Харытын ньыппарынаат, үлэ үөһүгэр түһэр
Ханна баҕарар үлэһит киһинэн киэн тутталлар. Төрөөбүт сирдэрин-уоттарын, норуоттарын туһугар ыалдьар, үлэлиир-хамсыыр дьон дойдуларын аатырдаллар. Сэбиэскэй кэмҥэ үлэ киһитэ бэлиэтэнэр, өрө тутуллар буоллаҕына, 90-с сыллартан бэттэх бэлиитиктэр, артыыстар, спортсменнар «күннээн» кэллилэр. Ол эрээри, мантан инньэ үлэ киһитэ сыаналаныа, үрдүктүк тутуллуо, аны бэлиитикэ оннук буолуо.
Мин бүгүн кэпсиир киһим – туруу үлэһит, дьирээ киһи. Солото суох күнү быһа үлэ үөһүгэр сылдьар. Кини соторутааҕыта «Үлэ киһитэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэни ылбыт, «Якутлесресурс» Ньурбатааҕы филиалын тырахтарыыһа Валентин Акимович Ефремов. Үлэ киһитин Ньурба улууһун Үөдэйигэр үлэлии сылдьарын нэһиилэ булан, сибээстэһэн кэпсэттим.
ОЛОҔУН КЭРЧИГЭ
Валентин Акимович сопхуоска үлэтин 1976 сыллаахтан, оскуоланы бүтэрээт, Чаппанда нэһилиэгэр пиэрмэҕэ борооску көрөөччүттэн саҕалаабыта. Дьиҥэ тыраахтары ыытарга аҕата эрдэ үөрэппит.
Эдэр киһи 1978 сыллаахха Сэбиэскэй аармыйа сулууспатыгар ыҥырыллан икки сыл ытык иэһин төлөөн кэлбитэ. 1984 сыллаахтан механизированнай звеноҕа тырахтарыыһынан киирбитэ. 1987 сыллаахха олоҕун аргыһын Клара Семеновнаны көрсөн харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн таптал уотун уматан, дьоллорун холбоон ыал буолан, Ньурбаҕа көһөн киирбиттэрэ. Кинилэр икки – уоллаах кыыс оҕолоохтор. Оҕолор улаатан, билигин бэйэлэрэ үлэһит дьон. Клара Семеновна Ньурбаҕа «Кооператор» маҕаһыыҥҥа сэбиэдиссэйдиир.
Валентин киин сиргэ киирэн кылгас кэмҥэ эт сыаҕар үлэлээбитэ. 2002 сылтан Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тырахтарыыһынан киирбитэ. Ол кэннэ тэрилтэтин аата араастаан уларыйан, 2009 сылтан «Якутлесресурс» тэрилтэ тырахтарыыһынан бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьар.
КӨХТӨӨХ КИҺИ
Валентин Акимович «СӨ Ойуур үөрэтээхтэрин уопсастыбалара» тэрилтэ чилиэнэ, «Якутлесресурс» тэрилтэ уонна Ньурбатааҕы филиал уопсастыбаннай олоҕун көхтөөх кыттааччыта. Итини таһынан Ньурба улууһа ыытар олохтоох тэрээһиннэригэр, куонкурустарыгар үгүстүк кыттар. Ол курдук, Валентин Акимович тырахтарыыс эрэ буолбатах, кини улууһун нэһилиэнньэтин ортотугар ойууру баһаартан, араас буортулаах үөнтэн-көйүүртэн харыстыыр, баһаары утары өйдөтөр үлэни ыытар.
Үлэнэн дьолломмут киһи өрөспүүбүлүкэ ойуурун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрдэ. Кини үлэтигэр эппиэтинэстээх, ытыктабыллаах сыһыана, идэтийиитэ, үөрүйэхтэрэ, бииргэ үлэлиир дьонугар көмөтө, сэмэй майгыта ураты суолталаахтар.
ТУРУУ ҮЛЭҺИТ, ҮТҮӨ СҮБЭҺИТ
Биир идэлээхтэрэ кэпсииллэринэн, кини сатабылынан, мындыр өйүнэн, түргэн-тарҕан туттунуутунан ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлиир кэмнэригэр сүүһүнэн гектар ойууру, дэриэбинэлэргэ уот суоһаабытын быыһаабыт үтүөлээх.
Кини үлэлиирин тухары биирдэ даҕаны суол быраабылатын кэспэтэх, саахал тахсар быһыытын оҥорботох. Наар киниэхэ туттарыллыбыт тиэхиньикэни кичэллээхтик тутар, көрөр-харайар. Күнү быһа тимир көлөтүн кытары тустар. Өр сылларга ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит буолан, баһаары кытары охсуһар уонна мас соҕотуопкатын тиэхиньикэтин туһаныыны баһылаабыт улахан уопуттаах. Онон эдэр үлэһиттэргэ холобур буолар, кинилэр ытыктабылларын ылар. Бииргэ үлэлиир дьоно дьоруойбут тулатыгар элбэх киһини түмэрин, бэйэтигэр тардар дьоҕурдааҕын, үтүө сыһыаннааҕын, дьиҥнээх уһуйааччы, сүбэһит буоларын бэлиэттииллэр.
«Валентин Ефремов элбэх көлүөнэ тырахтарыыстарга уһуйааччынан буолар, сыл аайы ойуур баһаарын умуруорууга сылдьар. Уһун кэрэхсэбиллээх олоҕун уонна өр кэмнээх үлэтин уопутунан барыбыт ытыктабылын ылар. Кэлэктииппит олус сыаналыыр, кининэн киэн туттар. Валентин Акимович олус сэмэй, холку, үлэһит киһи», – диэн «Якутлесресурс» салалтатыгар Валентин Ефремовы үтүө тылынан ахталлар.
ЫАРАХАНТАН ЧАҔЫЙБАККА
Салалтаҕа кэпсээбиттэринэн, тырахтарыыс 2018-2021 сылларга 15 602,9 га иэннээх 47 ойуур баһаарын умуруорууга сылдьыбыт. Онтон 2022 сыллаахха Сунтаар уонна Мииринэй улуустарыгар икки улахан баһаары тохтотуспут. Валентин Акимович үлэ-олох үөрүйэхтэригэр күүстээх ирдэбиллээх, аһара эппиэтинэстээх, тирээн турар кыһалҕаны быһаарарга ураты көрүүлээх киһи диэн бииргэ үлэлиир дьоно сыаналыыллар.
Оттон бэйэтэ үлэтин-хамнаһын туһунан маннык кэпсиир: «Үлэ кэминэн баран иһэр, ойуурга билиҥҥитэ баһаар куттала суоһаабат. Биһиги сааскы, кыһыҥҥы өттүгэр тиэхиньикэлэрбитин көрүнэбит, өрөмүөннүүбүт. Сайынын ойуур баһаарын утары үлэҕэ сылдьабыт. Баһаардары умуруорабыт. Баһаар үгүстүк дьон сыыһа-халты туттуутуттан тахсар. Ардыгар чаҕылҕан маһы охсон уматыан да сөп. Онон дьон тыаҕа тахсарыгар сэрэнэн сылдьыан наада», – диэн кэпсээтэ Валентин Акимович.
КЭПСЭТИИБИТ ТҮМҮГЭР
Ыччакка тугу этиэҥ этэй диэн ыйыппыппар, «үчүгэй-куһаҕан үлэ диэн суох, эдэр дьон идэни сирбэккэ-талбакка үлэлиэхтэрин-хамныахтарын эрэ наада» диэн хоруйдаата. Дьэ, ити курдук, биһиги дьоруойбут, олус эппиэтинэстээх, туруоруллубут соругу эҥкилэ суох толорор, үтүө үлэһит киһи. Харытын ньыппарынаат, тимир көлөтүгэр олороот, үлэ үөһүгэр түһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: