Харытын ньыппарынаат, үлэ үөһүгэр түһэр

Share

Ханна баҕарар үлэһит киһинэн киэн тутталлар. Төрөөбүт сирдэрин-уоттарын, норуоттарын туһугар ыалдьар, үлэлиир-хамсыыр дьон дойдуларын аатырдаллар. Сэбиэскэй кэмҥэ үлэ киһитэ бэлиэтэнэр, өрө тутуллар буоллаҕына, 90-с сыллартан бэттэх бэлиитиктэр, артыыстар, спортсменнар «күннээн» кэллилэр. Ол эрээри, мантан инньэ үлэ киһитэ сыаналаныа, үрдүктүк тутуллуо, аны бэлиитикэ оннук буолуо.

Мин бүгүн кэпсиир киһим – туруу үлэһит, дьирээ киһи. Солото суох күнү быһа үлэ үөһүгэр сылдьар. Кини соторутааҕыта «Үлэ киһитэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэми­йэни ылбыт, «Якутлесресурс» Ньурбатааҕы филиалын тырахтарыыһа Валентин Акимович Ефремов. Үлэ киһитин Ньурба улууһун Үөдэйигэр үлэлии сылдьарын нэһиилэ булан, сибээс­тэһэн кэпсэттим.

ОЛОҔУН КЭРЧИГЭ

Валентин Акимович соп­хуоска үлэтин 1976 сыллаахтан, оскуоланы бүтэрээт, Чаппанда нэһилиэгэр пиэрмэҕэ бороос­ку көрөөччүттэн саҕалаабыта. Дьиҥэ тыраахтары ыытарга аҕата эрдэ үөрэппит.

Эдэр киһи 1978 сыллаахха Сэбиэскэй аармыйа сулуус­патыгар ыҥырыллан икки сыл ытык иэһин төлөөн кэлбитэ. 1984 сыллаахтан механизированнай звеноҕа тырахтарыыһынан киирбитэ. 1987 сыллаахха олоҕун аргыһын Клара Семеновнаны көрсөн харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн таптал уотун уматан, дьоллорун холбоон ыал буолан, Ньурбаҕа көһөн киирбиттэрэ. Кинилэр икки – уоллаах кыыс оҕолоохтор. Оҕолор улаатан, билигин бэйэлэрэ үлэһит дьон. Клара Семеновна Ньурбаҕа «Кооператор» маҕаһыыҥҥа сэбиэдиссэйдиир.

Валентин киин сиргэ киирэн кылгас кэмҥэ эт сыаҕар үлэлээбитэ. 2002 сылтан Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тырахтарыыһынан киирбитэ. Ол кэннэ тэрилтэтин аата араас­таан уларыйан, 2009 сылтан «Якутлесресурс» тэрилтэ тырахтарыыһынан бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьар.

КӨХТӨӨХ КИҺИ

Валентин Акимович «СӨ Ойуур үөрэтээхтэрин уопсас­тыбалара» тэрилтэ чилиэнэ, «Якутлесресурс» тэрилтэ уонна Ньурбатааҕы филиал уопсас­тыбаннай олоҕун көхтөөх кыттааччыта. Итини таһынан Ньурба улууһа ыытар олох­тоох тэрээһиннэригэр, куонкурустарыгар үгүстүк кыттар. Ол курдук, Валентин Акимович тырахтарыыс эрэ буолбатах, кини улууһун нэһилиэнньэтин ортотугар ойууру баһаартан, араас буортулаах үөнтэн-кө­йүүртэн харыстыыр, баһаары утары өйдөтөр үлэни ыытар.

Үлэнэн дьолломмут киһи өрөспүүбүлүкэ ойуурун хаһаа­йыстыбатын сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрдэ. Кини үлэтигэр эппиэтинэстээх, ытыктабыллаах сыһыана, идэтийиитэ, үөрүйэхтэрэ, бииргэ үлэлиир дьонугар көмөтө, сэмэй майгыта ураты суолталаахтар.

ТУРУУ ҮЛЭҺИТ, ҮТҮӨ СҮБЭҺИТ

Биир идэлээхтэрэ кэпсииллэринэн, кини сатабылынан, мындыр өйүнэн, түргэн-тарҕан туттунуутунан ойуур хаһаа­йыстыбатыгар үлэлиир кэмнэригэр сүүһүнэн гектар ойууру, дэриэбинэлэргэ уот суоһаабытын быыһаабыт үтүөлээх.

Кини үлэлиирин тухары биирдэ даҕаны суол быраабылатын кэспэтэх, саахал тахсар быһыытын оҥорботох. Наар киниэхэ туттарыллыбыт тиэхиньикэни кичэллээхтик тутар, көрөр-харайар. Күнү быһа тимир көлөтүн кытары тустар. Өр сылларга ойуур хаһаа­йыстыбатыгар үлэлээбит буолан, баһаары кытары охсуһар уонна мас соҕотуопкатын тиэхиньикэтин туһаныыны баһылаабыт улахан уопуттаах. Онон эдэр үлэһиттэргэ холобур буолар, кинилэр ытыктабылларын ылар. Бииргэ үлэлиир дьоно дьоруойбут тулатыгар элбэх киһини түмэрин, бэйэтигэр тардар дьоҕурдааҕын, үтүө сыһыаннааҕын, дьиҥнээх уһуйааччы, сүбэһит буоларын бэлиэттииллэр.

«Валентин Ефремов элбэх көлүөнэ тырахтарыыстарга уһуйааччынан буолар, сыл аайы ойуур баһаарын умуруорууга сылдьар. Уһун кэрэхсэбиллээх олоҕун уонна өр кэмнээх үлэтин уопутунан барыбыт ытыктабылын ылар. Кэлэктииппит олус сыаналыыр, кининэн киэн туттар. Валентин Акимович олус сэмэй, холку, үлэһит киһи», – диэн «Якутлесресурс» салалтатыгар Валентин Ефремовы үтүө тылынан ахталлар.

ЫАРАХАНТАН ЧАҔЫЙБАККА

Салалтаҕа кэпсээбиттэринэн, тырахтарыыс 2018-2021 сылларга 15 602,9 га иэннээх 47 ойуур баһаарын умуруорууга сылдьыбыт. Онтон 2022 сыл­лаахха Сунтаар уонна Мииринэй улуустарыгар икки улахан баһаары тохтотуспут. Валентин Акимович үлэ-олох үөрүйэхтэригэр күүстээх ирдэбиллээх, аһара эппиэтинэстээх, тирээн турар кыһалҕаны бы­­һаарарга ураты көрүүлээх киһи диэн бииргэ үлэлиир дьоно сыаналыыллар.

Оттон бэйэтэ үлэтин-хамнаһын туһунан маннык кэпсиир: «Үлэ кэминэн баран иһэр, ойуурга билиҥҥитэ ба­­һаар куттала суоһаабат. Биһиги сааскы, кыһыҥҥы өттүгэр тиэхиньикэлэрбитин көрүнэбит, өрөмүөннүүбүт. Сайынын ойуур баһаарын утары үлэҕэ сылдьабыт. Баһаардары умуруорабыт. Баһаар үгүстүк дьон сыыһа-халты туттуутуттан тахсар. Ардыгар чаҕылҕан маһы охсон уматыан да сөп. Онон дьон тыаҕа тахсарыгар сэрэнэн сылдьыан наада», – диэн кэп­сээтэ Валентин Акимович.

КЭПСЭТИИБИТ ТҮМҮГЭР

Ыччакка тугу этиэҥ этэй диэн ыйыппыппар, «үчүгэй-куһаҕан үлэ диэн суох, эдэр дьон идэни сирбэккэ-талбакка үлэлиэхтэрин-хамныахтарын эрэ наада» диэн хоруйдаата. Дьэ, ити курдук, биһиги дьоруойбут, олус эппиэтинэстээх, туруоруллубут соругу эҥкилэ суох толорор, үтүө үлэһит киһи. Харытын ньыппарынаат, тимир көлөтүгэр оло­роот, үлэ үөһүгэр түһэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, уу-чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

9 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago