүө быһаардылар. Сэтинньи 3 күнүгэр «Харысхал» пуонда салайааччыта Любовь Клюкина баран, наҕарааданы тутта.

Хаартыска: "Харысхал" пуонда

Бу тэрээһини ыытааччылар Родион Газманов уонна Светлана Зейналова «Мастерская Харысхал» бырайыак 5 тыһыынчаттан тахса куолаһы ылбытын бэлиэтээтилэр.

Любовь Клюкина «Харысхал» пуонда хамаандатыгар уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэригэр махтанна. Кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн ордон, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктаналлар, «Харысхал» пуонда бары тэрээһиннэрин өйүүллэр. Оттон «Мастерская Харысхал» бырайыак Владимир Потанин пуондатын гранынан өйөбүлүнэн олоххо киирэр кыахтаммыт.

Бу бырайыак чэрчитинэн, инбэлиит оҕолор уонна кинилэр төрөппүттэрэ социальнай реабилитация баралларыгар туһуламмыт мастарыскыай үлэлиир. Онно оҕолор, төрөппүттэр туойунан оҥоһуктары оҥороллор уонна иистэнэргэ үөрэнэллэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago